Чочулар куоракка киирэр айаммыт аартыга хаарбыт барахсан түһэн, кылбайа сытара, эчи үчүгэйин! Быйыл кураан, тыаллаах сайын буолан, сыбаалканы умаппыттара, хас да сылы быһа хаһыатынан, мунньахтарынан, суутунан туруорсан туруортарбыт сыбаалка профлиис олбуорун уот сиэн сууллан хаалбыта.
Биһиги, Чочу нэһилиэгин олохтоохторо, сыбаалка хомулларын мэлдьи туруорсабыт. Ону Чочу нэһилиэгин дьаһалтата, мин бэйэм араас сирдэринэн эрийэн, суругунан ыытан баҕар оҥоруохтара диэн кэтэспиппит, туох да хамсааһын суоҕун иһин Бүлүү куоракка СЭС-кэ киирэн Николаев Афанасий Михайловичка сайабылыанньа суруйбутум. Онтон СЭС ити боппуруоһу хонтуруолга ылан, дьарыктанан, эмиэ сурук, акт, бэрэбиэркэ оҥорбуттара да, сайыны быһа «хомуйдубут, хомуйуохпут» диэн сымыйанан отчуоттаабыта буолаллар этэ. Волонтердар кэлэн хомуйбуттара да, аһаҕас олбуорунан кэннилэриттэн ыһылла сыттаҕа дии, дьиҥинэн лиис хостоон туруоруу биир күннээх үлэ буоллаҕа. Мииринэй куораттан салайыллар буолан, үлэһиттэр үлэлэригэр най сылдьаллар дии санаатым, бу олох сыыһа дьаһаныы, дьаһал тахсыбыт, ол ыраах Мииринэйтэн кэлэн, сыбаалканы хомуйбаттара буолуо!
Афанасий Михайловичка чочулар ааттарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит, кини кыһаллан, туруорсан ити сыбаалка үлэһиттэрин хамсаппатаҕа буоллар, лиис күрүө, бөх-сах сыппытын курдук сытыа этэ, алдьаммытынан кыстыа этэ. Убаастабыллаах Афанасий Михайловичка толкуйдаабытыҥ туола турдун, санаабытыҥ ситэн истин диэн баҕа санаабытын тириэрдэбит, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
Айаммыт аартыгын бука бары ыраастык тутарга кыһаныаҕыҥ! Барыта санаа хоту баран истин, бука бары этэҥҥэ буолуҥ, үтүөнү эрэ баҕарабын!
Федора Николаева,
Чочу нэһилиэгэ.