Кулун тутар 12 күнүгэр Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин (бэрэссэдээтэл Солтуев Г.А.) VII-с төгүлүн ыытыллар спартакиадата олус көхтөөхтүк, тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Манна спорт биир көрүҥэр бальнай үҥкүү күрэҕин М.Н. Жирков аатынан оройуоннааҕы культура Дыбарыаһын хореографа Павлова Ольга Васильевна салайааччылаах «Ай-Лаана» (салайааччы С.Е. Зинурова) үҥкүү коллектива иилээн-саҕалаан ыыттыбыт.
Күрэхтэһиини Елена Иннокентьевна Каменева салайааччылаах «Алгыс» сынньалаҥ киинин хора арыйда.
Дьүүллүүр сүбэҕэ 6 буолан (бэрэссэдээтэл Павлова О.В.) үлэлээтибит. 15 хамаандаттан биирдии паара бэйэлэрин хамаандаларыгар очко биэрэр иһин күрэхтэстилэр.
Ол курдук саҕалааччыларга 1 миэстэ — Егоров Николай, Иванова Светлана (Өкүндү),
2 миэстэ — Иванов Гаврил, Аммосова Зинаида (Чинэкэ).
3 миэстэ — Шадрин Иван, Томская Маргарита (Чочу) буоллулар.
Саҕалааччыларга уонна уопуттаахтарга: 1 миэстэ — Рожин Егор, Анисимова Надежда (Кыргыдай),
2 миэстэ — Афанасьев Александр, Иннокентьева Лидия (Бүлүү), 3 миэстэ — Харлампьев Геннадий, Дмитриева Розалия (Лөкөчөөн) буоллулар.
Куонкурус таһынан көрөөччүлэртэн «Вальс» күрэҕин ыыттыбыт. Манна 1 миэстэ — Томскай Константин, Трофимова Маргарита (Чочу),
2 миэстэ — Иванов Валерий, Петрова Клавдия (Бүлүү), 3 миэстэ — Мандаров Терентий, Шадрина Раиса (Хаҕын) буоллулар.
Күрэхтэһии кэнниттэн спортсменнар күүстэринэн концерт туруордулар. «Ай-Лаана» үҥкүү коллектива 3 үҥкүүнү туруордубут. Быыһыгар кэлбит дьону үҥкүүлэтэн, тэрээһин бэрт сэргэхтик ааһан, дьон-сэргэ бэркэ астынан, дуоһуйан тарҕаста.
Спартакиадаҕа 15 хамаандаттан уопсай түмүгүнэн бастыҥнарынан буоллулар:
1 миэстэ — Чочу хамаандата,
2 миэстэ — Чинэкэ хамаандата,
3 миэстэ — Тыымпы хамаандата.
Кыайыылаахтарга итии-истиҥ эҕэрдэ! Куруук маннык бэлэмнэнэн, чөл, чэгиэн, доруобай олохтонон, өрүү дойдугут, улуускут чиэһин көмүскүү туруҥ!
Надежда Парникова,
Бэтэрээннэр региональнай спартакиадаларыгар, «Бальнай үҥкүү» көрүҥүн хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ общественнай хамсааһын бэтэрээнэ, «За вклад в развитие культуры и искусства г. Вилюйска» бэлиэ хаһаайката.