Бүлүү суола-ииһэ тупсар

Бүлүү куоратын сүрүн уулуссаларыгар бэрт уһуна суох кэм иһигэр кэккэ уларыйыылар таҕыстылар. Өссө да элбэх үлэ күүтэр эрээри, мөлтөх суолларынан “аатырбыт” куоракка сэргэхсийии тахсыбытын ким да мэлдьэспэтэ буолуо. Суол оҥоһуутун үлэтэ бүгүн ханнык таһымҥа сылдьарын, туох оҥоһуллара хаалбытын РИК “Автодор” Бүлүүтээҕи филиалын салайааччытын Протопопов Прокопий Владимировиһы кытта кэпсэттибит.

— Биһиги сүрүн эбийиэкпитигэр – “Бүлүү” федеральнай суол 572-578 килэмиэтиригэр былырыыҥҥыттан үлэлиибит, быйыл күһүн туттарыахтаахпыт. Куорат иһигэр быһа холоон 6 км 200 м. уһуннаах суол аспаалын кутуута бүтэн турар. Бытархай үлэлэр хааллылар диэххэ сөп эрээри, ол “бытархайдар” сыралаах үлэни ирдииллэр, ис-иһигэр киирдэххэ ымпыга-чымпыга элбэх. Светофордар, суол бэлиэлэрэ, күрүөлэр туруоруллуохтаахтар, уот ситимэ, бордюр, тротуар, көҕөрдүү зоналара оҥоһуллуохтаахтар.  Көҕөрдүү зоналарыгар буор кутан баран от сиэмэтин ыһабыт. Быйыл да буолбатар, эһиилгиттэн күөх от үүнүө диэн эрэнэбит. Бордюрдар тутууларын болдьоҕо күчүмэҕэйдээх буолуон курдук. Суол киириилэрэ, тахсыылара, примыканиелар, былаһааккалар, остановкалар тутуулара хааллылар. Барылара бордюртан тутулуктаахтар.

Хас да бэдэрээтчиттэрдээхпит, Саха сириттэн уонна тастыҥ уобаластартан элбэх бириигээдэ кэлэн үлэлии сылдьаллар. Уопсайа 100 тахса киһи үлэлиир. Уот баҕаналарын, пешеходнай күрүөлэри Новосибирскайтан “Сибдорснаб” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ, бордюрдары Алдантан “Стройком” ХЭТ, уу барар лотоктары Ньурбаттан “Мастер К” ХЭТ, светофордары эмиэ Ньурбаттан “Энергострой” ХЭТ оҥороллор.

Нэһилиэнньэлээх пуун иһигэр үлэлиир буоламмыт, эрдэттэн үлэбитигэр мэһэйдээх буоларын билэр этибит. Биһиги суолу барытын хааччахтыыр кыахпыт суох. Аспаал кута сырыттахпытына кэннибититтэн тэпсэн ааһаллар. Соруйан алдьатыы диэн буолбатах. Дьон өйдөөбөт. Куорат, дэриэбинэ иһигэр оннук буолар, онно холоотоххо ойуур иһигэр суолу оҥорор диэн ырыа буоллаҕа дии, ким да мэһэйдэспэт. Ол гынан баран оннук айылаах элбэхтик тэпсэллэр диир эмиэ сатаммат.  Уопсайынан биһиги араас үлэбит кэмигэр куорат иһигэр массыына сырыытыгар хааччахтары сайыны быһа киллэрэн кэллибит, өссө даҕаны ый аҥарын кэмигэр оннук буолуоҕа. Суоппардар, сатыы дьон ону өйдүүллэрин иһин биһиги махтанабыт уонна өссө кыра кэмҥэ тулуйа түһэргитигэр көрдөһөбүт.

Уот үлэтин сүрүн кэриҥэ бүттэ, Ленина-Мира уулуссаларга Бүлүү пуордугар диэри уларыта сылдьаллар. Уот, газ, сибээс үлэлэрин дьүөрэлэспэт буолуу түбэлтэлэрэ күннэтэ тахсыталыыллар. Тус-туспа бырайыактарынан үлэлиир буоллахпыт дии. Ол гынан баран син уопсай тылы булан үлэлиибит, мэһэйдэри туоратабыт, түгэнинэн туһанан, Сахатранснефтегаз, Ростелеком, электростанция, ОДьКХ Бүлүүтээҕи тэрилтэлэригэр биир санаанан үлэлэһэллэригэр махталбытын тиэрдэбит.

Контракпытынан федеральнай суолу алтынньы 30 күнүгэр бүтэриэхтээхпит, ону биһиги бу ыйга бүтэрэргэ дьаныһабыт. Дьиҥинэн быйыл тохсунньуга Бүлүү куорат иһинээҕи суол тутуутун болдьоҕо 2024 сылга көспүтэ, ону “Бүлүү” федеральнай суол управлениетын салайааччыта Николай Иванович Андреев бу боппуруоска ылсыһан, үбүлээһини туруорсан, быйыл бүтэрэри ситиспитэ.

Чапаев уулуссатын өрөмүөннээһинин туһунан этэр буоллахха, бэйэтин бырайыагынан 6 м. кэтиттээх 5 см халыҥнаах аспаал көрүллүбүт, ону биһиги 6,7 м. кэтиттээтибит, 4 см-даах  2 дьапталҕа, ол аата 8 см халыҥнаах гына оҥордубут. Бу уулуссаҕа суол бэлиэлэрэ, суол кытыылара оҥоһуллара хаалла. Маннык технологиянан оҥоһуллубут Ньурбаҕа Октябрьскай уулусса уонтан тахса сыл турар. Куорат дьаһалтатын кытта кэпсэтэн улахан 50-60 туонналаах массыыналарга хааччах туруоруохпут.

Бары үлэлэрбит бэйэ бэйэлэриттэн тутулуктаахтар, биир бүттэҕинэ атын үлэ уочарата кэлэр. Сүрүннээн үлэ былаан быһыытынан бара турар, күннээҕи боппуруостары быһаарабыт, болдьохпутун баттаһыахпыт диэн бигэ эрэллээхпит.

Изольда Загитова.