Ыам ыйын 9 күнэ дьон сүрэҕин сылаанньытар, эмиэ да санаатын мунчаардар. Бу күн 79 сыл анараа өттүгэр, хас да сыл тухары Дойду олоҕун бүтүннүү аймаабыт, харах уутун тохпут Аҕа дойду Улуу сэриитэ түмүктэнэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэлээх, инникигэ эрэллээх олоҕу бэлэхтээбитэ. Бу сыллар тухары Кыайыы күнүгэр киэн туттуубут уонна хаһан да толуйуллубат ыар сүтүктэрбит кутурҕан санаалыын дьүөрэлэһэллэр.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр эйэ иһин, көңүл иһин Ийэ дойду көмүскэлигэр Балаҕаччыттан 109 эдэркээн, үлэ үөһүгэр сылдьар дьоммут сэриигэ ыңырыллан барбыттара. Кинилэртэн 63 киһи сэрии толоонугар үйэ саас тухары хаалбыттара, дойдуларыгар эргиллэн кэлбэтэхтэрэ, 5 киһи көмүс уҥуохтара көтөҕүллүбэккэ сураҕа суох сүппүттэрэ. Тыылга эдэрдиин кырдьаҕастыын кыайыы иһин бэйэлэрин харыстаабакка бары күргүөмнээхтик үлэлээбиттэрэ. Сут, аччык дьылларга 57 киһи сырдык тыына быстыбыта. Бу хорсун-хоодуот биир дойдулаахтарбытыттан бүгүн ахтан-санаан ааһыахпытын баҕарабыт биэс ини-бии Борисовтар тустарынан.
Петр Николаевич уонна Евдокия Яковлевна Борисовтар Балаҕаччы нэһилиэгэр Сохообут эбэҕэ дьиэ-уот тэринэн, туора муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн, оҕо-уруу төрөтөн быр-бааччы олорбуттар. Кинилэр 6 оҕолоохторуттан биэһэ уол уонна соҕотох Маарыйа диэн кыыстаахтара.
Бырааттыылар бэһиэн сэрии иннигэр Молотов колхоз тутаах үлэһиттэрэ этилэр. Улахан уол Николай 1903 сыллааҕы төрүөх, кини Балаҕаччы оскуолатыгар үөрэммит, кэлин1932 сыллаахха Бүлүүгэ ветпуҥҥа ветеринарнай курска үөрэнэ сылдьыбыт. Үөрэхтээх буолан сэриигэ барыар диэри колхозка суотчутунан, бухгалтерынан үлэлээбит. Иккис уол- Николай II (Чуурааһа) 1906 сыллааҕы төрүөх, колхозка булчутунан уонна кылгас кэмҥэ биригэдьииринэн үлэлээбит. Булка уһулуччу көрдөрүүлэрин иһин стахановец булчут аатын иҥэрбиттэр. Үһүс уол Алексей эмиэ убайдарыттан туора турбакка, колхозка булчутунан уонна от-мас үлэтигэр үлэлээбит. Төрдүс уол Егор 1912 сыллааҕы төрүөх. Егор араас үлэҕэ сылдьан, сэриигэ барыар диэри Молотовка үлэлээбит. Бэһис уол Сергей 1920 сыллааҕы төрүөх. 1940 сыллаахха Мастаах ситэтэ суох орто оскуолатын бүтэрбит. Молотовка улахан дьон оскуолатыгар учууталынан үлэлээбит.
1941 сылга эйэлээх олох күөх халлаанын сатаратан, алдьархайдаах сэрии кэмэ кэлэн Борисовтар дьиэ кэргэн олохторо тыйыс дьылҕаламмыта. Ол курдук 1942 сыллаахха бэс ыйын 28 күнүгэр түөрт ини-биилэр уопсай хомуурга түбэһэн дойдуларыттан уоттаах сэрии толоонугар айаннаабыттара. 1943 сыл сайыныгар Егор Борисов саа-саадах тутан дойдутун көмүскүү барбыта. Уолаттар суруйбут суруктарынан эрэ сиэттэрэн ким, ханна сылдьыбыта быһаарыллыбыта.
Улахан уол 1944 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр суруйбут суругар Ленинград таһыгар баарын биллэрбит уонна бу сыл сэрии толоонугар охтубут. Иккис уол Николай II барыаҕыттан биир эрэ сурук ыытаахтаабыт, 1943 сыллаахха өлбүтүнэн ааҕыллар. Алексей туһунан фронтан 1943 сыллаахха өлбүтүн эрэ туһунан сурах кэлбит. Төрдүс уол Егор туһунан госпитальга киирбитэ иһиллибит уонна 1944 сыл тохсунньутугар өлбүт. Кыра бырааттара Сергей, алтынньы ыйга 1943 сыллаахха сырдык тыына быстыбыт. Биэс ини-бии Борисовтартан хайалара да төрөөбүт төрүт дойдуларыгар — Сохообут эбэлэригэр төннүбэтэхтэрэ.
Сэриигэ атаарбыт ийэлээх аҕалара уолаттарын көһүппүт сырдык санаалара ыар сүтүккэ кубулуйан, биэс оҕолоруттан матан, ытыс эрэ соттон хааллахтара. Билигин кинилэр өтөхтөрүгэр икки стелалаах, биэс сэргэлээх өйдөбүнньүк турар. Стелаҕа биэс ини-бии Борисовтар биэс туруйа буоланнар, төрөөбүт дойдуларын кытта бырастыылаһан, кыырай халлааҥҥа кынаттарын саратан көтөн иһэллэрэригэр дылы… Махтанабыт, сүгүрүйэбит, киэн туттабыт!
Анна Пермякова.