Өкүндүгэ Хомус күнүгэр үгэс быһыытынан сылын аайы ыытыллар тэрээһин быйыл даҕаны үрдүк таһымҥа ааста.
Ол курдук Мундуйа эбэҕэ сэттэ үйэ тухары тэнийбит мас, тимир, көмүс ууһа, хомус оҥорооччу, Өкүндүттэн төрүттээх Иван Федорович Захаров туһунан кини олоҕун билиһиннэриини СӨ үөрэҕириитин туйгуна, музыка учуутала, оҕолору фольклорга дьарыктааччы Анна Васильевна Мандарова олус интэриэһинэйдик ыытта. Кини тутта сылдьыбыт, бэйэтэ уһанар тэрилин уктарга оҥостубут мас холбуката күн бүгүнүгэр диэри үөрэтиигэ сылдьар.
Бу күн хомусчут оҕолор хомустаан иһитиннэрдилэр. Оскуола үөрэнээччилэрэ хомус абылаҥнаах тыаһын дуоһуйа-астына иһиттилэр. Маны тэҥэ күн аҥаарыгар, олохтоох хомус уһанааччы Валерий Алексеевич Михайлов дьиэтигэр баран, кини хайдах хомуһу оҥорорун, уонна хас сааһыттан дьарыктаммытын туһунан оҕолорго истин- иһирэх тылынан интэриэһинэйдик кэпсээн улахан сэҥээриини ылла.
Хомус күнүн “Кэнчээри” оҕо иитиллээччилэригэр баран түмүктээн кэллибит. Оҕо садын иитээччилэрэ үөрэ-көтө көрүстүлэр. Сахалыы таҥастарын сайбаччы кэтэн, дьиҥнээх үчүгэй үөрүүлээх көрсүһүү буолла. Оҕолор төһө да кыра буоллаллар, олус интэриэһиргээн сэргэх истээччилэр буолан биэрдилэр. Оҕолор хомустаан боруобалаан көрдүлэр, тыас таһаартаран кырачааннар олус диэн астыннылар.
Анна Мандарова, Өкүндү.