Бүлүүтээҕи Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Павел Иннокентьев улууспутугар оттооһун хаамыытын туһунан кэпсээтэ:
— Сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ “Бары күүһү – окко!” диэн девизтээх улуус тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Улуус үрдүнэн 22846,2 туонна оттоох буоллахпытына, былааммытын 85,25 % толорон иһэбит.
Бу көрдөрүүгэ биһиэхэ былааннарын аһара толорбут нэһилиэктэр бааллар, ол курдук Арыылаах нэһилиэгэ 1168 т. оту бэлэмнээн былаанын 110% толордо, ону таһынан Баппаҕаайы нэһилиэгэ 1458 туонналаах — 112,3%.
Хомойуох иһин, былырыын биһиги улууска түспүт күүстээх ардахтар сабыдыаллара билигин да баар. Онон сибээстээн улууска мелиорация үлэтин күүһүрдүбүппүт, 11 нэһилиэккэ мелиорация үлэтэ бара турар, олорго билигин да оттуу сылдьаллар.
Атырдьах ыйын 24 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, былаантан хаала сылдьар нэһилиэктэр эмиэ бааллар. Халбаакы 58,8 %, Чочу 67%, Бөтүҥ 71,8%, Тааһаҕар 68,8 % былааннарын толорон олорор. Манна кинилэри кытта туһааннаах специалистар үлэлэһэллэр.
Сылын аайы ыраах сирдэргэ оттооһун көрүллэр, ол курдук мобильнай биригээдэлэр үлэлииллэр. Ыраах сирдэргэ барыллаан 3600 т. оту оттуур кыахтаахпыт, ол иһин өрөспүүбүлүкэттэн мобильнай этэрээттэри үлэлэтэргэ кыра да буоллар харчы кэллэ. Бу харчыга сайаапка хомуйаммыт, бастатан туран тэрээһиннээх улахан хаһаайыстыбаларбытын, ол кэннэ ыраах страховой оту оттуур хаһаайыстыбалары көрүөхпүт.
Изольда Загитова.