Саха үгэһинэн Ньукуолун күн күөххэ үктэммит саха киһитэ кус амсайар, арыылаах алаадьы астанар. Бүгүн, ыам ыйын 22 күнүгэр, Ньукуолун күнүгэр Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгин эр дьоннорун түмсүүтэ кырдьаҕастарга, бултаабат, соҕотох дьоҥҥо үксэ үргэммит, астаммыт кустары түҥэтэн үтүө үгэһи салҕаата.
Арыылаах нэһилиэгин баһылыга Афанасий Тимофеев билиһиннэрбитинэн, күөххэ үктэнэн сайыны көрсө Унаардаах алааска нэһилиэк кырдьаҕастарыгар Саха сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 сылыгар уонна Сайылык, Ньукуолун күннэригэр аналлаах тэрээһин ыытылынна. Чаҕылыччы тыгар күннээх бастакы сайыҥҥы күнү көрсө 40 тахса кырдьаҕас тэрээһиҥҥэ үөрэ-көтө кытыннылар, арыылаах алаадьыны, быырпаҕы уонна эр дьоннор түмсүүлэрин кыттыылаахтара кутаа уотугар астаабыт кустарын бэркэ амтаһыйан амсайдылар.
Бүлүүгэ пионерия тэрийээччитэ, бэтэрээн Наталья Алексеева анаан-минээн Бүлүүттэн тахсан тэрээһиҥҥэ кытынна уонна кырдьаҕастарга үбүлүөйдээх значоктары туттартаата, үтүө тыллары анаата.
Арыылаах нэһилиэгин Унаардаах алааһыгар сайыны көрсө кырдьаҕастарга бэртээхэй тэрээһин ыытылынна.
Николай Куприянов.