Арыылаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Савва Иванов: Кыстыгы этэҥҥэ көрсөр соруктаахпыт

Сайын кэлиитэ тыа дьонугар үөрүүлээх, күүтүүлээх уонна түбүктээх. Саамай быһаарыылааҕа оттооһун буолар. Быйыл намыһах, сиик­тээх сирдэрбит үүнэннэр дьон-сэргэ кыстыыр отторун булуннулар.
Сиһилии нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Савва Петрович Иванов маннык кэпсиир:

—   Быйыл былааннаах үлэлэрбит син туоллулар, тыа дьоно буоларбыт быһыытынан, бастакы уочарат сүөһүбүт-сылгыбыт буоллаҕа. Арай урукку сылларга холоотоххо, үп-харчы кэмчитинэн сибээстээн, тутууларбыт аҕыйахтар.  Сылын ахсын ППМИ чэрчитинэн ыытыл­лар өрөспүүбүлүкэтээҕи программаҕа киирсэммит уулуссаларбытын салгыы уоттарын холбоотубут, тимир баҕаналарга туруордубут. Манна контрагы  бэйэбит уолбут Павел Викторович Николаев кыайан дуогабардаһан үлэлээтэ. Кини төрөөбүт нэһилиэгин мэлдьи өйүүр. Араас тэрээһиннэрбитигэр куруук спонсордыыр, саҥа дьылга нэһилиэк оҕолоругар бэлэх оҥорон үөрдэр. Түгэнинэн туһанан, киниэхэ улахан махталбытын тиэрдэбит.
Уулуссаларбытын өссө өрөмүөннүөхтээхпит, ол курдук 1 мөлүйүөнү Герой Кондаков уулуссатын  өрөмүөннээри ууруна сытабыт.
Советскай Союз Геройа Н.С. Степанов аатын үйэтитэн сылын аайы “Степановскай оонньуу” ыытабыт. Быйыл эмиэ улуус оскуолаларын кытта тэрийэммит ыыппыппыт манна, үчүгэй баҕайытык ааспыта. Степановскай оонньуулары өйөөммүт оҕолорго сухой паек туруорабыт.
Биир үөрүүлээх сонуммут диэн Хампабыт орто оскуолатын выпускницата Айталина Гоголева 100 баалы ылбыта, биһиэхэ аан бастакынан ситиһии буолар.
Балыыһабытыгар реабилитационнай киин арыллаары турар, ол инсульт эҥин кэнниттэн ыарыһахтар чөллөрүгэр түһэллэригэр көмөлөөх буолуо. Атын  тэрилтэлэрбитигэр эмиэ барыта этэҥҥэ курдук.
Унаардаах алааспытыгар салгыы оттуур ходуһаларбытын сиппэккэ турбутун  алаас икки өттүнэн бүтэйдээтибит. Инньэ гынан алааспытыгар сылгы-сүөһү киирбэккэ дьон үчүгэйдик оттоотулар, онно бэйэбит олохтоох уолаттарбыт субуотунньук быһыытынан үлэлээтилэр. Эһиил Арыылаах алааспытын ситэри бүтэйдиэхпит. Сорох эдэр уолаттарбыт тэйиччи сытар  Кулуһуннаах алааска бараннар отторо тиийбэт нэһилиэктэргэ анаан оттоотулар, билигин онтуларын туттарыахтара. “Дьөһөгөй” кооператив нөҥүө 2 улахан сарай тутуллуохтаах. Ходуһаларбытын барытын нэһилиэк аатыгар ыллыбыт, дьаһалта аатыгар.
Быйылгы ыһыахпытын түөлбэбит талааннарын, күүстээх быһый уолаттарбытын күрэхтэһиннэрэн сэргэхтик ыыппыппыт. Улуус ыһыаҕа  нэһилиэктэринэн күрэхтэһиилээх буолбута. Биһиги нэһилиэк үчүгэйдик тэринэн киирбиппит. Хорчуоппалаан, ону кытта араас култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан, балаһыанньа быһыытынан кыайаммыт  “Беларус МТЗ” саҥа тыраахтары сүүйбүппүт, онон үөрүүбүт муҥура суох. Ити тыраахтарбыт нэһилиэк дьонун-сэргэтин олоҕун чэпчэтиэ, көмөлөһүө диэн эрэллээхпит.
Сайыҥҥы водопровод эмиэ үчүгэйдик үлэлээн, кураан кэмҥэ оҕуруокка  лаппа туһалаах  буолла. Олохтоох арыы сыаҕа үлэлээн үчүгэй хаачыстыбалаах сүөгэй, арыы тиһигин быспакка атыыланна.
Быйыл сайын улууспутугар баһаардар турбуттара. Биһиэхэ этэҥҥэ бэлиэтэммэтэ гынан баран, ыаллыы сытар Тыымпы, Кыһыл Сыыр уонна Хампа кыраныыссатыгар ойуур баһаара турбутугар биһиги уолаттарбыт үтүө суобастаахтык үлэлээннэр хайҕаммыттара. Баһаартан сэрэхтээх буолуу чэрчитинэн генератор уонна квадрокоптер ыламмыт туһанныбыт.
Ити курдук сөптөөхтүк тэринэн, Арыылаах нэһилиэгэ кыстыгы этэҥҥэ көрсөрдүү былааннанар.

Раиса Евсеева- Дьүөгэ, Хампа.