Агрооскуолалар салгыы сайдалларыгар туһуламмыт форумҥа аммалар көхтөөх кыттыыны ыллылар

Москва куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы  агро хайысхалаах оскуолалар дириэктэрдэрин уонна агрокылаастар салайааччыларын үөрэтэр форумнара буолан ааста. Бу улахан форумҥа  Амма улууһуттан үс оскуола дириэктэрдэрэ баран көхтөөх кыттыыны ылан кэллилэр.

“Дойдубут Бэрэсидьиэнэ  Владимир  Путин бэйэбитин толору хааччынар инниттэн оҥорон таһаарыыны үрдэтэр,   тыа хаһаайыстыбатын күүскэ сайыннарарга туһуламмыт хас да хайысхалары ыйбыта. Онтон биирдэстэрэ агроскуолалар статустарын өрө таһаарыы буолар. Ол чэрчитинэн бу форум Дойду таһымыгар ыытылынна. Манна үс агроскуола дириэктэрдэрэ кытынныбыт. Ол курдук Абаҕаттан Людмила Кимовна Александрова, Мээндигиттэн Иосиф Константинович Софронов уонна мин.

 

Барыахпыт иннинэ  улууспут дьаһалтата, “Россельхозбаан” Амматааҕы филиалын салайааччыта Анна Михайловна Макарова  сүбэ — ама буолбуттара.  Форумҥа бастаан тиийээппитин  36 чаастаах  «Организация агропроектной и исследовательской деятельности»  диэн эбии үөрэх ыытыллыбыта. Бу Форуму “Россельхозбаан” АО Судаарыстыбаннай Дума аграрнай боппуруостарга сис кэмитиэтин, Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа сирин ыччат сойууһун  уопсастыбаннай тэрилтэтин, Арассыыйа агрооскуолаларын Ассоциациятын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин уонна Патрис Лумумба аатынан Арассыыйа норуоттар доҕордоһууларын университет аграрнай-технологическай институтун кытта  тэрийэн ыытта. Сүрүн сыалынан агро хайысхалаах бырайыактары уонна чинчийэр үлэлэри үрдэтии буолар. Форумҥа Арассыыйа  араас муннуктарыттан агро оскуолалар уонна агро кылаастар уопуттарын кэпсээтилэр. Манна Саха сирин уопутун олус сэргииллэр эбит. Тоҕо диэтэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр агрооскуолалар тэриллэн үлэлээбиттэрэ номнуо 35 сыл буолла. Онон биллэн туран уопуппут атын регионнарга холоотоххо быдан баай буоллаҕа дии.

 

Форум кэмигэр судаарыстыба, биисинэс уонна үөрэх тэрилтэлэрэ буолан 3 блокка үлэлээбиппит. Мин оҥорон таһаарар тэрилтэлэр оскуолаларга хайдах көмөлөһөллөрүн бэркэ сэргии иһиттим. Кинилэр оскуолаҕа кэлэн  лабораториялары тэрийэллэр, оскуола материальнай-техническэй базатын хаҥатарга көмөлөһөллөр, оҕолорго хамнас төлүүллэр эбит.  Ону таһынан оҕолор үөрэххэ баралларыгар тус сыаллаах миэстэ биэрэн, ону төлүүллэр. Ол оҕолоро төттөрү үлэлии кэлэллэр. Үөрэнэр кэмнэригэр бэл стипендия кытта аныыллар эбит.  Форум кэнниттэн А. С. Макаренко аатынан  күрэх тэрээһинигэр кыттыыны ыллыбыт, Арассыыйа уопсастыбаннай  палататыгар сылдьан бэйэбит  нэһилиэктэрбит тустаах боппуруостарын туруорсан сүбэлэттибит. Москваттан кэлэн баран  мин олохтоох дьаһалта баһылыгын Алексей Николаевич Никитины  уонна “Россельхозбаан” Амматааҕы филиалын кытта бииргэ үлэлэһэргэ Сөбүлэҥ түһэристим.

 

Дьокуускай куоракка  айылҕа харыстабылын Министиэристибэтигэр сылдьан  сир боппуруоһугар консультация ыллым. Ону сэргэ дойдубар  “Бөтүҥ” ТХПК  бэрэссэдээтэлин Дмитрий Степанович Левины кытта  көрсөн  оҕолору улэлэтэргэ, сайыҥҥы лааҕыр тутуутугар сүбэлэстибит”, — диэн Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ агрооскуолатын дириэктэрэ Акулина Иванова Москваҕа сырыытын уонна ол кэнниттэн үлэ түмүктэрин сырдатта.

«Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше