Хас биирдии киһи күөх окко оройунан түһэригэр туох эмит талааннаах төрүүр. Олоххо элбэҕи ситиһэн, дьоҥҥор-сэргэҕэр туһалааҕы оҥорон, кэннигэр хаалар кэнчээри ыччаттарданан, дьиэ-уот туттан, үлэһит, сэмэй киһи диэн өйдөбүлү иҥэрэн бу орто дойдуттан күрэннэххинэ- эн дьоллоох киһи дэниэҥ. Ол курдук биһиги нэһилиэкпитигэр бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах ытык киһибитин Борисов Павел Павловиһы-Хомдьоону ахтан-санаан ааһар ытык иэстээхпит.
Биһиги Байбалбыт Бүлүү улууһун Тылгынытын, Үөһээ-Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Саха сирин суруйааччыларын, мелодистарын сойуустарын чилиэнэ, Аҕа дойду улуу сэриитин сылларын оҕото этэ. Павел Павлович нэһилиэкпит биир саамай убаастанар киһитэ буолааччы. Кини бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах этэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕотуттан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ истиҥ-иһирэх майгылаах, куруук күлэ-үөрэ сылдьар, эдэр ыччаттарга үтүө сүбэһит, куруук сүбэлиир-амалыыр кэрэ киһибит этэ. Сэрии сылларыгар ыарахан олоҕу этинэн-хаанынан билбит буолан, олох кэрэ, үтүө көстүүлэрин үрдүктүк сыаналыыра, бачча үчүгэй олоххо төрөөбүт эһиги, эдэр дьоннор, дьоллоох дьоҥҥут диэн куруук этэрэ. Үлэни кыра эрдэҕиттэн өрө тутан кэлбитэ, ханна да үлэлээбитин иһин өрүү хайҕалга, убаастабылга сылдьара диэн нэһилиэк олохтоохторо ахталлар.
Биһиги Байбалбыт 40-тан тахса сылы быһа култуура эйгэтигэр үлэлээн кэлбит, Тылгыныбыт нэһилиэгин култуурата сайдарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит улуу киһибит буолар. Кини — мелодист, баянист, ырыаһыт, учуутал, ыытааччы (тамада), уруһуйдьут, ойууһут, көрдөөх сыаҥкаһыт, тэрийээччи, бастыҥ сценарист, биир да кэнсиэрт кинитэ суох буолбата, дьону түмэр ураты талааннаах кэрэ киһи этэ.
Павел Павлович — суруйааччы. Саха тылын сүөгэйин-сүмэтин сүрэҕэр-быарыгар иҥэринэ сылдьар, этигэн кэрэ этиилэри саас-сааһынан сааһылаан, көмүс бөрүөтүн туппутунан түүннэри-күннэри сылайары аахсыбакка суруйан хаалларбыт кинигэлэрэ-сүдү бэлэх буолаллар. Нэһилиэкпит устуоруйатын, талааннаах дьоннорбутун, сэрии сылларыгар дьон-сэргэ олоҕун күүскэ сырдаппыт, маны таһынан көрдөөх түгэннэртэн турар кинигэлэрэ-(ол түгэннэр геройдарынан-нэһилиэк олохтоохторо буолаллар) туохха да тэҥнэммэт, история дьиҥнээх чахчылара буолан, кэнчээри ыччаттарбытыгар үйэттэн үйэҕэ бэриллэн иһиэҕэ. Бу буоллаҕа дии ытык киһибит хаалларбыт кылаата.
Байбалбыт биһигини култуура эйгэтигэр элбэххэ уһуйбута, үөрэппитэ, үгүс билиититтэн-көрүүтүттэн бэрсибитэ, элбэҕи сүбэлээн-амалаан, үлэлиир аартыкпыт суолун арыйан биэрбитэ диэтэхпитинэ бука, сыыспаппыт буолуо. Биһиги бары Байбал курдук киэҥ билиилээх, дэгиттэр талааннаах, Киһи киэнэ кэрэмэһин кытта бииргэ алтыһан, эн-мин дэһэн бииргэ улэлээбиппититтэн сүрдээҕин үөрэбит уонна бэйэбитин дьоллоох дьонунан ааҕынабыт. Дьээбэрэн, күлэн-үөрэн кулуубугар киирэн кэлэн: «Хайа, кулууп кыргыттара, уолаттара туох сонуннаах олороҕут, бу күннэргэ тугу ыытаары былааннана сылдьаҕыт?» диэччи. Куруук үлэбитигэр кыһаллан,сүбэ-ама биэрэн үөрэн-көтөн, астынан-дуоһуйан тахсааччы. Хас биирдиибитигэр ураты, истиҥ сыһыаннаах буолааччы. Сороҕор «бокуойа суоххут дуу» диэн кыратык хомойон да ылааччы. «Чэ, үлэ дьоно үлэлээҥ, кытаатыҥ» -диэн сэмээр этэн аа- дьуо дьиэтин диэки хаама турааччы.
Павел Павлович олоҕун элбэх оҕолоро, кырачаан сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар. Оҕолоро бары үөрэхтээх, үлэһит, дьон -сэргэ убаастыыр мааны дьонноро. Бу буоллаҕа дии, киһи орто дойдуга олорон ааспыт кэрэ өйдөбүлэ.
Павел Павлович Тылгыныбыт олохтоохторугар умнуллубат сырдык өйдөбүл буолан хаалыаҕа, хас биирдии ойон тахсар күҥҥэ эрэллээхтик, чиҥник үктэнэрбитигэр кэрэ киһибит сырдык мөссүөнүн өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Суруйан хаалларбыт үгүс хоһоонноро,айымньылар, көрдөөх кэпсээннэрэ, ыстатыйалара нэһилиэкпит бука бары олохтоохторун сүрэҕэр өрүү баар буолуохтара диэн эрэнэбит.
Кулуупка, библиотекаҕа бииргэ үлэлээбит уолаттарын, кыргыттарын аатыттан суруйда Виталина Григорьева.