Саха Өрөспүүбүлүкэтин»Авиалесоохрана» судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин Бүлүүтээҕи салаата быйылгы ойуур баһаарын утары охсуһар үлэтин этэҥҥэ түмүктээтэ.
Быйыл Бүлүү улууһугар ыам ыйын 17 күнүттэн ойуур баһаардара саҕаламмыттара. Ол курдук Бүлүү улууһугар барыта 11 ойуур баһаара тура сырытта. Мантан 3 баһаар алларанан айаннаан, 8 баһаар үөһэнэн эрэ тиийэр сирдэргэ буоллулар.
Маны таһынан, биһиги биригээдэбит Халыма, Уус-Майа, Таатта, Өлүөхүмэ, Үөһээ Бүлүү, Ньурба улуустарыгар турбут баһаардарга үлэлээтэ. Ыам ыйыгар — 1, бэс ыйыгар -2 , от ыйыгар — 12 , атырдьах ыйыгар 6 баһаары умуоруорууга үлэлээтилэр.
Бүлүүтээҕи ойуур баһаарын утары охсуһар тэрилтэ быйылгы сезоҥҥа 37 үлэһиттээх: 11 парашютист, 23 десантник баһаарынай, 1 наблюдатель летчик — Михайлов Айсен Анатольевич. Бу ойуур баһаардарын кэмигэр «Полярные авиалинии» АН-2 уонна «Даймонд» 2 борт үлэлээтэ. Кинилэр ыам ыйыттан балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри көттүлэр.
Быйыл Бүлүүтээҕи ойуур баһаарын утары охсуһар тэрилтэҕэ 2 парашютунан түһэр бөлөх үлэлээн, улууспутугар турбут элбэх ойуур баһаарын суһаллык умуруордулар. Парашютистар бөлөхтөрө бэйэлэрин идэлэрин үрдүк таһымнаахтык баһылаабыттар. Тэрилтэттэн 1 үлэһит Григорьев Дмитрий Августович Москва куоракка наблюдатель летчик идэтигэр этэҥҥэ үөрэнэ сылдьар.
Быйылгы баһаар турар сэрэхтээх кэмэ балаҕан ыйын 15 күнүгэр сабылынна.
СӨ «Авиалесоохрана» судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин Бүлүүтээҕи авиаотделениетын иһитиннэрэр салаата.