Бүлүү ааҕааччылара Саха народнай суруйааччыта Дмитрий Наумовы кытта көрүстүлэр

Сэтинньи 30 күнүгэр Бүлүү куорат киин библиотекатыгар Саха народнай суруйааччыта, Алампа Соппуруонап аатынан уопсастыбаннай бириэмийэ “Бастыҥ драматург” номинациятын   лауреата, өрөспүүбүлүкэ норуотун  хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Федосеевич Наумов ааҕааччылардыын  көрүстэ.   

Дмитрий Федосеевич айар үлэтин кэпсээнин  тыа сирин  олоҕун араас өрүттэрин итэҕэтиилээхтик көрдөрөр бастакы кинигэлэриттэн саҕалаата. Хомоҕой тылынан уустаан-ураннаан суруллубут кинигэлэр түргэнник тарҕанан ааҕыыга эргийэ сылдьалларыттан долгуйа астынарын биллэрдэ.  Драматург быһыытынан пьесаларын  Саха театра  уонна  народнай театрдар   элбэхтик туруораллара айымньыга, ааптарга да үрдүк сыанабыл буолар. Ону   таһынан, суруйааччы өрөспүүбүлүкэ народнай театрдарын  режиссердарын күрэхтэрин уонча төгүл тэрийэн кэллэ. Маны барытын истээччилэр улаханнык биһирээтилэр.

Салгыы суруйааччы публицистика жанрыгар үлэтин билиһиннэрдэ. Эрдэ таһаарбыт политическай уонна историческай суолталаах «Афанасьев Николай Егорович» уонна  «Президент Штыров уонна тыа сирэ» диэн   кинигэлэригэр сиһилии тохтоото. Манна даҕатан эттэххэ, өссө Үлэ Дьоруойа Леонид Киренскэй туһунан кинигэлээҕин билэбит. Биллиилээх дьоммут Исидор Барахов, Сергей Широких-Полянскай тустарынан суруйуутунан  Саха театра испэктээк туруоран көрөөччү дьүүлүгэр таһааран турар.  Инникитин бу хайысхаҕа өссө дириҥник үлэлэһэр былааннааҕын, онно элбэх толкуйдар, саҥа саҕалааһыннар  баалларын  сэгэтэн кэпсээтэ.

Дмитрий Федосеевич көрсүһүүгэ кэлбит ааҕааччыларын санааларын болҕойон  иһиттэ. Араас хабааннаах  ыйытыыларга  хоруйугар сыһыаран кэнники кэмҥэ атын омук, нуучча да суруйааччыларын айымньылара сахалыы  тылбаастанан тарҕаммат буолбуттарын бэлиэтээтэ. Онтон, быһаччы тэрийсэр, кыттар «Тобуруокап күһүнэ» норуот бырааһынньыгар кубулуйан,  сылтан сыл кэҥээн, кыттааччыта элбээн иһэриттэн үөрэрин биллэрдэ.

Түмүккэ, ааҕааччыларга махталын бэлиэтин, саҥа тахсыбыт «30 кэпсээн»,  «Ааспыт үйэ оҕолоро, аныгы үйэ оҕонньотторо» диэн кинигэлэрин библиотекаҕа бэлэх уунна. Онтон көрсүһүүгэ кэлбит махталлаах ааҕааччылар ааптар бу кинигэлэрин илии баттатан ылар чиэскэ тигистилэр.

Бу күннэргэ 125 сыллаах үбүлүөйүн көрсүбүт библиотека аатыттан дириэктэр Николай Харлампьев ыалдьыкка Махтал суругу кытта  айымньылаах  үлэтигэр туһанарыгар анаан Бүлүү чулуу дьоно Петр Хрисанфович Староватов уонна Степан Максимович Аржаков тустарынан кинигэлэри бэлэх уунна.

Ити курдук,  өрөспүүбүлүкэбитигэр  тыа сирэ сайдарын туһугар өр кэмҥэ үрдүкү салалтаҕа тиийэ  таһаарыылаахтык үлэлээбит ытыктанар  салайааччыны, аныгы кэм биллэр  суруйааччытын  кытары көрсүһүү аһаҕас, истиҥ сыһыаҥҥа ааста. Инникитин Бүлүү библиотеката Дмитрий Федосеевиһы  кытары уус-уран айымньыны дьоҥҥо тиэрдии, тарҕатыы уонна история чахчыларын үөрэтии, суруйуу, үйэтитии боппуруостарыгар ситимин быспакка үлэлииригэр үктэл  уурулунна.

Луиза Кононова,

Киин библиотека  кыраайы үөрэтиигэ  кылаабынай библиотекара.