Ахтабыт, саныыбыт Юрьевнаа!

Саас аайы тапталлаах куораппытын тупсарар үлэлэр, быйыл үбүлүөйдээх ыһыахха дьон өйө-санаата өрө көтөҕүллэн киэргэтии, сибэккии олордуутун хампаанньата күргүөмнээхтик бара сырыттаҕына Бүлүү куоратын женкомитетын салайааччытынан, Бүлүү куоратын Сэбиэтин депутатынан, “миэнэ-эйиэнэ” диэбэт умайа сылдьар общественник Любовь Юрьевна Мискяеваны санаан кэлэҕин. Дьокуускайга барыан иннинэ Бүлүүгэ бэйэтэ рассадалаан үүннэрбит сибэккилэрин Ийэ скверигэр илдьэн олордон көрөр-истэр,  уу кутан  бүөбэйдиир  этэ. Куорат бары да көстүүлээх сирдэригэр кини  үүннэрбит араас дьэрэкээн сибэккилэрэ куораты киэркэтэр, тупсарар этилэр. Күн аайы “Албан” Аат болуоссатыгар бэйэтэ үүннэрбит сибэккитин рассадатын ис сүрэҕиттэн дуоһуйа-манньыйа үөрэн туран көрөрүн-харайарын, уу кута сылдьарын көрөн: “Туох ааттаах суос соҕотоҕун уу кута сылдьаҕын? Атыттарыҥ ханна баалларый?” “Айыбыын, бүтүҥ эрэ баччалаах дьэрэкээн сибэккилэри хайдах харайыам суоҕай? Ис испиттэн бэйэм үөрэбин үүнэллэрин көрө-көрө”, — диэн саҥардааччыта суох.

Кындыл аатынан театрым көмөлөһөөччүтэ, артыыската, сүбэһитэ, испиктээкилгэ туох атрибут суоҕун киниттэн ыларбытын буолуохтааҕын курдук саныыбыт.

Юрьевна уруккутун курдук, хата, олорор, Дьокуускайга уокуругун эмиэ ситинник симээн, сибэккинэн киэргэтэн, араас общественнай хамсааһыннарга кыттарын истэбит.

Дьахтар общественнай хамсааһынын Бүлүү улууһугар, куоратыгар бастыҥ лидера Любовь Юрьевна, ахтар эйигин Ытык Бүлүү, чугас дьүөгэлэриҥ, доҕотторуҥ! Эйиэхэ чэгиэн-чэбдик туругу, саҥа үрдэллэри, ситиһиилэри, санаабытыҥ сатанан, толкуйдаабытыҥ тобуллан иһэригэр баҕарабыт!­

 Маргарита Соколова

уонна Кындыл театрын артыыстара.

Читайте дальше