Чочуга «Күнчээнэ» уһуйаан үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Сэтинньи 29 күнүгэр Чочу нэһилиэгэр «Үрүҥ Уолан» сынньалаҥ киинигэр «Күнчээнэ» уһуйаан 65 сыллаах үбүлүөйдээх биэчэрэ буолан ааста.

Уһуйаан 1959 с. тэриллибитэ, бастаан 25 оҕо сылдьыбыта. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Корякина Анастасия Дмитриевна сүүрэн-көтөн арыйбыта. Кини кэнниттэн Васильева Сусанна Дмитрьевна, Афанасьева Мария Трофимовна салайбыттара. Мария Трофимовна уһуйаан иккис дьиэтин туттаран үлэҕэ киллэрбитэ. Билигин сэбиэдиссэйинэн 32-с сылын үлэлии сылдьар Альбина Михайловна Николаева.
Билигин уһуйаан 27 үлэһиттээх, 47 оҕо сылдьар. Араас күрэхтэргэ кыттан Россияҕа, Саха сиригэр, Бүлүү улууһугар, нэһилиэккэ бастыҥнар истэригэр сылдьар. Төрөппүтү кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Олохтоох дьаһалтаны, тэрилтэлэри кытта биир сомоҕо буолан нэһилиэк сайдыытыгар кылааттарын киллэрэллэр. Тапталлаах уһуйааммыт төрөөбүт күҥҥүнэн!

Альбина Николаева суруйуута, хаартыскалара.