Бүлүү чулуу уола Степан Максимович Аржаков аата үйэлэргэ умнуллубат

Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай деятелэ Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар уонна кини үрдүк аатын үйэтитэр сыалтан Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуров тохсунньу 9 күнүнээҕи уурааҕынан 2024 сыл Бүлүү улууһугар Степан Максимович Аржаков сылынан биллэриллибитэ.

Чочу нэһилиэгэр 1961 сыллаахха «Сталин» колхоһу уларытан «Степан Аржаков аатынан» колхоз тэриллибитэ. 1967 сыллаахха «Степан Аржаков аатынан» колхоз «Степан Аржаков аатынан» совхоз буолбута. Совхоз иһинэн Чочу уонна Кыадаҥда  отделениеларыгар элбэх дьоммут-сэргэбит үлэлээн-хамнаан ааспыттара. Кыадаҥда отделениета чуолаан субай сүөһүнү төлөһүтүүгэ күүстээх үлэни ыыппыта. Чочу отделениетыгар «Ампаардаах», «Кэскил», «Дэбэкэй», «Эбэ», «Куонду» фермаларыгар эдэр ыччат комсомольскай звенолара үүтү дэлэтиигэ үлэлээбиттэрэ. Сыллар – хонуктар аасталлар да, нэһилиэк олохтоохторун өйүгэр – санаатыгар хатанан хаалар кэрэ күннэр этилэр.

2024 сыл устата Бүлүү куоратыгар, улуус бары нэһилиэктэригэр Аржаковка аналлаах араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар, ыытылла да тураллар. Ол курдук, Чочуга, Кыадандаҕа  оскуола, нэһилиэк библиотекаларыгар кинигэ быыстапкалара турдулар.

К.С.Чиряев аатынан Кыадаҥдатааҕы алын сүһүөх оскуола-саада «Үүнэ-сайда тур, Сахам сирэ!» диэн Чинэкэ нэһилиэгэр ыытыллыбыт оскуола оҕолорун бэстибээлигэр ситиһиилээхтик кытынна. Бэстибээлгэ  урукку Степан Аржаков аатынан совхозка киирэр нэһилиэк оскуолалара кыттыыны ыллылар. Кыадаҥда оскуолатын оҕолоро, төрөппүттэрэ күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук, хоһоон ааҕыытыгар 1 степеннээх диплом, үҥкүүгэ 3 степеннээх лауреат, норуот тылынан уус-уран айымньытын толорууга 3 степеннээх лауреат, ырыаҕа 1 степеннээх лауреат, дьиэ кэргэн музыкальнай нүөмэригэр 2 степеннээх лауреат, дьиэ кэргэн оҥоһугун көрүүгэ 3 степеннээх лауреат, Харлампьевтар дьиэ кэргэн 1 миэстэ буолан үөрэн-көтөн кэлбиттэрэ.

2024 сыл саҕаланыыта урукку С.Аржаков совхоз нэһилиэктэрэ мустан, хамыыһыйа  тэрийэн, бу сыл устата барыахтаах тэрээһиннэри былаанныыр сүбэ-мунньахтара буолбута. Онно Чочу, Чинэкэ, Өкүндү, Бөтүҥ нэһилиэктэрин баһылыктара, култуура кииннэрин салайааччылара мустан, сыл устата бу түөрт нэһилиэккэ ыытыллыахтаах тэрээһиннэр былааннарын оҥорбуттара. Ол курдук, Чочу нэһилиэгэр Степан Аржаковка аналлаах эдэр ыччат дьылабыай оонньуута уонна агитбригадалар күрэхтэһиилэрэ ыытылынна.

Чочу нэһилиэгэ 2 сэлиэнньэлээх, бастаан Кыадаҥдаҕа “Күндэ” сынньалаҥ киинигэр  “Нэһилиэкпит сайдыыта – бэйэбит илиибитигэр”  диэн дьыалабыай оонньууга эдэр ыччат күрэхтэспитэ. Күрэхтэһии түһүмэхтэрэ бэрт сытыытык уонна тыҥааһыннаахтык ааспыттара. Сорох түһүмэхтэр аҥардас ыйытыктарга эрэ эппиэттээһин буолбакка, «Нэһилиэк инники сайдыыта» бырайыак көмүскээһинэ, «Аныгы кэм салайааччыта Аржаков холобуругар олоҕуран» диэн курдук  бэрт интэриэһинэй түһүмэхтэргэ ыччат арыллан ситиһиилээхтик кыттыбыта.  Күрэхтэһии түмүгүнэн: 1 миэстэ – Өкүндү нэһилиэгэ, 2 миэстэ – Чинэкэ нэһилиэгэ, 3 миэстэ – Бөтүҥ нэһилиэгэ, 4 миэстэ – Чочу нэһилиэгэ буолбуттара.

Киэһэ  өттүгэр Сыдыбылга  «Үрүҥ Уолан» сынньалаҥ киинигэр  “Ахтылҕаннаах ааспыт кэм” нэһилиэктэр икки ардыларыгар агитбригадалар күрэхтэрэ ыытыллыбыта. Кэлбит хамаандалар  көрсөн, билсиһэн, уруккуну – хойуккуну санатыһан, көрү – нары көҕүлүттэн тутан, тэрээһин сүрдээх сэргэхтик ааспыта. Сэбиэскэй кэминээҕи сыаҥкалар, ырыа-тойук, муода уо.д.а.  Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ – Чинэкэ нэһилиэгэ, 2 миэстэ – Өкүндү нэһилиэгэ, 3 миэстэ – Чочу нэһилиэгэ, 4 миэстэ – Бөтүҥ нэһилиэгэ буолбуттара.  Бу күрэхтэһиигэ нэһилиэктэр бэркэ бэлэмнэнэн, үрдүк таһымҥа кыттан, астынан барбыттара.

4 нэһилиэк дьаһалтата сүбэлэһэн, биир дизайн-бырайыак оҥорон, ортотугар Степан Аржаков мөссүөннээх үбүлүөйдээх мэтээл сакаастаан оҥортордубут, бу мэтээллэри Аржаков совхозка үлэлээбит дьоммутугар-сэргэбитигэр араас бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыллаллар.

Бүлүү чулуу уола Степан Аржаков үтүө мөссүөнэ, Сахатын сирин туһугар килбиэннээх үлэтэ үйэлэргэ умнуллубат.

Надежда Евсеева, Чочу нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы.

Читайте дальше