Балаҕаччыга Дмитрий Михайлов — Балаҕаччыыныскайга аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэни туруордулар

Бүгүн, балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Балаҕаччы нэһилиэгэр, айылҕаттан айар талааннаах, дьоҕурдаах, сахаларга биир бастыҥ автор, мелодист, биир дойдулаахпыт Дмитрий Тимофеевич Михайлов- Балаҕаччыыныскайга аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэни үөрүүлээхтик арыйыы буолла.

Өйдөбүнньүк Дмитрий Балаҕаччыыныскай олорон ааспыт сиригэр – Мастаах Балаҕаччы эбэ соҕуруу өттүгэр үөт талах быыстардаах, быстыбат күөх ача хонуулардаах Лаптыгын өтөҕөр туруорулунна. Бэлиэҕэ Дмитрий Тимофеевич мэтириэтэ, аата-суола уонна кэнэҕэски ыччат аатыттан, Ульяна Афанасьевна Николаева киниэхэ анаан суруйбут хоһоонуттан быһа тардан сурулунна.
Олохтоох дьаһалта бэлиэ туруоруутугар үлэлэспит Петр Валериевич Мандаровка, Радомир Альбертович Гоголевка махтал тылын эттэ, нэһилиэк олохтоохторо Дмитрий Тимофеевич туһунан сырдаттылар, ахтыылары оҥордулар.
Маны тэҥэ ытык киһибит олорбут өтөҕөр олохтоох нэһилиэнньэ тахсан суббуотунньукка кыттыһан, сэргэхситии үлэтэ ыытылынна.
Биир дойдулаахпыт Дмитрий Тимофеевич – Балаҕаччыыныскай аатын үйэтитиигэ элбэх үлэ, тэрээһиннэр буолалларыгар баҕа санаалар этилиннилэр, Лаптыгын өтөҕөр Балаҕаччыыныскай матыыбыгар «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай», “Сайылык” ырыалар дуорайдылар.

Анна Пермякова.

Читайте дальше