Бүгүҥҥү туругунан Бүлүү улууһугар 5 ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ, ол иһигэр Чочу нэһилиэгин территориятыгар – 3, Халбаакы -1, 1 Тоҕус -1. Итилэртэн Чочу нэһилиэгэр 12 №-дээх уонна 14 №-дээх баһаардар бохсулуннулар. Баһаар төрүөтүнэн үс хонуктааҕыта түспүт этиҥнээх ардах буолла. Улууска баһаардары утары үлэ күүскэ барар, уопсайа 90 киһи умуруора сылдьаллар.
- Баһаардар уопсай иэннэрэ – 96 гектар, олортон 94 гектар – ойуурга, 2 гектар – ходуһаҕа түбэстэ, — диэн кэпсиир Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Иванович Евсеев.
Манна “Авиалесоохрана”, “Якутлесресурс” уонна олохтоох нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэллэрэ баһаары утары охсуһаллар. 15 араас көрүҥнээх тиэхиньикэ үлэлиир. Халбаакы территориятыгар ыраах тайаан сытар 16 №-дээх баһаарга тиэхиньикэ сатаан тиийбэтинэн, 10 киһини вертолетунан тириэрдибиттэрэ.
— Бу манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата кэккэ сыл анараа өттүгэр сөптөөх быһаарыы ылыммытын тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ. Ол быһаарыытынан “Авиалесоохрана” уонна “Якутлесресурс” штаттарын биллэрдик хаҥаппыттара. Урукку сылларга биһиги улууспутугар “Авиалесоохранаҕа” 6 эрэ киһи үлэлиир буоллаҕына, билиҥҥи кэмҥэ (2022 сылтан) -36 үлэһиттээх, “Якутлесресурска” штаттара 10-ча киһиттэн 20-чэҕэ тиийдэ уонна сезонунан 10-ча киһи эбиллэр. Онон ити ыйаах төһө туһалааҕын билигин бары көрө-билэ сылдьабыт.
Айылҕабыт, сирбит-уоппут билигин сүрдээҕин кууран-хатан турар. Онон улуус дьонун-сэргэтин хаһааҥҥытааҕар да уоттан сэрэхтээх буолалларыгар ыҥырабын, — диэн Иван Евсеев тоһоҕолоото.
Изольда Загитова.