Эдэр хамаандалары кытта  олус интэриэһинэй күрэхтэһиигэ кытынныбыт

Бүлүүгэ П.Х.Староватов аатынан кыраайы үөрэтэр музей коллектива, куорат оборонатын 102 сылыгар аналлаах, «Хохочой — память на века» диэн автодесант күрэҕин 15-с төгүлүн үрдүк тэрээһиннээхтик ыыттылар.

Манна 5 киһиттэн састааптаах, барыта 10 хамаанда кытынна. Сыроватская Сардаана Иннокентьевна көҕүлээһининэн, «Иэйии» кулууппут коллекционердарын бэтэрээннэрэ, Петрова Ирина Егоровна хамандыырдаах көхтөөхтүк кытынныбыт.

Ол курдук, 12 тэрилтэлэринэн, музейдарынан  массыынанан  сылдьан Хохочой комсомолец- буойуттарыгар аналлаах араас, интэриэһинэй боппуруостарга эппиэттээн, диктант суруйуутугар, экспонаттары таайыыга, граната быраҕыытыгар, автомат хомуйуутугар, сыал ытыыга, таҥныыга, картанан көрдөөһүҥҥэ, компьютерынан суол быраабылатыгар эппиэттээһиҥҥэ күрэхтэстибит. Күрэхтэһии барыта бириэмэҕэ ыыттылар. Эдэр хамаандалары кытта  олус интэриэһинэй оонньуулаах күрэхтэһиигэ кыттан, биһирэбил бирииһи ылан, кыттыыны ылбыппытыттан дуоһуйа астынныбыт.

Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар:
1м —  «Красные» хамаанда (ТЦ Сити-лайн):
2м — ОДьКХ хамаандата;
3м — «Милосердие» (Сосновка) хамаанда.
Хамаандаларга улахан аҥардара эдэр ыччат кыттыбытыттан олус үөрдүбүт. Эдэр көлүөнэ историяны интэриэһиргээн, үөрэтэн, билэ-көрө сатыыллара кэрэхсэбиллээх. Инникитин да историябыт хайысхатынан ыытыллар араас тэрээһиннэргэ  кыттыылара элбии, билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥии туруохтун.
Кыайыылаах хамаандаларга эҕэрдэ! Инникитин да өссө элбэх ситиһиилэнэ турун.

Надежда Парникова, Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ общественнай хамсааһын бэтэрээнэ, СӨ «Народное признание»,»За вклад в развитие культуры и искусства г. Вилюйска» бэлиэлэр хаһаайкалара.

Читайте дальше