Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Советскай Союз Геройа Н.С. Степанов аатынан Бүлүүтээҕи 3-с №-дээх орто оскуолаҕа, үөрэх министиэристибэтин быһаччы сорудаҕынан үөрэх тэрилтэлэригэр дойду үрдүнэн ыытыллар антитеррористическай содулга бэлэм буолууну тургутан көрүү үөрэҕэ ыытылынна.
Ол курдук үөһээ этиллибит икки сорудаҕынан саалаах-сэбиргэллээх дьон оҕо тэрилтэтигэр уонна салгынынан БПЛА көтөр аппарааттарынан саба түһүүлэригэр биһиги оскуолабыт үлэһиттэрэ хайдах гынан маассабай эчэйиини, урусхалы таһаарбат туһуттан ханнык сөптөөх хамсаныылары уонна миэрэлэри ылыахтаахпытын туһунан сырдатыы, үөрэтии тэрээһинэ бэрт сэргэхтик уонна тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Сэбилэниилээх саба түһүү буолар түгэнигэр «Листопад 2024» диэн этиллэр куодабай тылы хас биирдии үлэһит өйүгэр хатаата.
Ону сэргэ бу маннык суһал түгэннэргэ хас биирдии үлэһит тугу гыныахтааҕын, хайдах быһыылаахтык хамсаныахтааҕын, сөптөөх быһаарыныылары бириэмэтигэр ылынан, хас мүнүүтэтигэр тиийэ суоттаныллан, инструкция быҺыытынан бары үлэһиттэр анал үөрэҕи аастылар.
Иннокентий Михайлов, Н.С. Степанов аатынан Бүлүү куоратын 3-с №-дээх орто оскуола учуутала.