Үгүс, ордук арҕаа улуустарга өҥүрүк куйаас, оту-маһы хатаччы куурдар кураан күн-дьыл сатыылаан, эбиитин тохтообокко тыалыран, Улусмедиа биллэрбитин курдук, Саха сирин үрдүнэн барыта 67 ойуур баһаарын умуруорууга туох баар күүс-кыах түмүллэр, баһаары утары охсуһар идэтийбит үлэһиттэр, улуустар олохтоохторо күнүстэри-түүннэри уоту кытта охсуһаллар, үөһэттэн ууну кутар БЕ-200 сөмөлүөттэр кытта тохтоло суох үлэлииллэр.
От ыйын 21 күнүгэр Бүлүү куоратыгар ойуур баһаардарын буруота биллэн, былыт курдук бүрүйэн, күммүт эмиэ кытаран эрэ көстөр буолла. Биһиги Бүлүүтээҕи лесничество салайааччытын Михал Кутугутовы көрсөн, улууска төһө ойуур умайыыта бэлиэтэммитин, баһаардары умуруорууга туох үлэ ыытылларын ыйыталаспыппытыгар, кини бүгүҥҥү балаһыанньаны бу курдук билиһиннэрдэ:
— Билэргит курдук, биһигини ыаллыы сытар Горнай, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар улахан ойуур баһаардара турбуттарын умуруорууга күүстээх үлэ ыытыллар. Бэйэбитигэр икки элбэх иэннээх сири хабар баһаардар умайаллар. Тыал уларыйдаҕына, Бүлүүгэ ити улахан баһаардар буруолара биллэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ улуус сиригэр-уотугар барыта 4 ойуур баһаарын утары үлэ ыытыллар. Баппаҕаайы Арыылааҕын таһыгар от ыйын 6 күнүгэр саҕаламмыт 18 №-дээх баһаар билигин 5907 гектар сиргэ тэнийдэ. Баһаары бохсууга икки ДТ тыраахтардары туһанан, 78 киһи күнүстэри-түүннэри үлэлии сылдьаллар.
Дьөккөнтөн 33 км тэйиччи сиргэ турбут 1046 гектар иэннээх 24 №-дээх баһаары бохсууга 41 киһи эмиэ тохтоло суох үлэлиир.
Икки баһаар Тылгыны таһыгар бэлиэтэннэ. 21 №-дээх баһаар Тылгыныттан 21 км тэйиччи сиргэ Түҥ өрүс кытыытын диэки умайа турар. Баһаары утары 58 киһи үлэлии сылдьар. Тылгыныттан 15 км тэйиччи турбут 27 №-дээх ойуур баһаарын 15 киһи умуруорар.
Ойуур баһаарыттан кутталлаах кэм саҕаланыаҕыттан Бүлүү улууһугар барыта 27 ойуур баһаара бэлиэтэннэ, итинтэн 23 уот төгүрүтүллэн умуруорулунна.
Билигин ойуур баһаарыттан кутталлаах федеральнай, өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ, улууска суһал дьаһаллары ылар ыстаап үлэлиир.
Ытыктабыллаах улуус олохтоохторун, отчуттары кураан күннэргэ ойуурга, ходуһаҕа сылдьаргытыгар уоттан сэрэхтээх буоларгытыгар, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит кэмигэр бары быраабылалары тутуһаргытыгар, кутаа уотун оттубаккытыгар, ийэ айылҕабытыгар харыстабыллаах сыһыаннаах буоларгытыгар ыҥырабын!
* * *
Даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап биллэрбитинэн, Үөһээ Бүлүү улууһугар 5 ойуур баһаара Нам, Харбалаах, Быракаан уонна Өргүөт нэһилиэктэрин сиригэр турдулар. Ойуур баһаардара Быракаан уонна Өргүөт бөһүөлэктэригэр кутталы үөскэттилэр.
Ардахтары кэтэһэбит.
Николай Куприянов.