Бу күннэргэ Бүлүү куоратын киин уулуссаларынан ааһар «Бүлүү» федеральнай суолга аспаал ууруллар, кытыыларыгар бордюр оҥоһуллар, сырдатар лаампалар баҕаналара туруоруллар.
Николай Андреев салайааччылаах «Бүлүү» Упрдор тэрилтэ былырыыҥҥыттан Бүлүү куорат киин уулуссаларынан ааһар федеральнай суолу оҥорторууну саҕалаабыта. Бырайыак быһыытынан 6,2 км уһуннаахсуол – куоракка киирии, куорат уулуссалара аспаалынан бүрүллүөхтээхтэр, тохтобуллар, тротуар оҥоһуллуохтаахтар.
Суолу тутааччылар былырыын Мир уонна Ленин уулуссалар урукку бетон бүрүөһүннэрин көтүрбүттэрэ, суолу тэҥнээн, дэхсилээн биэрбиттэрэ, гравий куппуттара, 1 км уһуннаах суолга аспаал уурбуттара.
Быйыл суолу тутар РИК Автодор үлэһиттэрэ бэс ыйыттан аспаал собуотун үлэлэтэн, Бүлүү куорат киин уулуссаларыгар аспаал кутуутун саҕалаабыттара. Бүлүү куоратынан ааһар барыта 6,2 км уһуннаах суол 4 км аспаал икки дьапталҕата уурулунна, 2,2 км иккис дьапталҕа ууруллара хаалла.
Аспаал ууруутугар Ньурба филиалыттан Петр Александров салайааччылаах өрөмүөннүүр учаастак, Владислав Васильев салайааччылаах аспаал уурар массыыналаах, катоктаах аспаал собуотун биригээдэтэ үлэлииллэр.
РИК Автодор Бүлүүтээҕи филиалындириэктэрэ Прокопий Протопопов бүгүҥҥү күҥҥэ туох-ханнык үлэ ыытылларын бу курдук билиһиннэрдэ:
— Бастаан Бүлүү куорат иһинэн ааһар уулуссаларга аспаал бастакы дьапталҕатын куппуппут, билигин иккис дьапталҕатын кутан иһэбит. Дьокуускай диэкиттэн Бүлүү куоратыгар киириигэ «Саханефтегазсбыт» АЗС-гар диэрикутан кэллибит. Былырыын 1 км уһуннаах суол аспаалламмыта, быйыл 3 км аспаал кутулунна, билигин 2 км суолга аспаал иккис дьапталҕата ууруллара хаалла.
Суол кытыытынааҕы бордюрдары Иркутскайтан «Стройком» тэрилтэ оҥорор. Тэрилтэҕэ олохтоох уолаттар эмиэ үлэлии сылдьаллар. Бордюр оҥоһулуннаҕына, 2 км суолга аспаал иккис дьапталҕата ууруллуохтаах.
Новосибирскайтан «Сибдорснаб» тэрилтэ уулуссалары сырдатар баҕаналары туруоруу үлэтин саҕалаата.
Билигин аспаал ууруутун тэҥэ суол тутааччыларын атын элбэх үлэ кэтэһэр. Ол курдук, 100-кэ ыал олбуордарыгар, 10-ча кыра уулуссаларга киирии-тахсыы, аспаал разметката, тротуар, автобус 5 тохтобуллара оҥоһуллуохтаахтар, светофордар туруоруллуохтаахтар уо.д.а. үлэ ыытыллыахтаах.
Быйыл Бүлүү куорат киин уулуссаларынан ааһар бары ирдэбилгэ эпиэттиир федеральнай суолу оҥоруу түмүктэниэхтээх.
Николай Куприянов тиэксэ уонна фотота.