Баппаҕаайыга Моруот уонна Аҥкыр Никиипэрэптэр ааттарыгар хапсаҕай түһүлгэтэ тэрилиннэ

Баппаҕаайы нэhилиэгэр  былыр модун кѳрүҥнээх, уһулуччу күүстээх Аҥкыр уонна Моруот диэн бырааттыылар олорон ааспыттара. Аҥкыр уонна Моруот бирииhигэр хапсаҕайга аһаҕас күрэхтэһии быйыл ахсыс төгүлүн ыытылынна.

Υгэскэ кубулуйбут саха тѳрүт оонньуута — хапсаҕай муус устар 13 күнүгэр А.Е.Алексеев аатынан «Эрэл» спорт саалатыгар 4 улуустан Бүлүүттэн (Илбэҥэ, Дьѳккѳн, Лѳкѳчѳѳн, Чинэкэ, Хампа), Υѳһээ Бүлүүттэн (Кэнтик), Горнайтан(Бэрдьигэстээх, Кэптин, Орто Сурт, Бэс Күѳлэ), Кэбээйиттэн (Мукучу)  барыта 103 хапсаҕайдьыттары муста.

Күрэхтэһии тэрийээччилэрэ — тустуу тренерэ Огудов Прокопий Семенович, Аҥкыр уонна Моруот аҕа уустарынан аймахтара Баппаҕаайы оскуолатын учуутала Жиркова Ирина Николаевна, Баппаҕаайы олохтоох дьаhалтата. Комментатор- киминэн да солбуллубат, Саха ѳрѳспүүбүлүкэтин  спортивнай суруналыыһа, араас спортивнай  күрэхтэhиилэрин ыытааччы  Александр Васильевич Васильев Көрдүгэн. Судьуйанан үлэлээтилэр — тренердэр Александров Сергей (Бүлүү), Иванов Вячеслав (Дьѳккѳн), Лепчиков Константин (Мукучу), Сивцев Андрей (Бүлүү), Сортоев Эрхаан (Горнай), Степанов Станислав (Υѳһээ Бүлүү), кылаабынай сэкэритээр — Никифоров Эдуард (Бүлүү).

Кыттааччылары, ыалдьыттары Баппаҕаайы оскуолатын активист кыргыттара сахалыы дьиэрэҥкэйинэн эҕэрдэлээтилэр.

Аҕыс чаас усталаах хапсаҕайдаһан киирсии түмүгүнэн кыайыылаахтар, призердар ааттаннылар.

2014 – 2016 сыллаах уолаттарга:

24 кг ыйааhыҥҥа диэри

1 миэстэ – Борисов Саша, Илбэҥэ;

2 миэстэ – Иванов Богдан, Бэрдьигэстээх;

3 миэстэХарлампьев Кеша, Илбэҥэ.

28 кг ыйааhыҥҥа диэри

1 место – Терентьев Иван, Υѳһээ Бүлүү;

2 миэстэ – Крылов Диамид, Чинэкэ;

3 миэстэКрасков Саян, Бүлүү.

32 кг ыйааhыҥҥа диэри

1 миэстэ – Васильев Саша, Илбэҥэ;

2 миэстэ – Петров Альберт, Дьѳккѳн;

3 миэстэ – Иванов Нифонт, Дьѳккѳн.

36 кг ыйааhыҥҥа диэри

1 миэстэ – Николаев Артём, Илбэҥэ;

2 миэстэ Иванов Арылхан, Бүлүү;

3 миэстэ – Колесов Дьулус, Υѳһээ Бүлүү.

36 кг ыйааhынтан үѳһэ

1 миэстэЧуруков Айсен, Бүлүү;

2 миэстэ – Никифоров Коля, Бүлүү;

3 миэстэ – Иванов Айгылаан, Бэс Күѳл.

2007 – 2009 сыллаах уолаттарга:

50 кг ыйааhыҥҥа диэри

1 миэстэ – Сергеев Миша, Бүлүү;

2 миэстэ – Никитин Сарыал, Хампа;

3 миэстэ – Михайлов Айтал, Бүлүү.

55 кг ыйааhыҥҥа диэри

1 миэстэ – Семенов Виталий, Мукучу;

2 миэстэ – Николаев Алик, Мукучу;

3 миэстэ – Петров Тамерлан, Бүлүү.

62 кг ыйааhыҥҥа диэри

1 миэстэ – Ноговицын Вячеслав, Мукучу

2 миэстэ – Семенов Миша, Бүлүү

3 миэстэ – Корякин Кэскил, Илбэҥэ.

70 кг ыйааhыҥҥа диэри

1 миэстэ – Леонтьев Михаил, Бэрдьигэстээх;

2 миэстэ – Егоров Иван, Мукучу;

3 миэстэ – Кононов Кирилл, Бүлүү.

70 кг ыйааhынтан үѳһэ

1 миэстэКуличкин Марк, Мукучу;

2 миэстэЮ Альберт, Бэрдьигэстээх;

3 миэстэ – Копылов Николай, Бэрдьигэстээх.

Абсолютнай киирсиигэ кыраларга 9, улахаттарга 19 уол кытынна. Кыра уолаттарга Υѳһээ Бүлүүттэн Григорьев Дмитрий абсолютнай чемпион буолан 10 тыhыынча солк. бириис ылла, спонсор Афанасьева М. И., Баппаҕаайы оскуолатын эбии үѳрэхтээhинин педагога.

Улахан уолаттарга муҥуутуур кыайыылааҕынан Бэрдьигэстээхтэн Ю Альберт (10 кылаас), 40 тыhыынча солк. бирииhинэн, кубогынан наҕараадаланна, спонсор Аҥкыр уонна Моруот сыдьааннара. Абсолютнайга биhирэбил бирииhи, «Кыайыыга дьулуурун иhин» Кэбээйи Мукучутуттан Куличкин Марк 10 тыhыынча солкҕ ылла. Кыайыылаахтар бары харчынан бириистэринэн, анал аатынан наҕараадаланнылар. Сүрүн спонсордар —Аҥкыртан, Моруоттан тѳрүттээх Никифоровтар дьиэ кэргэттэрэ, Никифорова Людмила Михайловна, Огудов Прокопий Семенович, Огудов Петр Петрович, Семенов Александр Никитич, Афанасьева Марина Ивановна, Баппаҕаайы олохтоох дьаhалтата (баhылык Николаев Е.А., баhылык солбуйааччыта Алексеев Г.И.).

Биhиги тѳрүѳхпүт иннинэ олорон ааспыт, күүстээх дьоннор Моруот уонна Аҥкыр Никиипэрэптэр ааттарыгар ыытыллыбыт хапсаҕай түһүлгэтигэр хос – хос – хос сиэннэрэ мустан чаҕылхай тустууну, киирсиилэри кѳрдѳрдүлэр, күрэхтэhии бэрт сэргэхтик ааста.

М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын  “Кѳмүс бѳрүѳ” пресс –киинин эдкордара  Антонова Нарыйаана, Никитина Лена, Николаева Чэмэлинэ, Степанова Анастасия.

Читайте дальше