Бүлүү улууһун Иккис Күүлэт нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үбүн Министиэристибэтэ ыытар «Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама» (ППМИ) куонкурсу ааһан араас үлэлэри ыытан кэллибит. Ол курдук быйыл эмиэ бу бырагыраамаҕа бырайыак быһыытынан, нэһилиэнньэттэн этиилэр киирдилэр:
- Кыайыы скверин саҥардыы;
- Спортивнай былаһаакканы саҥалыы оҥоруу.
Куоластааһын түмүгүнэн, нэһилиэннэ элбэх куолаһы биэрэн спортивнай былаһаакканы саҥардыыга киирсэр буоллубут.
Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэкпит чэчирии сайдарын туһугар бу бырагыраамаҕа кыттарга ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ (мунньахтарга, ыйытыкка) кыттыбыттарын иһин махталбытын тириэрдэбит.
Нэһилиэк дьаһалтата.