Аммаҕа «Дьулуур» XIV спартакиада үөрүүлээхтик арылынна

Бүгүн, от ыйын 14 күнүгэр Аммаҕа, «Амма-Олимп» стадиоҥҥа доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнар «Дьулуур» XIV спартакиадалара үөрүүлээхтик арылынна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев доробуйаларынан хааччахтаах тулуурдаах уонна дьулуурдаах дьоҥҥо болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ уонна «Дьулуур» спартакиада үөрүүлээхтик арыллыбытын биллэрдэ.

Спартакиадаҕа 24 улуустартан, куораттартан 1000 кэриҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнар кыттан спорт 6 көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ.

Спартакиаданы үөрүүлээх арыйыыга  Арассыыйа параолимпийскай кэмитиэтин вице-президенэ Иван Потехин, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин кыттыыны ыллылар уонна мустубут дьону истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Бүлүү улууһун спортсменнарын стадиоҥҥа улуус баһылыга Сергей Винокуров, улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Александр Прокопьев, улуус спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин салайан киирдилэр.

 

Бүлүү улууһун былааҕын элбэх спартакиадалар кыайыылаахтара, Аммаҕа ыытыллар спартакиада үрүҥ көмүс призера Антон Попов күөрэччи көтөҕөн киирдэ.

Спартакиадаҕа Бүлүү улууһун 57 спортсменнара кыттыыны ылаллар, бүгүҥҥү күҥҥэ кинилэр 5 үрүҥ көмүс уонна 1 боруонса мэтээллэри ылары ситистилэр.

Николай Куприянов.

Читайте дальше