Бүлүү куорат саҥа кварталларыгар уот ситимэ тардыллыа

Бүлүү куоратыгар уот ситимин тардарга көрүллүбүт 49 мөл. солк. субсидия ханнык кварталларга туттулларын куорат дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Николай Иванов билиһиннэрдэ:

— 49 мөл. солк. кэриҥэ суумалаах субсидия үбэ икки бырайыакка: Бүлүү куорат «Оруктаах-2» уонна «Эмньик» саҥа кыбаарталларыгар уот линиятын тардарга көрүлүннэ. Саҥа уулуссалары электрификациялааһын үлэтэ 2024-25 сылларга ыытыллыа.

«Эмньик» кварталыгар 400-кэ учаастак баар. Бырайыак быһыытынан, кыбаартал сорҕотугар — икки уулуссаҕа уот тардыллара көрүллэр.

«Оруктаах-2» кварталга электрификация үлэтин иккис түһүмэҕэ ыытыллыа. Бастакы түһүмэххэ 115 учаастагы хабар үс уулуссаҕа уот ситимэ тардыллыбыта. Быйыл уонна эһиил хаалбыт 95 учаастагы хабар соруктаах уот линиялара тардыллыахтара.

Николай Куприянов.