Батсаап ситимэ саха тылыгар туох куһаҕаны оҥороруй?

Информационнай технологиялар киирэннэр биһиги күннээҕи олохпутун олуһун чэпчэттилэр.

Билигин кимиэхэ да эрийбэккэ эрэ наадаҕын билэҕин, көрдүүргүн булаҕын, дьону кытта билсэҕин… Үлэҕэр сылдьан, үөрэнэ олорон, дьиэҕэр да буоллун – аҕыйах тылы суруйан кэбиһэриҥ табыгастаах, судургу. Бириэмэҕин бараабаккын, кэпсэтэ олорбоккун. Суруйдуҥ — ыыттыҥ.Бу аныгы түргэн тэтимнээх олоххо олорор дьоҥҥо олус туһалаах, наадалаах курдук…

Ол эрээри барыта эриэ-дэхси буолбатах, мөкү өрүттэрэ эмиэ элбэхтэр. Социальнай ситим тыыннаах алтыһыыны солбуйда, көрсөн кэпсэтиини сарбыйда, төрөөбүт тылбытын айгыратта.

Ол курдук батсаап ситимэ саха тылыгар туох куһаҕаны оҥороруй? Бастакытынан, оҕолор, эдэр ыччат, сорох саастаах дьон тылларын кылгатан суруйар буоллулар. Тыл аһаҕас дорҕооннорун ылан баран, аббревиатура курдук туруоран кэбиһэллэр. Холобур ордук кылгатар тылларын ылан көрүөххэ: быһыылаах – бһлх, курдук – крдк, хайдах – хйдх, привет – првт, хорошо – хрш… Төрөөбүт күҥҥэ бардыбыт — ДР брдт уо д а. Иккиһинэн, суруйар тылларын кэлин өттүн кылгаталлар: бүттэхпинэ – бүттхпнэ, бардыбыт – бардбт, кэллибит – кэллбт, эбит – эбт, гынным — гынм. Холобур – бүттхпнэ барыахпт. Үсүһүнэн, тылы уларытан суруйаллар. Үчүгэй баҕайы — үчүөй баи, уҥуох эбит – унох эбт, оннук буоллаҕа – оннк бо, хайдах эрэ – хайдээрэ, итинник буолбатах – инник ботах, сайдан хаалбыт – сайдаалбыт, онтон – ото, иҥин – игн, бэйэҕин — бээгин… уо д.а. Төрдүһүнэн, телефоҥҥа сахалыы шрибэ суох буоллахтарына, суруйдахтарына тыл суолтата тосту уларыйар. Сөп – сэп, үөрүү – уоруу, бөх – бох, сүөр – суор, бүөр – буор. Бэсиһинэн, тылы уларытан суруйууга ордук сахалыы дифтоннар, сахалыы буукубалар эмсэҕэлииллэр. Иэ дифтоны е буукубанан солбуйаллар, үө дифтон уо буолан хаалар, ҕ буукубаны х солбуйар, ҥ буукуба оннугар н суруллар. Холобур: биэрдим — бердим, баҕа – баха, биллиҥ – биллин… Ҥ буукубаны харса суох Н буукубанан солбуйаллар. Сорох эдэр ырыаһыттар ырыаларын иһиттэххэ ҥ оннугар барыта н буукуба иһиллэр буолла. Алтыһынан, сэҥээрии-сонньуйуу, үөрүү-хомойуу суругунан буолбакка, смайлик нөҥүө этиллэр буолан сибээстэһии туспа, саҥа көрүҥҥэ көһөн эрэр. Тугу сөбүлүүргүн-сөбүлээбэккин биир смайлигынан этэн кэбиһиэххин сөп.

Бу маннык сыыс тыллардаах суруйсуу туохха тиэрдиэй?

— Алҕаһа суох суруйуу аҕыйыа, батсаап чааттарыгар сыыс тыллаах кэпсэтиилэри ааҕа үөрэммит оҕолор сыыһа суруйалларын улахаҥҥа ууруохтара суоҕа.

— Батсаап тылларын кэпсэтэр эйгэлэригэр таһааран кэпсэтэр буолуохтара.

— Эдэр ыччат тылын саппааһа чычааһырыа, кыччыа. Сахабыт тыла туттуллара татымыран, сүтэр куттала өссө күүһүрүө.

Хайдах гынан төрөөбүт тылбытын сыыс тыллартан харыстыыбытый? Хайдах ыраастык, сыыһата суох суруйар буолабытый?

— Төрөппүттэри кытта үлэлэһиэххэ, кырачааннарга төрөөбүт тылынан суруллубут кинигэлэри, “Чуораанчык” сурунаалы ааҕалларын ситиһиэххэ. Уһуйаан оҕолоро сахалыы тылбаастаммыт мультиктары көрөллөрө ордук. Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар сахалыы аудио кинигэлэри тиһигин быспакка иһитиннэриэххэ.

— Оҕолору, эдэр ыччаты уус-уран литератураҕа тардыахха, аахтарыахха.

-“Кэскил” хаһыаты суруйтарыахха. Сахалыы айымньылары истибит, аахпыт оҕо ыраастык саҥарыа, сыыһата суох суруйуо, тылын баайа эбиллиэ.

— Хас биирдии телефоннаах оҕо, улахан киһи сөптөөх куйаар ситимигэр киирэн, “Сахалыы” аныгылыы интерактивнай сыһыарыыга сурунуохтарын сөп.

— Төрөөбүт тылбыт кэскилин туһугар үлэлиир Сандаара Кулаковская “Саха тыла сүппэтин” диэн блогун ааҕыахха, саҥа санаалары арыйыахха.

— Социальнай ситимнэрбитин сахалыы суруйарга кыһаллыахха. Үүнэр көлүөнэ куруук ааҕар буоллаҕына, батсаап сыыс тыллара улахан хоромньуну оҥоруохтара суоҕа.

Төрөөбүт төрүт тылбыт сүтэн-симэлийэн биэрбэтин, дириҥ-кэтит силистээх тиит мас курдук бөҕөтүк турдун, ханнык да тыалга сууллубатын.

Анастасия Егорова, Тыымпы.

Читайте дальше