Бэрэски астыахха

Ханнык баҕарар бырааһынньыкка саха ыалын остуолугар бэрэски баар буолар. Онон бэйэм хайдах астыырбын үллэстиэхпин баҕарабын. Бу рецептэн барыллаан 20-чэ устуука тахсар.

Биһиэхэ наада:

Уу- 250 мл
Үүт- 250 мл
Сымыыт-1 уст
Доруоһа-2 ост.нь.
Мас арыыта-3-4 ост.нь.
Саахар-1 ост.нь.
Туус-1 ч.нь
Бурдук-төһөнү ыларынан

🍚🥩Начыынкатыгар:

Ынах этиттэн фарш-500гр
Рис-100гр
Туус

🥣Үүт уонна уу сылаас буолуохтаах. Ингридиеннары барытын холбоон тиэстэбитин мэһийэбит, сылаас сиргэ 1-2 ч туруорабыт. Уонна начыынкабытын бэлэмниибит. Риспитин эрдэттэн ууга буһарабыт. Фаршпытын кыра мас арыытыгар уута көтүөр диэри буһарабыт уонна риспитин кытта холбуубут. Тиэстэбитин тахсыбытын кэннэ кыра шарик оҥоробут уонна бөлүөгүнэн эргитэн начыынкабытын тиэстэбитигэр кутабыт.

🥟Бөлүөгүнэн эргиттэххэ бэрэскибит бустаҕына тиэстэтэ чараас буолар. Бэрэскини хайаан да холбоммут сиринэн уурабыт. Тиэстэ туран эрэ үллэн хайыта барыан сөп.

🥟Ыһаарылыырга аҕыйах быраабыла:

Арыыбыт балачча элбэх уонна үчүгэйдик сылыйбыт буолуохтаах.
Бэрэскибит мээчик курдук эргийэ сылдьыбатын курдук, буһара уурарга таптайан баран ууруохха наада.

🥟Бу быраабылалары тутуһан мип-минньигэс, сап-саһархай бэрэскилэри буһарыахха сөп.

Минньигэстик аһааҥ.

Анастасия Семенова.

Читайте дальше