“Бэс чагдаҕа” бэркэ сынньанныбыт

Бүлүү улууһун дьаһалтата тыа сирин үлэһит дьонун сыаналаан “Бэс Чагдаҕа” босхо путевканан наҕараадалаата. Биһиги улууспут дьаһалтата быйыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылын, Бүлүүбүт улууһугар  Доруобуйа сылын уонна Үлэ Геройа П.Х.Староватов 150 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн  элбэх өрүттээх үлэни ыытта.

Айаммыт аартыга алгыһынан саҕаламмыта

Ол иһигэр Бүлүү улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын, бэйэлэрин тустаах хайысхаларыгар ситиһиилээх үлэһит дьонун сыаналаан «Тыа сирин үлэһит киһитэ» диэн анал бириэмийэни 18  нэһилиэктэн талыллыбыт дьоҥҥо  улууспут баһылыга Сергей Николаевич Винокуров улуус ыһыаҕын өрөгөйдөөх түгэнигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыта.  Онон балаҕан ыйын 14 күнүттэн 28 күнүгэр диэри дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москваҕа баар «Бэс Чагда» санаторийыгар баран сынньанан, доруобуйабытын чэбдигирдэн кэллибит.

Улууспут баһылыга Сергей Николаевич Винокуровка, улуус дьаһалтатын дьыалатын салайааччы Клара Валериановна Гаврильеваҕа,  эдэр ыччат социальнай политикатын отделын кылаабынай исписэлииһигэр  Анна Васильевна Лущевскаяҕа, бу отдел сүрүннүүр исписэлииһигэр Нюргуяна Николаевна Кондаковаҕа, биһигини салайан илдьэ сылдьыбыт салайааччыларбытыгар социальнай боппуруостарга уонна эдэр ыччат отделын начальнигар Аксинья Андреевна Кудайбердиеваҕа уонна Бүлүү куоратын Бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай  түмсүүлэрин салайааччыта Мария Петровна Томскаяҕа,  нэһилиэктэрбит дьаһалталарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.  Балаҕан ыйыгар түспүт ардахтар суолу алдьатан тыа дьоно кэмигэр киирэн, анал санаторнай-курортнай картаны да толорторуулара  уустуктардаах кэмигэр, түбүктээх үлэтиттэн ордон Мария Петровна  сүүрэн-көтөн, поликлиникаҕа тэҥҥэ сылдьыһан, докумуоммутун толорторо охсон, барыбытыгар күүс-көмө буолбутун ахтан ааһар тоҕоостоох. Балаҕан ыйын 13 күнүгэр улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы  Иван Иванович Евсеев уонна Оройуон Сэбиэтин депутаата Гаврил Семенович Корякин улуус дьаһалтатыттан биһигини атаарбыттара, барар-кэлэр көлөбүтүн улууспут салалтата  хааччыйан, ыраах айаммыт аартыга Алгыс тылынан сыаланан арыллыбыта.

Остуоруйа дойдутугар тиийбит курдук сананныбыт

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Нюргуяна Николаевна була охсубут чэпчэтиилээх билиэттэринэн Новосибирскайынан эргийэн, көтөн, килэйбит-халайбыт Внуково аэропорка тиийэн түстүбүт. Билбэт киһи иннин-кэннин быһаарыммат буола мунуох сиригэр салайааччыларбыт кус оҕотун курдук батыһыннаран, таска тахсан оптуобус кэтэстибит. Уруккуттан дьону илдьэ сылдьарга үөрүйэх Мария Петровнабыт кэпсэппит көлөтүнэн санаторийбыт диэки элээрдибит. Түннүгүнэн көрдөххө, мастар үрдүктэриин, көнөлөрүүн! Бэс Чагдабытыгар тиийэн остуоруйа дойдутугар тиийбит курдук сананныбыт. Сахалыы сиэринэн айылҕабытыгар анаан аҕалбыт алаадьыбытынан күндүлээтибит. Улуу нуучча бэйээтэ Пушкин “У лукоморья дуб зеленый” хоһоонун баараҕай дуубун көрөн баран, ааҕан да ыллыбыт.

Бэс Чагдаҕа бэркэ сынньанныбыт

Соҕуруу дойду маһын-отун, сибэккитин сөҕө-махтайа көрдүбүт, хаартыскаҕа түһэн күлүм түгэннэри үйэтиттибит.  Биһиэхэ маҥнай тиийээччилэргэ барыта сонун. Бэйэ-бэйэбитин кытта уруккуттан билсэр дьон курдук аҕыйах хонукка атастыы-доҕордуу буоллубут.

“Бэс Чагдаҕа” көрсүһүүлэр доруобуйаны чэбдигирдии

“Бэс Чагдаҕа” СВО буойуннарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан аныгы эмтиир-томтуур тэриллэринэн толору хааччыйбыттар, бэл, аныгы сытар орону ортопедическай тэллэҕэр тиийэ тэрийбиттэр. Манна уолаттарбыт реабилитация ааһаллар эбит. Саллааттар Ийэлэрэ Мария Егоровна Емельянова уолаттары уонна биһигини кытта көрсүстэ,Мария Петровнаны кытта уруккуттан ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрин эттэ. Культмассовик Аида Полушкина көҕүлээһининэн Санкт-Петербурга эмтэнэ сытар буойуттарбыт бэрэбээскилэммит атахтарын ууралларыгар  аналлаах  хайаҕастаах төгүрүк бэйэ оҥоһуктарын оҥорустубут. Биир умнуллубат түгэнинэн Сахабыт сирин бастакы Президенин Михаил Ефимович Николаев аатын «Бэс Чагда» санаторийыгар иҥэриигэ илии баттаатыбыт. Норуотун туһугар кыһаллан туруорсубут, тэрийбит чэбдигирдэр-сынньанар санаторийа сотору кини аатынан дорҕоонноохтук ааттаныа диэн эрэнэбит.

Сахабыт сирин араас муннуктарыттан кэлбит сынньанааччылар: “Бүлүү улууһун баһылыга дьонун туһугар кыһамньытын көр, бачча элбэх киһини босхо путевканан хааччыйар»,-дэһэллэр. Истэргэ наһаа үчүгэй, искэр киэн тутта саныыгын.

Урукку өттүгэр үлэ үөһүгэр сылдьан, бэйэ доруобуйатын көрүммэтэх дьоҥҥо «Бэс Чагда” санаторийыгар астына көрдөрүнэн, эмтэнэн-томтонон, эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, өйдүүн-санаалыын чэбдигирэн, салгыы эмтэнэрбитигэр сүбэ-соргу суруктаах кэллибит. Анаммыт бырааскар тугуҥ ыалдьарын үчүгэйдик этиниэххин эрэ наада эбит. Онон көрөн, хас биирдии киһиэхэ анал барылынан, хайдах эмтэнэри ыйан-кэрдэн, суруйан биэрэр. Саҥа технологиянан, тэрилинэн хааччыллыылаах санаторийга үрдүк квалификациялаах үлэһиттэргэ сарсыардаттан киэһээҥэ диэри суруллубут бириэмэҕинэн кыһамньылаах эмчиттэр болҕомтолоох көрүүлэригэр-истиилэригэр эмтэниини ааһаҕын.

Ол быыһыгар бириэмэлээх буоллаххына, Москва куорат кэрэхсэнэр сирдэринэн экскурсияҕа бараҕын. Биһиги «Вечерняя Москва», ВДНХ, «Храм Победы», «Новый Иерусалим» уонна атыы-эргиэн ырыынагар «Садоводка» сырыттыбыт. ВДНХ-ҕа сахабыт таҥаһын кэтэн барбыппыт. Дьон-сэргэ олус сэргээн көрөллөр эбит. «Ханнык омуктаргытый?», «Олус кыраһыабайгыт» диэн өссө хайҕанан да ыллыбыт. Сорохтор: «Якуты» диэн билэллэр эбит.

Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр кэнсиэрт туруордубут

Москваҕа кэлбит күммүт киэһэтигэр, Мария Петровна барыбытын ыҥыран мунньахтаабыта, элбэҕи быһаарбыта, сүбэлээбитэ, ону таһынан барарбыт саҕана кэнсиэрт көрдөрүөхпүт диэн, кэнсиэркэ эппиэттээх 3 киһини талбыппыт: Иванова Полина Валильевна (Кыадаҥда), Чиркова Анна Дмитриевна (Хампа) уонна Прокопьева Наталья Трофимовна (Бороҕон).

Эппиэтинэс ылынан, киэһэтин бириэмэ буллахпытына, кэнсиэрпитигэр бэлэмнэнэбит. Мария Петровна чуолкай хамаандата кыттыа да суоҕу кытыннарда. Аксиния Андреевна кэнсиэрпитигэр ханнык нүөмэрдэр киирэллэрин чопчулаан, сааһылаан суруйан биэрдэ.

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр  сөп түбэһиннэрэн, “Бэс Чагдаҕа” сынньанааччыларга уонна үлэһиттэргэ анаан бүлүүлэр кэнсиэрпитин бэлэх ууннубут. Кэнсиэрпит Мария Петровна сахалыы тойугунан саҕаланна. Салгыы хор “Москва майская”, “Таптыыбын төрөөбүт дойдубун” диэн икки ырыаны толордо, ансаамбыл толоруутугар «Үчүгэй, үчүгэй, барыта үчүгэй» диэн ырыа толорулунна(ансаамбылы, хуору  хоровик идэлээх Кыадаҥдаттан сылдьар Полина Васильевна Иванова куоласка арааран үөрэттэ), Семен Иванович Васильев (Тааһаҕар), Анна Дмитриевна Чиркова (Хампа) бэйэлэрэ суруйбут хомоҕой хоһооннорун аахтылар, ырыаһыттарбыт Светлана Филипповна Мосова (Тылгыны), Лариса Гаврильевна Самсонова (1Күүлэт), Саргылана Кэнчэрьевна (Бүлүү),  сольнай  ылбаҕай ырыалары ыллаатылар, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахпыт Анна Алексеевна Корнилова монолог аахта, чаппараактаах үҥкүү үккүүлэннэ (үҥкүүнү Хампаттан сылдьар «Далбар» түмсүү салайааччыта Чиркова Анна Дмитриевна бэлэмнээтэ),  СВО уолаттарыгар анаан быйыл ыытыллыбыт «Наследники Победы” өрөспүүбүлүкэтээҕи авторскай ырыа күрэҕэр лауреат буолбут,  “Саха”  НКИХ ханаалыгар “Барыта Кыайыы туһугар» марафоҥҥа кыттыбыт  «Эйэ иһин» ырыабын ыллаатым,  олоҥхоттон быһа тардан,  пародия толорон көрдөрдүм, кэнсиэрпитин мин оһуокайбынан түмүктээтибит. Биһиги түмүктүүр күммүт күндү ыалдьыттарынан Москваҕа Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ иһинэн бэтэрээн Сэбиэтин чилиэнэ уонна кини кэргэнэ Галина Николаевна Евсеев Григорий Трофимович буоллулар. Истиҥ кэпсэтии, баҕа санаа бастыҥа манна этилиннэ, ону сэргэ Григорий Трофимовичтаах минньигэс алаадьынан күндүлээтилэр.

Салайааччыларбыт Аксиния Кудайбердиева, Мария Томская «Бэс Чагда» кэллэктиибигэр улахан махталларын биллэрэн туран, Бүлүү улууһун баһылыгын Махтал суругун,  группа аатыттан сахалыы иһиттэри бэлэх ууннулар. Анна Дмитриевна Чиркова хоһоонньуттарын хомуурунньугун, Наталья Прокопьева Дороппуун Гоголев-Олоҥхоһут Дороппуун «Моҕул Кугас аттаах Модун Эр Соҕотох» олоҥхотун кинигэлэрбитин санаторий библиотекатын фондатыгар туттардылар. Ити кэнниттэн сахалыы арыылаах алаадьылаах, шашлыктаах, фрукта, оҕуруот астаах дэлэй сандалы тэрилиннэ.

Махтал истиҥ-иһирэх тылларын аныыбыт

Болдьохтоох икки нэдиэлэбит бүтэн,  көтөр аалынан көтөөрү сылдьан, эмискэ давлением түһэн биир мучумаан буоллубут. Хата, мин дьолбор, Мария Петровна күн-ый буолан, суһал көмө оҥорторон, суолбун быһа кыра оҕолуу бүөбэйдэһэн, дойдубун буллубут.  Онон хайдах махтаныахпын да билбэппин. Кини салайааччы быһыытынан дьон туһугар ис сүрэҕиттэн кыһалларын, ыксаллаах кэмҥэ сөптөөх быһаарыныыны ылынарын, хас биирдии да бэйэбитигэр ураты болҕомтотун тоһоҕолоон бэлиэтиири наадалаҕынан ааҕабын.  Түгэнинэн туһанан, Мария Петровнаҕа улахан махталбын тиэрдэбин, тус бэйэтигэр, дьиэ кэргэнигэр этэҥҥэ буолууну кэрэһэлиибин. Тус бэйэм нэһилиэгим салалтатыгар Андрей Иннокентьевич Ивановка, А.А.Колтовскаяҕа уонна нэһилиэгим дьонугар-сэргэтигэр  миигин өр сыллаах педагогическай үлэбин сыаналаан, «Бэс Чагда»  санаторийыгар барааччылар истэригэр талбыттарыгар, махтанабын.

Бары сынньанан кэлбит бар дьонум аатыттан барыгытыгар Барҕа Махтал тылларын анаан туран, үлэҕитигэр ситиһиини, доруобуйаны, өйдөһүүнү, дьолу-соргуну баҕарабын.

Наталья Прокопьева.