Афанасий Харлампьев салалтатынан Лөкөчөөҥҥө үлэлиир «Тускул» бааһынай хаһаайыстыба Бүлүү улууһугар элбэх сүөһүнү тутар, үрүҥ илгэни астыыр, эти, арыыны оҥорон таһаарар биир бөдөҥ хаһаайыстыбанан буолар. Хаһаайыстыба үүтү астыыр сыаҕар Бүлүү, Дьокуускай курдук куораттарга дьон сөбүлээн хамаҕатык атыылаһар бастыҥ суоратын, сүөгэйин, ынах арыытын, сыырдарын оҥорон таһаараллар.
Афанасий Кузьмич өссө 2000 сыллар саҥаларыгар «Тускул» бааһынай хаһаайыстыба тэриммитэ. Хаһаайыстыба атаҕар турарыгар, элбэх ынах сүөһүнү тутарыгар, үрүҥ аһы астыырыгар Афанасий Кузьмичка кэргэнэ Марианна Егоровна көмөлөспүтэ. Үлэҕэ кыра эрдэхтэриттэн сыһыарбыт уолаттара Кузьма, Максим уонна Гаврил төрөппүттэригэр күүс-көмө, бигэ тирэх буоллулар, аныгы кэм дьоно саҥа сүүрээннэри киллэрэллэр.
Максим үрүҥ аһы астыыр «Туйгун-Ас» кэпэрэтиип салайааччыта, Саха сиригэр, Бүлүү улууһугар биир бастакынан сыыр оҥоруутун баһылаабыта. Дойдуларыгар үчүгэй оттуур сирэ-уота суох буолан, «Тускул» бааһынай хаһаайыстыба Өлүөнэ арыыларыгар оттообута быданнаата. Сылын аайы 350-400 т оту бэлэмнээһини Кузьма салайар, хаһаайыстыба тиэхиньикэтин дьаһайар. Күннэтэ хотоннору көрүү, астыыр-үөллүүр сыаҕы хааччыйыы, тиэйии-таһыы үлэтэ Гаврил эппиэтинэһигэр сылдьар.
Афанасий Кузьмич ааспыт быыбардар тустарынан, тыа сирин дьоно РФ Бэрэсидьиэнинэн Владимир Путины таларга биир санаанан салайтарбытыгар санаатын үллэһиннэ:
— Саха сирин быыбардааччыларын 87,8 % Владимир Путиҥҥа куоластаатылар. Бүлүү улууһа быыбарга кыттыыга Саха сиригэр 7 миэстэҕэ, Владимир Путины таларга 92,06 % куолаһы биэрэн 5 миэстэҕэ тахсыбыта биһигини үөрдэр. Биһиги Лөкөчөөммүтүгэр Владимир Путиҥҥа 216 киһи куоластаата, быыбарга кыттыбыт дьонтон 90 % куоластарын киниэхэ биэрдилэр. Саха сиригэр 21 улууска быыбардааччы 90 % Владимир Путиҥҥа куоластаабыта элбэҕи этэр дии саныыбын.
Быйылгы быыбарга Владимир Путины тоҕо күүскэ өйөөтүлэр? Кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар, тыа сиригэр биллэр-көстөр уларыйыы тахсан эрэрин тыа сирин дьоно-сэргэтэ билэ-көрө сылдьар. Тыа сирин дьоно араас бырагыраамаларга киирсэн өйөбүлүнэн туһаналлар. Тыа сирин сайыннарыы туһунан элбэх кэпсэтии тахсар, биһиэхэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһын быйылгы отчуотугар ити туһунан эмиэ кэпсэппиппит.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар өрөспүүбүлүкэ уонна улуус бүддьүөттэриттэн субсидия нөҥүө көмөнү ыла олороллор. Быйылгы сылга Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын тутуу сыаната үрдэтиллибитин биһириибит.
Хаһаайыстыбабытыгар 72 ыанар ынаҕы тутабыт, уопсайа 135 сүөһүлээхпит. Былырыын 10 тахса мөл. солк үүт харчытын ылбыппыт. Өссө элбэх ыанар ынаҕы тутаары хотон тутта сылдьабыт. 100 ыанар ынах киирэр хотонун көҥдөйө бүтэн турар, муостатын бетона кутуллубута. Билигин элбэх кээмэйдээх иһинээҕи, таҥыы үлэтэ кэтэһэр. Хотоммутун ситэрэргэ былаастан күүс-көмө эрэйэбит.
Тыа сиригэр кэлиҥҥи сылларга тутуу барар. Лөкөчөөҥҥө оҕо уһуйаанын, кулууп, ФАП дьиэлэрэ, кыбаарталлааҕы хочуолунай тутулуннулар, ааспыт күһүн бөһүөлэкпит 1 км тахса уһуннаах киин уулуссата аспаалынан бүрүлүннэ.
Биһиги оскуола саҥа дьиэтэ тутулларын, федеральнай трасса нөҥүө сытар саҥа микро-оройуоҥҥа киин ититии ситимэ тиэрдиллэрин туруорсабыт. Өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
Тыа сирин дьоно-сэргэтэ кэлиҥҥи сылларга ыытыллар үлэни көрөн-истэн, көмөнөн да туһанан, СВО ыытылла турар уустук кэмигэр дойдубут баһылыгын Владимир Путины тула түмсэн, ааспыт быыбарга саамай сөптөөх быһаарыныыны ыллылар диэхпин баҕарабын.
Николай Куприянов.