От ыйын 12-16 күннэригэр Аммаҕа ыытыллар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо сөп түбэһэр спорт параолимпийскай көрүҥнэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин XIVспартакиадатыгар Бүлүү улууһун сүүмэрдэммит хамаандата билиҥҥитэ 1 кыһыл көмүс, 8 үрүҥ көмүс, 4 боруонса мэтээллэри ылла.
…Аммаҕа массыынанан айаннаан улам-улам чугаһаан истэхпитинэ эмискэ иннибитигэр суолу аҕыйахтык ыстанан хап-хара өҥнөөх «кырдьаҕас» быһа көтөн ааста. Тыа «киһитэ» туохха көстүбүтүн ырыта, санаа атастаһа олордохпутуна, Аммабыт биирдэ нэлэс гына көһүннэ.Бүлүү дэлэгээссийэтин салайааччы, спорт кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Гаврил Евсеев кэпсэтиини «тыатааҕы» үчүгэйгэ көһүннэ диэн түмүктээтэ эрээри, Амма эбэ уҥуоргу кытыла көстүбэт буола буруонан бүрүллэн турара…
Даҕатан эттэххэ, тиийбит күммүтүгэр ойуур баһаардарын буруота ыраахтан унааран көстөр буоллаҕына, сарсыҥҥы күнүгэр биллэ хойдубута. Олохтоох салалта иһитиннэрбитинэн, Уус-Маайа уонна Алдан оройоуннарыгар турбут ойуур баһаардарын буруолара Аммаҕа тиийбит. Эбиитин спортсменнар тулуурдарын тургутардыы ардах түһэн спартакиаданы арыйыы сарсыҥҥы күҥҥэ көһөрүлүннэ, суукаттан ордук суотовай сибээс, түргэн Интернет быста сырытта…
Кэлиҥҥи сылларга доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олох бары эйгэтигэр толору кытталларыгар, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамалларыгар, спорт параолимпийскай көрүҥнэринэн дьарыктаналларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ улахан болҕомто ууруллар буолла. Ол сиэринэн, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо сөп түбэһэр спорт көрүҥнэригэр таһымнаах күрэхтэһиилэри тэрийии саҕаланна.
Быйылгы сылга Аммаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнаргаАрассыыйаҕа, Саха сиригэр аан бастаан туспа спартакиада тэрилиннэ.
«Дьулуур» спартакиаданы үөрүүлээх арыйыыга Ил Дархан Айсен Николаев, Арассыыйа параолимпийскай кэмитиэтин эппиэттээх үлэһиттэрэ кыттыбыттара элбэҕи этэр. Арассыыйа параолимпийскай кэмитиэтин вице-президенэ, параолимпийскай чемпион Иван Потехин бэйэтинэн кэлэ сылдьар, Саха сиригэр тэриллибит бастакы «параолимпиаданы» киинтэн кэлэн үөрэтэ, көрө-истэ, видеоҕа уһула сылдьаллар.
«Дьулуур» спартакиадаҕа 24 хамаанда, 1000 кэриҥэ спортсмен кыттыыны ылаллар. Спортсменнар параолимпийскай көрүҥнэргэ: остуол тенниһигэр, голболга, олорон эрэ волейболга, чэпчэки атлетикаҕа, пневматика бэстилиэтинэн ытыыга, дуобаккакуоталаһаллар.
Бүлүү улууһун хамаандата бу кыһыҥҥыттан бэлэмнэниини саҕалаабыта. Бэс ыйын бүтүүтэ Хаҥалас улууһун «Орто дойду» комплексыгар тэриллибит инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура уонна спорт фестивалларыгар Бүлүү спортсменнара 17 хамаандаттан 5 миэстэни ылары ситиспиттэрэ.
Улуустааҕы спорт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Евсеев билиһиннэрбитинэн, хамаанда ытыыга, остуол тенниһигэр, чэпчэки атлетикаҕа бүк эрэнэр спортсменнардаах эбит. Кыттааччылар бэйэлэрэ голбол уонна олорон эрэ волейбол кинилэргэ саҥа көрүҥнэринэн буолалларын этэллэр.
Күрэхтэһии үһүс күнүн түмүктэрэ салайааччы этиитин толору итэҕэттилэр. Кырылас үрүҥ көмүс мэтээллэри «хомуйан» иһэн, бүгүн от ыйын 15 күнүгэр 800 м сүүрүүгэ Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэр призердара Татьяна Манжурьева бастакы кыһыл көмүс мэтээли бүлүүлэргэ аҕалла. Биир эрэллээх спортсменынан остуол тенниһигэр кыттар Айгимар Нифонов буолар. Кини рейтинэ кыттааччылартан биир төбөнөн үрдүк, оонньуур ньымата да ураты. Кини Бүлүү теннисистэригэр бэрт элбэх сүбэни-аманы биэрдэ, көмөлөстө.
Сүүмэрдэммит хамаанда улуус дьаһалтатын үбүлээһининэн, спорт кэмитиэтин тэрийиитинэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо ыытыллар бастакы «олимпиадаҕа» кыттар кыахтанна. Спортсменнар хас да автобуһунан икки күн устата айаннаан Амма өҥ сиригэр үктэннилэр, бөһүөлэги киэргэтэр тутуулаах «Хатыҥчаан» оҕо уһуйаанынтаас дьиэтигэр түстүлэр.
Хамаанда кыттыылаахтара этэллэринэн, кинилэр күрэхтэһэллэригэр,сынньаналларыгар, бары усулуобуйа барыта тэриллибит. Кэлээскэнэн эрэ сылдьар кыахтаах дьоҥҥо анаан-минээн көрөөччүлэр сыһыарыллыбыттар. Спортсменнар оҕо уһуйаанын остолобуойун минньигэс аһылыгын тото-хана күҥҥэ үстэ аһыыллар.
Бастакы күн тэрээһин мунньаҕы ыыппыт спорт кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин спортсменнарга спартакиаданы тэрийэр кэмитиэт сэмэй бэлэхтэрин, бейджиктэри туттарда, мандат хамыыһыйатын үлэтин түмүктэрин билиһиннэрдэ. Бүлүүлэр бастакы бөлөххө Дьокуускай куорат, Мэҥэ-Хаҥалас, Хаҥалас уо.д.а улуустарын хамаандаларын кытта күрэхтэһиэхтэрэ.
Алта көрүҥҥэ ыытыллар күрэхтэһиилэр чугас-чугас турар Амма, Чапчылҕан уонна Бөтүҥ спорт комплекстарыгар тэриллиэхтэрэ.
Бэҕэһээ Бүлүү спортсменнарын спартакиада кэмигэр Бүлүү улууһугар сыһыарыллыбытАмма улууһун II Чакыр нэһилиэгин салалтата көрүстэ, олоххо-дьаһахха сыһыаннаах туох баар үөскүүр боппуруостары быһаарыах буолан эрннэрдэ, ситиһиилэри баҕарда.
Нэһилиэк баһылыга Прокопий Прокопьев, солбуйааччыта Иннокентий Тарасов, култуура киинин үлэһиттэрэ бүлүүлэргэ үтүө тыллары анаатылар, алаадьынан, быырпаҕынан айах тутан күндүлээтилэр, кыайыыны баҕардылар, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Бүлүү модун уонна күүстээх санаалаах, олоххо тардыһыылаах доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнарыгар ситиһиилэри баҕарыахха!
Николай Куприянов.