Самаан сайын саҕаланыаҕыттан Баппаҕаайы сиригэр-уотугар хас да улахан ойуур баһаардара тураннар, олохтоохтор түүннэри-күнүстэри уоту уодьуганныырга сырыттылар. Ити сыралаах үлэ туһунан Баппаҕаайы нэһилиэгин баһылыга Егор Николаев билиһиннэрдэ:
— Биһиги эргин ойуур баһаардара турбуттара ыйтан ордон, сайыммыт үтүөтүн баһаардары кытта охсуһууга ыыттыбыт. Баппаҕаайыга хаар ууллуоҕуттан күүстээх ардах түһэ илик, дьоҕойон иккитэ силбиктээбитэ эрэ. Онон, сир-дойду кууран-хатан турар кэмигэр икки төгүл кэлэн ааспыт кураанах этиҥ 4 ойуур баһаарын күөдьүппүтэ. Икки ойуур баһаарын бэйэбит күүспүтүнэн умуруорбут буоллахпытына, биһигиттэн тэйиччи умайар икки баһаар кыайтарбата.
Баппаҕаайы Арыылааҕын таһыгар кураанах этиҥтэн от ыйын 5 күнүттэн ойуур умайыыта саҕаламмыта уонна киэҥ сири хабан билигин да умайа турар. Биһигиттэн күөдьүйбүт уот Горнай улууһун сирин диэки умайан барбыта. Билигин үксэ Горнай өттө умайа турар, биһиги өттүбүтүгэр умайыыта кыра диэххэ сөп.
Арыылаах баһаарын умуруорууга нэһилиэктэн ыйаҥарыттан ордук кэмҥэ күнүскү уонна түүҥҥү симиэнэлэргэ 50 тахса киһи сылдьар. Билигин Авиалесоохрана, «Якутлесресурс» ГАУ Бүлүүтээҕи филиалын үлэһиттэрэ, быыһааччылар,барыта 50-ча киһи баһаары утары охсуһар. Кинилэр уот күөдьүйэн тахсыбатын туһугар баһаар кытыытын көрөллөр, сири тиэрэн балаһа оҥороллор.
Иллэрээ күн бөртөлүөтүнэн эбии 8 киһини бырахпыттара. Киэҥ сиринэн тайаабыт умайыыны Горнайтан Авиалесоохрана үлэһиттэрэ тохтото, умуруора кэлэ сылдьыбыттара.
Иккис баһаарбыт Кэбээйи улууһун Чагдатын диэки туһаайыынан, Баай эбэ илин өттүгэр Баппаҕаайы сиригэр умайар. 8 киһини үстүү хонукка командировкаҕа ыыталыыбыт. Билигин Бүлүүтээҕи Авиалесоохрана, Йошкар-Ола куораттан федеральнай баһаарынай сулууспа 30 үлэһиттэрэ баһаары утары охсуһаллар. Бэйэбит диэки кэлэр уоту боччуйдубут. Кэнники күннэргэ көмөҕө 2 тыраахтар, 1 танкетка тиийдэ.
Ити курдук, биһиги диэки ойуур баһаардара үөскэппит балаһыанньата «байыаннай» соҕус. Ол быыһыгар сылгы, сүөһү тутар дьон турунан туран оттуу сатыыллар. Курааннаан от үүнүүтэ, оппут-сирбит мөлтөх, билигин дьон хара күүстэринэн окко түһүннүлэр. Билэргит курдук, биһиэхэ киэҥ нэлэмэн ходуһа сирэ суоҕун кэриэтэ, биһиги сирбит барыта от дулҕа, үрэх баһа буолан отчуттар илиинэн оттуу сылдьаллар. Отчуттарбыт от быкпыт сирин барытын килэччи анньа сылдьаллар. Оннук эрэ оттоотохпутуна сылгыбытын, ынахпытын кыстатар кыахтаахпыт. Баһаартан сылтаан, от үүммэккэ нэһилиэкпит дьоно хаар түһүөр диэри окко сылдьллара сабаҕаланар.
Николай Куприянов.
Видео: