«Бөтүҥ» кэпэрэтиип саҥа гарааһы үлэҕэ киллэрдэ

Олег Федоров салайааччылаах «Бөтүҥ» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ 200 кв. м иэннээх баараҕай гарааһы үлэҕэ киллэриитэ Бүлүү улууһун Бөкчөҥөө нэһилиэгэр биир күүтүүлээх уонна үөрүүлээх түгэнинэн буолла.

Кэпэрэтиип үлэһиттэрэ бу сааскыттан уонча сыллааҕыта тутуллубут аныгы хотон таһыгар саҥа гараас тутуутун саҕалаабыттара. Урут кэпэрэтиип тиэхиньикэтэ олохтоох дьаһалта эргэ гарааһыгар турбут буоллаҕына, билигин саҥа гарааска 5 тыраахтар, уу баһар массыына, өссө биир УАЗ массыына киирэн тураллар.

Каркас ньыматынан тутуллубут гараас ититиитэ гаас оттугунан үлэлиир хотонтон тардылынна. Икки эбийиэк иититиитэ буоллаҕына, кэпэрэтиип салалтата гарааһы эһиил гаас оттукка көһөрөр санаалаах, гаас хочуолу хай-үйэ ылынан хаһааммыт.

Сэтинньи 18 күнүгэр тэриллибит саҥа тутууну үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх сиэригэр-туомугар кэпэрэтиип үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ, сопхуоска уһуннук суоппарынан, тырахтарыыһынан, биригэдьиирдэринэн үлэлээбит бэтэрээннэр, нэһилиэк олохтоохторо кытыннылар.

Бөтүҥ олохтооҕо Евгений Николаев көҕүлээһининэн, салалтатынан элбэх сүөһүлээх кэпэрэтиип икки улахан эбийиэгэ тутуллубутун ахтар тоҕоостох. Кини гараас матырыйаалын бэйэтэ булан атыылаһан аҕалбыт, эмиэ кини көҕүлээһининэн, бырайыагын оҥорторуутунан кэпэрэтиип бастакы эбийиэгэ — сайылык тутуллубута.

Кэпэрэтиип үлэһиттэрэ бэйэлэрэ мас кэрдэн, кэпэрэтиип пилораматыгар эрбэтэн саҥа гарааһы тутан таһаардылар.

Евгений Николаев төрөөбүт дойдутугар көмөтө элбэх, «төрөөбүт-үөскээбит Бөтүҥмүт сайдыахтаах»диэн өйтөн-санааттан биһиэхэ улахан күүс-көмө буолла.

Билигин хотоммутугар 180 ынах сүөһүнү кыстатан турабыт, оппутун бэлэмнээтибит, аҕыйаҕы атыыластыбыт, барыта 500 т отунан кыстыгы туоруубут, кыстык этэҥҥэ ааһан эрэр, — диэн кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Олег Федоров билиһиннэрдэ.

Бэйэтин суотугар гараас туттубут кэпэрэтиип кэлэр өттүгэр улуус дьаһалтата тутуу үбүн толуйарыгар улахан эрэллээх. Киэһэ кэпэрэтиип үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ үөрүүлээх түгэни хотойорунан астаах остуолга түмсэн олорон бэлиэтээтилэр, уруккуну-хойуккуну ахтан ирэ-хоро кэпсэттилэр, инники кэскиллээх былааннары ырытыстылар.

Николай Куприянов.