Быйылгы 2023 сылга Саха сирин олохтоохторун ахсаана 1 мөл. киһиттэн таҕыста. Нэһилиэнньэ ахсаанын элбээһинин биир төрүөтүнэн кэлиҥҥи сылларга дьиэ кэргэҥҥэ, оҕолорго, элбэх оҕолоохторго, ийэлэргэ көрүллэр араас хайысхалаах көмө көрүҥэ, кээмэйэ элбээбитэ, ийэ статуһа үрдээбитэ буолла диэххэ сөп.
«Демография» национальнай бырайыагы көҕүлээбит РФ Президенэ Владимир Путин быйылгы сыл ыам ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүтүгэр Саха сиригэр оҕо төрөөһүнэ уонна нэһилиэнньэ ахсаана элбии турарын биир үчүгэй ситиһии быһыытынан бэлиэтээбитэ.
Ити этиини Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэргэ үтүмэн суумалаах үбүлээһин көмө оҥоһуллара туоһулуур. Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэр үгүс чэпчэтиилэринэн туһаналлар, кинилэргэ сылын аайы сүҥкэн көмө оҥоһуллар. Ааспыт 2022 сылга Саха сиригэр «Демография» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ 8,2 млрд. солк., ол иһигэр «Оҕо төрөөһүнүн үбүлээһин» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматынан 6,3 млрд. солк. көрүллүбүтэ уонна туһаныллыбыта. Быйылгы сылга Саха сиринээҕи СМИ-лэр национальнай бырайыак көмөтүн 16 тыһ. дьиэ кэргэн туһаммытын суруйаллар.
Саха сиригэр 35 тыһ. элбэх оҕолоох ыал баара биллэр. Ааспыт 5 сылга көмө кээмэйэ 26,5 млрд. солк. тиийдэ. Быйылгы сылга оҕолорго биир кэлим босуобуйаны оҥоруу туһунан сокуон олоххо киириэҕиттэн Саха сиригэр 98 тыһ. оҕоҕо уонна 3,7 тыһ. төрөөрү сылдьар ийэлэргэ 10 млрд. солк. суумалаах көмө оҥоһулунна.
Саха сиринээҕи «Ийэ хапытаалын» суумата кэлэр сылтан 300 тыһ. солк. диэри улаатыахтаах. Быйыл үһүс уонна онтон элбэх оҕоломмут ыалларга барыта 223 мөл. солк. үбүнэн көмө тиэрдилиннэ. Саха сиринээҕи «Ийэ хапытаалын» олорор усулуобуйаны тупсарыыга, оҕону үөрэхтээһиҥҥэ, үрдүкү технологиялаах мэдиссиинэ өҥөтүн туһаныыга, тырааныспар атыылаһыытыгар, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, дьиэни инженернэй коммуникацияҕа холбуурга туһаныахха сөп.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2022 сыллаахха биллэриллибит Ийэ сылыгар Бүлүү улууһугар 288 оҕо төрөөбүтэ. Быйыл 10 ый түмүгүнэн Бүлүү улууһугар 106 уол, 102 кыыс, барыта 208 оҕо төрөөтө. Кинилэргэ барыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал анаммыта, хас биирдии төрөөбүт оҕоҕо 105 тыһ. солк. көрүллэр үтүө саҕалааһын 2027 сылга диэри уһатылынна.
Даҕатан эттэххэ, Ийэ күнэ Саха сиригэр 1993 сыллаахха төрүттэммитэ, РФ-га 1998 сыллаахтан бэлиэтэнэр буолбута.
Биир бэлиэ көмө быһыытынан социальнай хантыраак түһэрсиитин ахтыахха сөп. Быйыл балаҕан ыйыгар бэйэ дьыалатын тэриниигэ, кэтэх хаһаайыстыбаны хаҥатыыга социальнай хантыраак суумата 500 тыһ. солк. тиийэ улатыннарылынна. Ааспыт 5 сылга Саха сиригэр 15 тыһ. дьиэ кэргэн улахан өйөбүл буолар социальнай хантыраак үбүнэн туһаннылар.
Бүлүү улууһугар быйылгы сылга бэйэ дьыалатын тэриниигэ уонна кэтэх хаһаайыстыбаны хаҥатыыга 66 дьиэ кэргэн социальнай хантыраагынан туһанна.
«Демография» национальнай бырайыак биир өрүтүнэн социальнай эбийиэктэри тутуу буолар. Бүлүү улууһун Сосновкатыгар 2021 сыл атырдьах ыйыгар Кэт Марсден аатынан инбэлииттэри уонна саастаах дьону социальнай өтүнэн хааччыйар үс мэндиэмэннээх 5 тыһ. кв.м. иэннээх бары өттүнэн тупсаҕай оҥоһуулаах баараҕай таас дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Кырдьык, социальнай дьиэҕэ олорорго, эмтэнэргэ бары усулуобуйа барыта көрүлүннэ. Бырабыыталыстыба вице-премьера Ольга Балабкина саҥа дьиэ үөрүүлээх арыллыытыгар маннык тутуулаах социальнай дьиэ Арассыыйаҕа биир бастакы буолар диэн эппитин санатыахха сөп.
Ити курдук, Бүлүү улууһугар «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҕолоох дьиэ кэргэннэри, ийэлэри өйөөһүҥҥэ, социальнай эбийиэктэри тутууга элбэх өрүттээх үлэ ыытыллар.
Николай Куприянов.