Бүлүү улууһугар бастакы туристар сырыттылар. Ол курдук бу күннэргэ «инЯкутия» турфирма тэрийиитинэн, улуус Сэбиэтин депутата Мандаров Василий Николаевич көҕүлээһининэн ыытыллыбыт туристическай маршрут бастакы сырыыта түмүктэннэ. Маршрут кыттыылаахтара олус астынан-дуоһуйан, Бүлүү улууһун айылҕатын сөҕөн-махтайан кэллилэр.
Местников Михаил Иванович, «инЯкутия» турфирма салайааччыта: “Бүлүү улууһугар саҥа маршрут оҥорон бастакы тур ыыттыбыт. Бу маршруту оҥорорбутугар Мандаров Василий Николаевич көҕүлээбитэ. Кини ыҥырыытынан аҕыс буолан кэлэ сылдьабыт. Уон күн тухары тукулааннары кэрийдибит уонна онно баар күөллэргэ сырыттыбыт, үөрэттибит, сүрдээҕин астынныбыт. Кэскиллээх маршрут диэн түмүккэ кэллибит. Биһиги турфирмабыт Саха сиригэр үгүс маршруттардаах, элбэх киһини, агенстволары кытта үлэлиир. Мин көрүүбүнэн соҕурууттан да сылдьар ханнык баҕар турист бу маршруту үрдүктүк сыаналыан сөп. Маршруту барытын ымпыгар-чымпыгар тириэрдэн, өссө тупсаран биэриэхпит. Хаартыска, видео бөҕө уһуллубут, онтукабытын барытын чочуйан, маршруппутун рекламалаан, эһиилгиттэн хас да тур оҥорон үлэлээн барыахпыт диэн былаанныыбыт. Барыта табыллыа диэн эрэл улахан. Василий хамаандата сүрдээх үчүгэй, үлэһит уолаттар эбит. Мин бэйэм Бүлүү куоракка 1986 сыллаахха пединституту бүтэрэн баран, үс сыл үлэлээбитим, бу куорат миэхэ эмиэ күндү, онон маршрут арыйан Бүлүүгэ үлэлээн эрэбит диэн олус үөрэбин”.
Александра: «ИнЯкутия” маннык туру оҥорбута наһаа үчүгэй. Халбаакы тукулааннарын көрөн, Бүлүүнү олох саҥаттан арыйан, астыныы бөҕөнү астынныбыт.Турфирмаҕа уонна Василий Николаевичка улахан махталбын биллэрэбин”.
Мотрена: “Биһиги Махатта тукулааннарын, Бүлүү кумахтаах кытылын көрө кэлбиппит. Бүлүү эбэлэрэ киэҥнэриттэн, ыраастарыттан, дириҥнэриттэн, хатырыктаах баайа дэлэйиттэн сүрдээҕин сөхтүбүт. Балык арааһын барытын боруобалаан, үөрэн-көтөн, дуоһуйан аҕай сырыттыбыт”.
Ольга: “Я впервые побывала на тукуланах Махатты. Впервые увидела такое количество песка, как-будто съездила в Арабские Эмираты или Египет. Просто удивительные места! И столько озер! У нас был автотур, за 11 дней мы объездили эти озера, эти «пустыни». Очень много рыбы. Только закинешь удочку и тут же снимаешь с крючка рыбку. Нам готовили различные вкусные блюда из огромных щук, окуней. Очень нам тур понравился. Также я впервые побывала в Сосновке, тоже удивительное, интересное место. Там открылся современный, хорошо оборудованный интернат. Очень много нового мы узнали. Нам также показали Вилюйск, такие необыкновенные места – музеи, площади, памятники, скверы. Мы очень благодарны организаторам – Василию Николаевичу, Елисею Елисеевичу и туроператору Михаилу Ивановичу».
Оля: «Очень интересная и вкусная часть нашего тура касалась именно гастрономии. На каждом озере нас угощали блюдами из карасей, щук, окуней. И я впервые узнала, какой жирной и вкусной бывает уха из карасей. Так что для меня уже не эталон кобяйский карась, эталоном стал вилюйский карась, который водится в ваших очень красивых озерах. И я бы в будущем еще раз с удовольствием посетила эти щедрые, гостеприимные края».
Изольда Загитова.