Бу буолар – сирдээҕи дьол!

Биир сайыҥҥы куйаас, сырылас күҥҥэ Кыргыдайбыт киэҥ туонатыгар, Уолба Эбэҕэ нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһа, “СӨ аҕа оруолун үрдэтиигэ оруолун иһин, Бүлүү Эбэ харыстабылыгар кылаатын иһин” бэлиэлэрдээх, Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, Кыргыдай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо ытык аҕа Егоров Николай Егорович үбүлүөйдээх 95 сааһынан уонна амарах эһэҕэ, анаммыт киэһэтин бэлиэтии, хос эһээни сиэрдээхтик маанылыы, уйгуну- быйаҥы үксэтэн уруулары уруйдаан, аймахтары айхаллаан, уйгулаах ыһыаҕын күнүгэр ытык кырдьаҕас аал уотун аһатан, алгыс тылын бука барыбытыгар тиэртэ.

Алгыс тылын иҥэринэн, күүс-уох эбинэн, өйдүүн-санаалыын ырааһыйан, саҥалыы сандааран,  ыалдьыт дьон барыта дуоһуйууну ылла.

Күрэх эгэлгэтин тэрийэн, сыаналаах бириистэри туруоран,  баай-талым остуолу дэлэгэйдик тардан, аймахтарын, ыалдьыттарын күндүлээн умнуллубат кэрэ түгэни бэлэхтээтилэр, дьиэ кэргэн  суолтатын өссө төгүл үрдэттилэр  «Дьоллоо дьиэкэргэн» диэн ырыа дьоро киэһэтин бар дьонноругар бэлэх уунан, олох дьиэ кэргэнинэн салҕанарын  дьиҥ-чахчы бигэргэттилэр. Кэрэ ырыаны истэн, сүргэлиин көтөҕүллэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, истиҥник үөрэн, ыллаан-туойан, сылаа таһааран, күннээҕи түбүктэн сынньанан, күргүөмнээх ытыс тыаһынан көрөөччүлэр махталларын ылыахтарын ыллылар.Ону таһынан кэнсиэртэн киирбит 16 тыһыынча солкуобайы уу харчынан, култуура үлэтин өйдөөн, үлэ-хамнас өссө тахсыылаах, таһаарыылаах буоларыгар баҕа санааларын тиэрдэн туран «Туску» сынньалаҥ киинигэр туттардылар.

Маанылаах ыһыаҕы тэрийбит, ырыа дьоро киэһэтин бэлэхтээбит Дьөгүерэп Ньукулай сыдьааннарыгар барҕа баһаам баһыыбаны, улахан махталбытын тиэрдэбит. Өссө төгүл Николай Егоровичка уһун сылларга холобур буолар олоххун оҕолоргор, сиэннэргэр, хос сиэннэргэр, бар дьоҥҥор тиэрдэн, сирдээҕи  дьолу толору билэн, этэҥҥэ доруобайдык, уһуннук олороргор алгыс тылбытын тиэрдэбит.

Василиса Окоемова,

Кыргыдай.

Читайте дальше