Бу сыл тохсунньу 25 күнүгэр Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин уочараттаах пленума буолан ааста. Манна биир сүрүн боппуруоһунан нэһилиэктэр бэтэрээннэрин Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин 2023 сыллааҕы куоталаһыыларын түмүгэ буолла.
Ааспыт сыл түмүгүнэн кимнээх хайдах үлэлээн аастылар? Онуоха анал хамыыһыйа көрөн, дьүүллэһэн түмүгү маннык таһаарда: алта кыра нэһилиэктэргэ “Бастыҥ үлэлээх бэрэссэдээтэл” диэн аалай лиэнтэни Өкүндү нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мандарова Феодосия Алексеевна быйыл эмиэ бастаан иккис төгүлүн ылла. Иккискэ – хаҕыннар, үһүскэ — тыымпылар таҕыстылар.
Сэттэ орто нэһилиэктэр бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрин куоталаһыытыгар быйыл 8-с төгүлүн бастаан, Мария Николаевна Алексеева (Балаҕаччы) эмиэ аалай лиэнтэни кэттэ. Иккискэ – кыргыдайдар, үһүскэ кылгынылар тахсан эмиэ үөрдүлэр-көттүлэр.
Алта улахан нэһилиэктэр бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрин ортотугар урукку сылларга Чернышевскай нэһилиэгэ мэлдьи бастыҥ үлэлээх буолара. Быйыл даҕаны 10-с төгүлүн бастаан, Сортоева Раиса Павловна эмиэ аалай лиэнтэни иилиннэ. Иккискэ I Күүлэт бэрэссэдээтэлэ Клара Петровна Васильева эмиэ хаһыс да сылын таҕыста. Үһүскэ саҥардыы үлэлээн эрэр Чочу нэһилиэгин бэрэссэдээтэлэ Гоголева Галина Алексеевна тигистэ.
Кыайыылаахтарга, миэстэлэспиттэргэ барыларыгар аалай лиэнтэлэр кэтэрдилиннилэр, туоһу суруктар уонна харчынан бириэмийэлэр туттарылыннылар.
Пленумҥа улуус баһылыгын социальнай политикаҕа солбуйааччы Александр Анатольевич Прокопьев уонна дьиэ кэргэн отделын эппиэттээх үлэһитэ Лена Николаевна Федорова кытыннылар, эҕэрдэлээн тыл эттилэр, үчүгэйдик үлэлэрин саҕалаабыт бэрэссэдээтэллэргэ улуус баһылыга Сергей Николаевич Винокуров аатыттан Махтал суруктары, кинигэнэн бэлэхтэри туттартаатылар. Бүтэһигэр бары бэтэрээн Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэригэр ситиһиилэри, дьолу-соргуну, доруобуйаны баҕардылар.
Хомойуох иһин, Лөкөчөөн, Дьөккөн, Тааһаҕар, Бороҕон, Халбаакы бэтэрээннэрин Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ бу мунньахха кыайан кэлбэтилэр. Онтон Үгүлээккэ, II Күүлэккэ, Хампаҕа, Бүлүү куоратыгар билигин да бэтэрээннэр салайааччылара булулла иликтэрэ бу муниципальнай тэриллиилэр салайааччылара кырдьаҕастарыгар аанньа кыһаллыбаттарын көрдөрөр. Бу күннэргэ ити ааттаммыт нэһилиэктэргэ, куоракка бэтэрээннэр Сэбиэттэрэ саҥалыы тэриллэн, салайааччылара булуллан ананыахтара диэн эрэнэбит. Бүлүү куоратын 390 сыла, Улуу Кыайыы 80 сыла буолара бу кэллэ. Итиннэ олохтоох бэтэрээннэри актыыбынай үлэҕэ тардыллыахтаах.
Пленум үлэтигэр мустубут президиум чилиэннэрэ уонна нэһилиэктэр бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ бэйэлэрин уопуттарын атастастылар, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин президиумугар сыаналаах үгүс этиилэри киллэрдилэр. Маны сэргэ бэрэссэдээтэллэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса билистилэр, кэпсэттилэр, өссө тугу эрэ дуогабардастылар.
Пленум үрдүк дьыалабыай быһыыга-майгыга барда. Бары астынан-дуоһуйан тарҕастылар. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө түбүктээх үлэҕэ түһэрдии бэлэмнэниэх буолан тарҕастылар.
Герасим Солтуев,
улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.