Аҕам үөрэҕэ

Аҕам, Иванов Василий Филиппович,

судургу, көнө уонна бүгүрү үлэһит киһи

сырдык аатыгар аныыбын.

Ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар аҕам

төрөөбүтэ 100 сылын туолбута.

Күнүс түүнү, түүн күнүһү кытта силбэһиитин бүппэт эргиирин курдук, күн-дьыл иҥнэн турбакка, тохтообокко ааһара, дьэ, түргэнэ сүрдээх. Орто дойдуга олоҕун түмүктээн, аҕам барахсан анараа дойдуга барбыта номнуо бэһис сыла буолбут. Кини тоҕус уон төрдүс хаарын уулларар сылыгар сытан хаалбыта уонна кутаа уота сыыйа сөҕүрүйэн умулларын курдук күн сириттэн барбыта. Аҕабын бандьыыт дьыл төрөөбүт уол дииллэрэ үһү, ол аата 1922 сыл. Сурукка киирбитинэн 1923 сыллааҕы, биир сыл балыттарыылаахпын диэччи аҕам.

Тохсунньу томороон тымныыта сатыылаан турдаҕына, Баһылайап таҥара күнүн чугаһыгар, Бэс күөлэ диэн сиргэ дьонум от сии тахсан олордохторуна, хаар балаҕаҥҥа төрөөбүт үһүбүн диэччи аҕам Баһылай. Сыбаҕа суох балаҕаны быстах кэмҥэ олорорго анаан халыҥнык, төгүрүччү хаарынан хайаллар эбит, ол аата хаар балаҕан.

Сайылыкка ыаллара, соҕотох уоллаах Маарыйа, уолбар доҕор оҥостуохпун Баһылайы миэхэ аҕалыҥ диэбитин, аҕам дьоно элбэх оҕолоох буоланнар, өс киирбэх уолларын, алта саастаах Баһылайы, иитиэххэ биэрбиттэр. Үтэһэҕэ анньан көмүлүөк оһох уотугар лэппиэскэ буһаран сиэтэн, оргуйбут үүт иһэрдэн баран, ийэм Огдооччуйа көхсүгэр сүгэн Маарыйаҕа таһааран биэрбитин чуолкайдык өйдүүбүн диэччи аҕам.

Маарыйа эмээхсин уола Тоҥонох Ньукулай  ыал буолбут киһи, кэргэнэ Кэчиинэ. Оҕоломмотохтор, ол иһин ийэлэрэ Маарыйа иитиэххэ оҕо көрдөөбүт.

Аҕам оҕо сааһа 1920-с сылларга уонна 1930-с сыллар саҕаланыыларыгар ааспыт. Ииппит эбэм Маарыйа ынахтыын сылгылыын алта уонча сүөһүлээх буолааччы. Маарыйа эмээхсиҥҥэ уон икки ынах төрөөтөҕүнэ, уон икки ньирэй муннулара да тыбыырбакка кыстыкка киирээччилэр. Онтон сорох ыаллар уон ньирэйтэн биэһин тутан хаалааччылар. Сайын аайы эбэм отугар икки киһи үлэлэһээччи, Охсутуой уола Игиидэй уонна Чэҥкээлэй Эҥиэнтэй диэн дьон. Окко киириэх иннинэ уонна от үлэтин ортото сүөһү охторторон, эбэм Маарыйа үлэһиттэрин харалааччы. Эбэбин батыһа сылдьан сэттэ сааспыттан от охсор буолбутум диэн кэпсээччи аҕам. Ити кэмтэн аҕам 87 сааһыгар диэри илии хотуурунан от охсубута.

Аҕам мындыр уонна сылык киһи этэ. Сахалыы төрүт  уонна умнулла быһыытыйбыт тылларын элбэҕи билэрэ уонна туттара. 1990-с сыллар бүтүүлэригэр, ыам ыйын бүтэһик күннэригэр, уулаах ынах үөрдэрин кытта кэлбэтэҕэр, бэскэ, Сааһаабыт диэн сиргэ, сүөһү көрдүү бардыбыт аҕабын кытта. Ол онно сылдьан, сөкү быыһыттан үгүрүө көтөн тахсбытынан сирдэтэн, уйатын буллум. Сымыытын ахсаанын мыынан, үлтү түһүөх буолан дэлэҕэ да Таҥараны куттуо дуо, үгүрүө, дулҕа төбөтүгэр чөкө уйаҕа үс эрэ эриэн сымыыт сытара. Аҕам тэйиччи туран: — Көтөр уйатын таһыгар уһуннук турума. Көтөр салыйыа, — диэтэ. Уйаттан тэйэн баран, аҕабыттан ыйыттым: — Ол салыйара диэн тугуй? — диэн. Ол аата көтөр тэһииргээн уйатын быраҕан барар, уйатыгар төннүбэт диэн быһаарда аҕам.

Салыйар түөлбэ тыл булуон сөп диэн, түмэлгэ түөрт уонча сыл үлэлээбитим усталаах туоратыгар остуол кинигэтэ оҥостубут Э.К. Пекарскай тылдьытын көрбүтүм, салыйар диэн тыл баар. Быһаарыыта аҕам эппитин курдук, көтөр уйатын хаалларарын бэлиэтиир тыл. Г.Ф. Сивцев  1979 сыллаахха тахсыбыт «Сахалыы кылгас тылдьытыгар» салыйар тыл эмиэ баар, «сымыыттаан сытар чыычааҕы, уйатын тыыттахха, салыйан, уйатыгар кэлбэт буолан хаалар» диэн быһаарыыта.

Төһө да Бүлүү куорат ыаллара буоллаллар, дьонум биэс уонтан тахса сыл сүөһү туппуттара. Ол дьарыктарын мин салҕаан, сүүрбэ сыл сүөһү ииттибитим. Аҕам тэрилтэ үлэтиттэн букатыннаахтык уурайан баран, көлүүр оҕустанан, ону-маны кыраны тиэнэр, таһынар буолара. Ол ииттибит оҕустарыттан биир оҕуһу, оҕуһум илин өрүөннээх,  тардыылаах буолар ини диэччи. Ыйыппытым эмиэ илин өрүөннээх диэн тугун. Ол аата илин өттө, арҕаһа үрдүк, модьу диэбитэ аҕам. Кэлин өйдөөтөхпүнэ, ити билигин Буотамаҕа аҕалан иитэр омук сүөһүлэригэр моһуоннаах, илин өттө өрө сүгүллүбүт оҕуһу сахаҕа илин өрүөннээх диир эбиттэр. Бу тыл саха тылдьыттарыгар суох. Туттуллубат тыл буолбута  эбитэ дуу, түөлбэ тылга киирэрэ дуу.

Орооһооспо, Баһылайап, Кириһиэнньэ, сүллүүкүттэр тахсыыларын, киириилэрин туһунан сэбиэскэй кэм алта уонус сылларыгар, ити бэлиэ күннэр ахтыллыбат буолбут кэмнэригэр, эмиэ аҕабыттан истибитим.

Ороһооспо күн оһох иннигэр күөх оту киллэрэн тэлгээччилэр, онно төкүнүйэ оонньуур буоларым.Идэһэ сүөһү төбөтүн ириэрэн,  түүтүн көмүлүөк уотугар сиэтэн кэриэтээн, ортотунан сүгэнэн хайа охсон аҥарын буһараллара, аҥарын Баһылайапка уураллара. Аҕам бу кэпсээниттэн сирдэттэхпинэ, сахаҕа сүөһү төбөтө  бэлиэ күннэргэ эрэ сиэнэр мааны аһылык буола сылдьыбыт кэмнэрдээх эбит. Ханнык баҕар дьиэ сүөһүтүн төбөтүн мааны аһылык оҥостуу түүр тыллаах омуктарга киэҥник тэнийбит майгы.

Үлэһит сүллүүкүттэр эбэтэр хамначчыттар диэн буолара, тохсунньу 12-тэн 13-с түүнүгэр тахсаллар, онтон 13-тэн 14-с  түүнүгэр  сүллүүкүттэр барыоҕолуун кырдьаҕастыын көһөн күүгүнээн тахсаллар диэччи. Тохсунньу 14-тэн 19-гар диэри күннэри, ол аата Баһылайаптан Кириһиэнньэҕэ диэри хонуктары, аҕам Оонньуулар кэмнэрэ диэн ааттааччы. Оонньуулар кэмнэригэр халлаан хайаан да тымныйар диэччи. Оонньуулар кэмнэригэр ыалбыт уолаттара Мырҕайдаах эҥин, түү истээх соннору иһин тас өттүгэр гына кэтэн хайаан, сирэйдэрин саптан киирэннэр, балаҕан иһинээҕи дьону дьээбэлээччилэр. Тахсыбыттарын кэннэ, кимнээх киирэ сылдьыбыттарын дьонум киэһэни быһа мөккүһэ таайар буоллаллара, кэпсээччи аҕам.  

Ороһооспо күн киэһэ, эбэм Маарыйа мэлдьи күлүүстээх кыра хоппотун арыйан, саахар таһааран, кыра гына тойон, балаҕаҥҥа баар дьоҥҥо барыларыгар түҥэтээччи. Хоппотуттан кыра саппыйа хостоон, ону арыйан араас дьүһүннээх, кылабачыгас таастары көрдөрөөччү. Ол таастары эбэм Маарыйа «Эдьигэн таастара» диэн ааттааччы.  

Сүллүүкүттэр киирэр түүннэригэр халлаан  тымныыта сымнаан,  былытырар уонна хайаан да кыраһалыыр. Ол аата сүллүүкүттэр суолларын сабар, халлаан. Олус ардахтаах эбэтэр кураан эҥин дьыл кэлиэх буоллаҕына, халлаан сүллүүкүттэр суолларын саппат диэччи аҕам. Кэлин сааһыран олорон, аҕам ити эппит сылыгын кэтээн көрбүтүмүүт-маас сөп түбэһэр эбит этэ.

Аҕыспын туолар сайыммар, аҕам тэрилтэ үлэтиттэн кэлэн, тэлгэһэтигэр үлэлии сырыттаҕына, батыһа сылдьан көрдөһөн, нөҥүө күнүгэр биир көс кэриҥэ ыраах сиргэ, оттук мас кэрдиитигэр барсыбытым. Кэлэ бара сатыы сылдьабыт. Аҕам сүгэнэн кэрдэн мас охторор, лаабаларын  солуур. Мин лабаалары хомуйан чохчолуубун уонна охтубут мастары туора эрбиинэн бысталыырга эрбии тутааҕа тутабын. Бысталаммыт мастарбытын долгучуок диэн ааттыырбыт. Дрова-долготье диэн нуучча тылыттан буолуо.

Оччолорго нэдиэлэҕэ биир өрөбүл күнэ, онон өрөбүл аайы сай устата маспытыгар сырыттыбыт. Онтон атырдьах ыйыгар уоппуска ылан, аҕам отугар таҕыста, өрүс уҥуор. Миигин туһа киһитэ буолбут диэтэ быһылаах, биир биэс саҥата суох отугар илдьэ барда. Онон аҕыс сааспыттан отчут буолбутум.

Ииппит эбэтэ Маарыйа үөрэппит үөрүйэҕинэн аҕам оту бугуллуура.  Ол бугуллааһын уратыта диэн мунньуллубут оту биэс сиргэ чөмөхтөөн, киһи атаҕа сири билбэт буолуор диэри от уура уура чөмөҕү дьиппинитэн тэпсэн баран, үс хас тутум уһуннаах үс-түөрт маһы сиргэ анньан, ол чороохторго биэс чөмөҕү үрүт үрдүгэр ууран бугулу туруорааһын буолар. Ол аата биир бугул биэс атырдьахтааһын тэпсиилээх оттон оҥоһуллар. Түгэҕэр чороох маһа суох буоллаҕына, уһуннук турбут бугул тэллэҕэ түүнүгүрэр.

От мунньа сылдьан ибиир, сиппэрэҥ ардах түһэн бардаҕына, кыраабыл баҕа илийиэр диэри от мустарааччы аҕам. Кыраабыл баһа илийэн хараарда да, оту  мунньан бүтүҥ диэн буолара.

Тыаллаахха бугуллары усталыы үтэһэ маһынан курдары анньарбыт, сууллубатыннар диэн.  Синньигэс талахтартан кыһылллыбыт, биэс уончаүтэһэ мастаах буоларбыт. Ол бугуллар турбутунан дьиппинийэн аллараа түспүттэрин кэннэ, от кээһэрбит. Тыал-куус сахсыйдаҕына, ардах мииннэҕинэ бугул дьиппинийэр диэччи аҕам.

Саха уон тохсус үйэтээҕи олоҕун-дьаһаҕын, саха уопсастыбатын туһунан «Якуты»   диэн  кинигэтигэр В.Л. Серошевскай сахалар бугуллаабыт бугуллара лаппа дьиппинийбитин кэннэ отторун кээһэллэр диэбит этэ.

40 тэпсиилээх бугулунан биир сүөһү кыстыыр, мин бугулум ыйааһына 2 буут буолуо диэччи аҕам. Ол аата 32 киилэ, аныгы кээмэйинэн. Онон аҕам бугулунан ааҕан оттооччу. Алта уонус сылларга, дьонум ньирэйдээх ынах эрэ ииттэллэригэр, сүүстэн кыратык тахса бугулу оттуурбут. Кэлин мин бэйэм сүөһү тутарбар, эмиэ бугулунан ааҕан оттообутум.

Үөһэ ахтыллыбыт  кинигэтигэр В.Л. Серошевскай саха быһа холоон биэс уон бугулунан биир сүөһүнү кыстатар диэн суруйбуттаах.

Өрүс уҥуор оттоон бүтэн баран, бэскэ, Быһыттаах диэн күөл кутатын отун оттооччубут, күһүөрк сайын. Ол күөл кутата буруһуна ороҥҥо хаама сылдьар курдук күөгэҥнэс буолааччы. Ити күөлгэ оттуурбутугар  кута хараҕа, кута арала диэн тыллары аҕабыттан аан бастаан истибитим. Кута хараҕа диэн биир кэлимсэ кута ортотугар баар буолар тэһэҕэс. Онтон кута арала диэн кытаанах кытыл уонна кута икки ардынааҕы уулаах аһаҕас.Кытылтан кутаҕа киирэргэ, кута аралыгар далаһа быраҕан сылдьыллар. Кутаҕа үктэнниҥ да, биир сиргэ уһуннук турбаккын, кута аллара бара турар айылҕалаах, онтон быстыан сөп. Ол иһин кута отчута наар хамныы сылдьар.

Сүөһү кыстыкка киирбитэ иккис эҥин ыйыттан саҕалаан, аҕам сүөһүгэ  аһатар отун кээмэйин сыыйа кыччатан иһээччи. Ол аата сүөһү иһин кыччатыы диэн. Оннук дьаһаннахха, сайы быһа иһэ ыларынан аһаабыт сүөһү, иһэ сыыйа тардан кыра да окко сөп буолар, тотор. Аҕам сүөһүлэрин истэрэ, сааскыга тиийэн сүүрүк аттар истэрин курдук тарпыт буолааччы. Кэлин мин сүөһүлэммитим кэннэ, аҕам мэлдьи ыйытар этэ:Хайа, сүөһүлэриҥ истэрин кыччатан саҕалаатыҥ дуо? – диэн. Бастаан сүөһү ииттэрбэр сүөһү иһин кыччаттыыны сатаабакка, кыайбакка эрэйдэммиттээҕим.

Сүөһү иһин кыччатыы диэн ааттаан, аҕам сүөһү итиитин төрүт былыргы сахалыы ньыманы илдьэ сылдьыбыт быһылаах диэн сабаҕалыыбын. Саха сүөһү иитиитигэр ураты ньымалардаах буолан, тыйыс халлааннаах Саха сиригэр үйэлэргэ сүөһү иитэн кэллэҕэ.

Аҕам  саҥарарыгар дьүһүннүүр тыллары элбэҕи туттааччы. Холобура: хааман сөлүөҥнүүр – сэниэтэ суох хаамыы, хааман өтүөскэйдэнэр – түөһүн мөтөтөн хаамар киһи, сүүрэн орохоччуйар – куобах дуу, кыра ыт дуу сүүрэр, сүүрэн туорайданар – уһун хатыҥыр киһи икки өттүгэр иҥнэҥнээн сүүрээһинэ, саҥаран бөтүгүрүүр – түргэнник уонна бүтэҥитик саҥарар киһи, саҥаран быллыгырыыр – чуолкайа суох саҥалаах киһи.

Мин икки кыыстаахпын. Кинилэр сүөһү туппаттар буолан баран, илии хотуурунан от охсуутуттан саҕалаан, от күрүөтүн тутуутугар тиийэ от үлэтин билэллэр, сатыыллар, үөрүйэхтэр. Сүөһүгэ сыстаҕастар, ынаҥы ыыллар. Иккиэн үрдүк үөрэхтээхтэр, иккилии омук тылынан холкутук саҥараллар. Саха тылын уратыларын, дэгэттэрин үчүгэйдик билэллэр. Бэйэлэрин санааларын сахалыы ыраастык суруйан дьоҥҥо тиэрдэр эргиччи кыахтаахтар.

Сергей Иванов, Бүлүү куорат.

Читайте дальше