Бүлүү улууһугар от былаанын аҥардаатылар

Быйыл бары көрүҥнээх хаһаайыстыбаларга тутуллар хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи дьыл таһаарарга 26220 тонна от наада. Окко итинник сыыппаралаах былаан улууска түһэриллибитэ.

От ыйын 12 күнүн туругунан, Бүлүү улууһун ынах, сылгы тутар бары көрүҥнээх хаһаайыстыбаларын отчуттара 9517 гектар охсуллубут ходуһаттан 15131 т оту бэлэмнээтилэр. Былаан 57,7 % туолан иһэр. Былырыын от ыйын 5 күнүгэр улуус ходуһаларыгар 7426 т от кэбиһиллибитэ.

Быйыл өрүс бэтэрээ өттүгэр курааннаата, өрүс уҥуор от үүнүүтэ ама соҕус диэн тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, отчуттар биллэрэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ кэпэрэтииптэр 2407 т, бааһынай хаһаайыстыбалар 2317,6 т, кэтэх хаһаайыстыбалар 10212 т оту бэлэмнээтилэр.

Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар бөдөҥ кэпэрэтииптэр былааннарын 43 % толорон иһэллэр. «Бөтүҥ» кэпэрэтиип 200 т, «Кыргыдай» — 270, «I Күүлэт» — 750, «Тыымпы» — 178, «Мастаах» — 500, «Хаҕын» — 200, «Халбаакы» — 150, «Ампаардаах» ХЭУо – 159 т оту бэлэмнээтилэр. Итини тэҥэ, Анастасия Кырбасова хаһаайыстыбата – 279, Сидор Ионов хаһаайыстыбата 142 т оту кэбистилэр.

«Биир сайыҥҥы күн дьылы аһатар». Бүгүҥҥү күҥҥэ ходуһаларга оту бэлэмнээһиҥҥэ күргүөмнээх үлэ бара турар. Ходуһаларга 397 тыраахтар, 1533 отчут, 391 звено от бэлэмигэр үлэлии сылдьаллар.

Биирдии нэһилиэктэринэн ким төһө оту бэлэмнээтэ?

Арыылаах — 1044,6 т,

Баппаҕаайы — 732 т,

Бөкчөҥөө — 689 т оту,

Бороҕон — 521,

Өкүндү — 465,

Дьөккөн — 416,

Кыргыдай — 1150,

I Күүлэт — 1753,

II Күүлэт — 955,

Лөкөчөөн — 221,

I Тоҕус (Тыымпы) — 607,5,

Тааһаҕар — 548,

Тоҕус (Балаҕаччы) — 1130,

Тылгыны — 441,

Хаҕын — 731,

Халбаакы — 726,

Чернышевскай — 1650,

Чочу — 786,5,

Үгүлээт — 435,

Бүлүү куората — 130 т.

Ити курдук, Бүлүү улууһун отчуттара окко былааннарын 57,7 % толорон иһэллэр.

Николай Куприянов.

Читайте дальше