Алтынньы ый бүтүүтэ улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Александр Прокопьев, Арыылаах уонна Баппаҕаайы нэһилиэктэрин баһылыктара Афанасий Тимофеев, Егор Николаев састааптаах Бүлүү улууһун официальнай дэлэгээссийэтэ СВО буола турар сиригэр тиийэн, Бүлүү улууһуттан төрүттээх байыаннайдары көрсүөхтээх, араас өрүттээх көмөнү оҥоруохтаах.
Бу күннэргэ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ СВО буола турар сиригэр бүлүүлэргэ көмөнү оҥорор иккис сырыытыгар айаннаата. Бастакы сырыыга ааспыт күһүн улуус дэлэгээссийэтэ биир дойдулаахтарыгар 11 мөл. солк кэриҥэ суумаҕа дроннары утары саалары, тепловизордары, снайпер оптикатын, квадрокоптердары уо.д.а. атыылаһан туттаран истиҥ махтал тылларын истибитэ.
Биһиги Бүлүү улууһун оробуочай бөлөҕүн салайааччы Александр Прокопьевы көрсөн иккис сырыыга улуус дэлэгээссийэтэ, чуолаан, туох-ханнык көмөнү оҥоруохтааҕын туоһуластыбыт. Байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһөр улуустааҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ иккис сырыы сыалын-соругун бу курдук быһааран биэрдэ:
— Москуба куоракка алтынньы 25 күнүгэр көтөн тиийиэхпит, сүрүн сорукпут диэн байыаннай сулууспалаахтар көрдөспүт тэриллэрин атыылаһан массыыналарга тиэйиэхпит уонна ыытыахпыт. Итини тэҥэ, Москуба байыаннай госпиталларыгар сытар биир дойдулаахтарбытын, саха уолаттарын көрсүөхпүт, кинилэр туохха наадыйалларын булан биэрэргэ эмиэ үлэлэһиэхпит.
Күһүн госпиталларга сытар уолаттарга ас-үөл, туохха наадыйалларын ылан биэрбиппит, биир дойдулаахтарбытын барыларын көрсө сатаабыппыт. Саха сириттэн сылдьар уолаттарга эмиэ көмө оҥорбуппут.
Алтынньы 30-31 күннэригэр СВО буола турар сиригэр киириэхпит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай Бэрэстэбиитэлигэр, СВО кыттыылаахтарыгар көмөнү оҥорууга биир кэлим киин салайааччытыгар Андрей Федотовка сурук ыыппыппыт. Кинилэр биһиги тугу үлэлиэхтээхпитин, сылдьар сирбитин билэллэр, сөбүлэһиннэрии ыытыллыбыта.
Даҕатан эттэхпинэ, билиҥҥи туругунан, Бүлүү улууһа СВО-ҕа сылдьар байыаннайдарга, биир дойдулаахтарбытыгар барыта 22 мөл. солк. суумалаах көмөнү оҥордо.
Итиннэ, ыҥырыллан уонна хантыраагынан барбыттарга биирдэ бэриллэр көмө — 50-нуу тыһ. солк. киирэр. Биһиги Бүлүүттэн эрэ барбыт уолаттарга буолбакка, атын улуустартан ыҥырыллыбыт, хантыраагынан барбыт Бүлүүттэн төрүттээхтэргэ эмиэ итиник көмөнү оҥоро олоробут. Үбүнэн көмө уопсай суумата 10 мөл. солк. тиийдэ.
Сайаапкалар киирэ тураллар, сулууспалыыр уолаттар кыһыҥҥы кэмҥэ дизельнэй генератордарга, оһохторго наадыйаллар, түүн көрөр прибордары көрдүүллэр. Туох кыалларынан ыла сатыахпыт. Бүддьүөккэ 2,5 мөл. солк. көрөн олоробут, нэһилиэнньэ биэрбит үбэ, тэрилтэлэр биир күннээҕи хамнастарын аһардыбыт суумалара 3 мөл. солк. тахсаҕа тэҥнэстэ.
Онон, иккис сырыыбытыгар СВО-ҕа сылдьар байаннайдарга 6 мөл. солк суумаҕа көмө оҥорорго былаанныыбыт. Уолаттар сайаапкаларынан 4-5 «Эндуро» бөҕө матасыыкыллары ыларга суоттанабыт, Арассыыйа оҥоһуута хаачыстыбалаах дальномердары, оптиканы ылыахпыт, атах таҥаһын, сылаас таҥаһы Москубаттан атыылаһан барыахпыт. Эппитим курдук, массыыналарга тиэйэн ыытыахпыт уонна СВО буола турар сиригэр дьоммутугар түҥэтиэхпит.
Күһүн ДНР, ЛНР уонна Запорожье сиригэр Бүлүүттэн төрүттээхтэр сулууспалыыр сирдэригэр сылдьыбыппыт. Билигин эмиэ итинник маршрутунан айанныахпыт. Бастакы сырыыга 80 киһини көрсүбүппүт, тиийбэтэх, көрсүбэтэх уолаттарбыт эмиэ бааллар. СВО-ҕа кыттар уолаттарбыт ахсааннара элбии турар, кэлин хантыраагынан барыы үксээбитэ бэлиэтэнэр.
Ааспыт сырыыга кыайан тиксэрбэтэх сорох тэриллэрбит чөкө харалла сыталлар, бу сырыыга барытын тарҕатан түҥэтиэхпит.
Бастакы барыыбытыгар урбаанньыттарбыт улахан көмөнү оҥорбуттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Андрей Арбыкин СВО буола турар сиригэр үлэлиирбитигэр, көмөнү киэҥ сиринэн кэрийэ сылдьан түргэнник тарҕатарбытыгар дизельнай «Опель-Фронтера» массыына ылан биэрбитэ. Урбаанньыттар Александр Буслаев, Семен Степанов, Зоя Протопопова уонна Тимур Буслаев массыына өрөмүөнүгэр, сапараапкатыгар үбүнэн көмөлөспүттэрэ. Кинилэргэ барыларыгар истиҥ-иһирэх махтал тылларын тиэрдэбит!
Бастакы сырыыга икки бөлөҕүнэн үлэлээбиппит. Бастакы бөлөх өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба эппит сирдэринэн сылдьыбыта, иккис бөлөххө бэйэбит массыыналаах буолан атын маршруттарынан көмөнү быдан түргэнник тарҕаппыппыт. Билигин тиийдэхпитинэ эмиэ ол массыынабытынан сылдьыахпыт.
Улуус дьоно-сэргэтэ СВО буола турарын, биир дойдулаахтарбыт байыаннай дьайыыларга кытта сылдьалларын өйдөөн бары биир сомоҕо буолуохпутун, уолаттарбытыгар көмөлөһүөхпүтүн наада. Бу сырыыга киирбит үбү көрдөххө, боростуой дьоннор көмөлөрө элбээбит, кырата суох сууманы киллэрбиттэрин бэлиэтиэххэ сөп.
Көмө куруук оҥоһулла турар, уолаттар байыаннай чаастарын кытта билсэ олоробут, кинилэр чаас аатытан сайаапка ыыталлар, сорохторо бэйэлэрэ тахсаллар.Төһө кыалларынан уолаттар этиилэрин толоро сатыыыбыт.
Сыл бүтүүтэ Кыайыы пуондатын тэрийэр баҕа санаалаахпыт, ахсынньы ыйтан үбү хомуйуу саҕаланыа. Соторутааҕыта буолан ааспыт баһылыктар сүбэ-мунньахтарыгар хас квартал аайы тэрилтэлэртэн, нэһилиэнньэттэн үбү хомуйарга сөбүлэстибит. СВО-ҕа сылдьар байыаннайдарга көмөнү тиэрдиигэ муус устар уонна ыам ыйын ыйдарыгар сырыы былааннанар.
Николай Куприянов.