«Алампа аартыктарын арыйан»

Саха сирин общественноһа сэтинньи 14 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов — Алампа төрөөбүт күнүн бэлиэтээбитэ. Бу күн И.Л. Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназия 8-10 кылааһын үөрэнээччилэрин хамаандалара «Алампа аартыктарын арыйан» интеллектуальнай оонньууга суруйааччы, сырдатааччы, саха тыйаатырын төрүттээччи олоҕун уонна айар үлэтин билиигэ күөн күрэстэсилэр.

Алампа олоҕун, айымньыларын, тыйаатыр туһунан ыйытыыларга хоруйдаан 3-с миэстэҕэ «Мохсоҕоллор» (8 “б” кылаас) хамаанда таҕыста, 2-с миэстэҕэ «Чороон» хамаанда (9 кылаас) тигистэ. Муҥутуур кыайыылааҕынан 10 “А” кылаас » Алампаастар» хамаандата буолла.

Оҕолор оонньуу түмүгэр А.И.Софронов- Алампа олоҕун, айымньыларын өссө да элбэҕи ааҕыахха, чинчийиэххэ наада диэн санааҕа кэллилэр.

Бүлүүтээҕи И.Л.Кондаков аатынан гимназия пресс киинэ.