Ахтар-саныыр мааны балтыбыт туһунан иһирэхтик

Балтым Прасковья Ивановна,  билигин баара буоллар сэттэ уон биэһин быйыл бэс ыйын 24 күнүгэр туолуо эбит. Биһиги,  сэрии иннинээҕи оҕолор, оччотооҕу колхуостаах кыаммат-түгэммэт кырыымчык олоҕун эппитинэн-хааммытынан билэн улааппыппыт. Ол да иһин Прасковья Ивановна, кэлин, улаатан үлэһит киһи буолан баран, кыраҕа-кыаммакка, кырдьаҕаска убаастабыллаах сыһыаннаах, кыһамньылаах салайааччы буола үүммүтэ.

Биһиги ийэлэрбит сүөһү көрүүтүгэр, аҕаларбыт кыһын булчутунан үлэлиир буоланнар Оҕотунунан, Бүөр Күөлүнэн, Кучаҕан Эйитинэн уо.д.а учаастактарынан олорбуппут. Ханна да буоларын курдук, кыра саха балаҕаныгар хастыы да ыал дьукаах олорор этибит. Ыаллар кырата иккилии-үстүү оҕолоох буолаллар этэ. Ол оҕолор убай-быраат, аҕас-балыс курдук санаһан улааппыппыт. Обургу оҕолор бары туһа дьоно: убайдарбыт кыһынын оҕуһунан от тиэйиитигэр, эдьиийдэрбит сүөһү үлэтигэр ыанньыксытынан, субай көрөөччүнэн үлэлииллэрэ. Кыһын дьоммут үлэлэригэр бараллара, оччоҕо дьиэҕэ биһиги, кыралар,  муҥур ыраахтааҕы буолан, таптаабыппытынан оонньоон-көрүлээн, мэниктээн күммүтүн барыырбыт.

Бороскуобуйа үс сыл балыс этэ да, миигиттэн таһынан көрүҥнээх, эттээх-сииннээх, кыратыттан бэйэтин лаппа кыанар оҕо этэ. Сайын устата элбэх моҕотойу, күтэри бултаабыт буолуохтаахпыт, аахпыт суох…

Кучаҕан Эйитигэр олорон биирдэ дьоммутуттан улаханнык мөҕүллэн турабыт. Сайын этэ, дьоммут субай сүөһүнү көрөн олороллоро. Паша бииргэ төрөөбүт быраатын Коляны оҥоруу салааскаҕа олордон тэлгэһэҕэ соһо сылдьаммыт, үөр сүөһү ортотугар хаалларан баран моҕотойу сырса тыаҕа  түһэн хаалбыт этибит. Ити сайын ортото буоллаҕа, кумаартан, күлүмэнтэн ороһуйбут сүөһүлэр быыкаа оҕону үлтү тэпсиэхтэрин сөбө. Тэлгэһэбитигэр төннөн кэлбиппит дьоммут өрө-таҥнары түһүү, биһигини көрдөөһүн бөҕө буолбуттар. Онно улахан киһи – мин лаппа мөҕүллүбүтүм быһыылааҕа. Коля 1953 сыллаахха сайын төрөөбүтэ, ол аата мин — 8, Паша 5 саастаах буолуохпутун сөп. Коля онно биирдээх оҕо.

Оскуолаҕа Хампаҕа үөрэнэ сылдьан балтым спорт араас көрүҥнэринэн утумнаахтык дьарыктаммыта уонна хайыһарынан сүүрүүгэ учугэй түмүгү ситиспитэ. Оройуоҥҥа киирэн миэстэлэһэр этэ.

Оскуола кэнниттэн хайабыт даҕаны үлэ, үөрэх, олох үөһүгэр киирэн, бэйэ-бэйэбитин сүтэрсэн кэбиспиппит. 1986 сыллаахха Кэбээйи Куокуйугар оскуолаҕа дириэктэрдии олорон, аҕам улаханнык ыалдьан, көһөн кэлэн, Бөкчөҥөө нэһилиэгэр сельсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Онтон ыла балтым Прасковьялыын олус истиҥник сыһыаннаһан, Бөтүҥүнэн, Тааһаҕарынан, Өкүндүнэн Кыһыл Сыырынан хардары-таары ыалдьыттаһан, кини бу дойдуттан букатыннаахтык барыар диэри алтыспыппыт. Ол мин бу дойдуга баарым тухары сырдык өйдөбүл буолуоҕа.

Прасковья Ивановна Скрябина үлэһит буолан салалта ханна ыытарынан баран, туруоруллубут сорудаҕы чиэстээхтик толороро. Ол сөптөөхтүк сыаналаммакка хаалла диэн санаалаахпын. 1986 сыллаахха сайын ортото Дьөккөҥҥө сельсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлии олордоҕуна, партиялааҕынан кыһарыйан, «Орто-Бүлүү» совхоз Тааһаҕардааҕы отделениетыгар тэрээһин үлэтэ тохтон, управляющайынан ыыппыттара. Дьэ манна Прасковья Ивановна тэрийэр дьоҕура, бэйэтин тула дьону түмэ тардара, саҥаны-кэскиллээҕи олоххо киллэрэрэ, дьон туһугар, кинилэр олохторун усулуобуйата тупсарын туһугар кыһамньыта чаҕылхайдык көстүбүтэ.

Мария Егоровна Харлампьева, Николай Тимофеевич, Розалия Егоровна Николаевтары, Татьяна Егоровна Каратаеваны, Татьяна Григорьевна Никитина уонна Эдьигээн улууһун баһылыгынан ситиһиилээхтик үлэлээбит Алексей Егорович Мандаровы кытта биир сүбэнэн үлэлээһин түмүгэр маһынан оттуллар котельнайдар конденсакка көһөрүллүбүттэрэ, производственнай объектар: хонтуора, хотоннор, гараж, социальнай суолталаах оҕо сада, рабочайдар олорор дьиэлэрэ тутуллубуттара. Алексей Егорович Прасковья Ивановнаттан дьону кытта үлэлииргэ элбэххэ үөрэммитэ буолуо диэн бэйэм бүччүм санаалаахпын.

Биһиги балтыбыт Паша, Прасковья Ивановна – тулуурдаах, дьулуурдаах, үлэһит бастыҥа, ханна да үлэлээбитин иһин ыарахантан толлубакка, бэйэтэ билэринэн, сатыырынан, кыаҕа баарынан чиэһинэйдик үлэлээн, олорон ааспыта. Хаһан да, ханна да буоллар, эйэҕэс-сайаҕас, кыраттан үөрүнньэҥ, аһаҕас дууһалаах этэ. Кини тугу да сатаабатаҕа диэн суоҕа. Бэркэ иистэнэрэ, баайара, кэлин оҕуруоччут бастыҥа, сир асчыта, тэллэйдьитэ этэ. Сайынын араас сибэкки олордон онтон дуоһуйууну ылара. Айылҕалыын алтыһарын олус диэн сөбүлүүрэ. Асчытын туһунан этэ да барыллыбат. Балтыбыт аһа олус да тотоойу, минньигэс буолара. Дэлэҕэ да баччааҥҥа диэри «Боскуойа бэрэскитэ» диэн биһиги дьиэҕэ дөрүн-дөрүн ахтыллан ааһар.  Сорох дьахталлар курдук мээнэ мөҕүттэ сылдьыбат, туохтан эмэ хомойдоҕуна, сөбүлээбэтэҕинэ биир-икки тылынан мас-таас курдук этэн кэбиһэрэ уонна онно эргиллибэтэ.

Күндү тапталлаах балтыбыт эдэрси сааһыгар орто дойдуттан барбыта олус хомолтолоох. Кини олоҕун салҕааччылардаах. Оҕолоро, сиэннэрэ кини аатын ааттатыахтара диэн эрэнэбит.

Убайа Иван Васильевич,

саҥаһа Елена Николаевна Даниловтар.

Өкүндү.