Балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи туругунан улуус үрдүнэн 13566,7 галаах сиртэн 24111 т от бэлэмнэннэ. Ол эбэтэр отчуттарбыт былааннарын 91,96 % толорон иһэллэр. Былырыын атырдьах ыйын 29 күнүгэр 25166,2 т от бэлэмнэммитэ.
Нэһилиэктэринэн оттооһун көрдөрүүтэ
Арыылаах – 1096 т (былаан 107,45 %).
Баппаҕаайы – 1454 (125,45 %).
Бөкчөҥөө – 882 (59,23 %).
Бороҕон – 817 (90,78 %).
Өкүндү – 615 (100,65 %).
Дьөккөн – 795 (79,58 %).
Кыргыдай – 2091 (103,98 %).
I Күүлэт – 2693 (109,47 %).
II Күүлэт – 1286 (100,23 %).
Лөкөчөөн – 776 (67,60 %).
I Тоҕус (Тыымпы) – 1152 (75,24 %).
Тааһаҕар – 1395 (90,53 %).
Тоҕус (Балаҕаччы) – 1380 (80,28 %).
Тылгыны – 1055 (110,82 %).
Хаҕын – 1273 (102,99 %).
Халбаакы – 1156 (76,71 %).
Чернышевскай – 1998 (97,42 %).
Чочу – 1302 (74,23 %).
Үгүлээт – 665 (102,47 %).
Бүлүү к — 230 (115,00 %).
Муза Федорова.