Бүлүү улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы отчуота саҕаланна

Олунньу 7 күнүттэн Бүлүү улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы отчуота саҕаланна.  Үлэлиир бөлөхтөр нэһилиэктэринэн сылдьан, олохтоохтору кытта көрсөллөр, санааларын истэллэр, ордук долгутар ыйытыыларга эппиэттииллэр.

Бүгүн Дьөккөн уонна Хампа нэһилиэктэригэр Тас дойдулары кытары сибээс уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Сергей Хатылыков салайааччылаах бөлөх үлэлээтэ.
Сергей Александрович 2023 сыл түмүктэрин сиһилии кэпсээтэ. Ол курдук кини ааспыт сылы Дьоруойдар сыллара диэн бэлиэтээтэ. Анал дьайыыларга хорсун быһыыларынан Дьоруой аатын ылбыт саха уолаттарын санаата. Ону таһынан Саха сириттэн туох көмө оҥоһуллубутун, ханнык үлэлэр барбыттарын сырдатта.

Доруобуйа харыстабыла, култуура, үөрэҕирии, спорт, тутуу, экономика, экология салаалара 2023 сылга туох ситиһиилэммиттэрин, саҥаны киллэриилэр, уларыйыылар тустарынан кэпсээтэ.
Сергей Александрович отчуотун түмүктээбитин кэннэ ыйытыыларга киирдилэр.

Дьөккөттөр кыра нэһилиэктэри сайыннарар бырагыраама олохтонорун туруорсаллар

Дьөккөҥҥө көрсүһүү оскуола спорт саалатыгар ыытылынна. Дьон-сэргэ элбэх мустубут. Сүрүн ыйытыылартан биирдэстэрэ иһэр уу проблемата буолла. Олохтоохтор бу боппуруоһу отчуот протоколугар киллэрэн күүстээх үлэни ыытары ирдэстилэр. Ону таһынан саҥа кулууп тутуута хаһан саҕаланарый диэн ыйытыы элбэх киһини долгутар. Бөлөх састаабыгар үлэлэһэ кэлбит өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Сергей Семенов нэһилиэк баһылыга «Культура» национальнай бырайыак ирдэбилинэн сөптөөх докумуоннары хомуйсан култуура министиэристибэтигэр биэрдэҕинэ бу боппуруос түргэнник быһаарыллыа диэн хоруйдаата.
Альбина Ионова үлэлии кэлбит бөлөххө отчуотун иһин махталын тириэртэ уонна бэйэтин санааларын этиннэ. Ол курдук кини кыра нэһилиэктэри сайыннарар, өйүүр бырагыраама олохтонон күүскэ үлэлиирэ буоллар диэн эттэ: «Эдэр ыччат тыа сиригэр олохсуйа хаалан эбэтэр көһөн кэлэн үлэлиирин ситиһэр туһугар араас бырагыраамалар баар буолуохтаахтар. Тыа сирэ сайдан, кэҥээн иһэрин, элбэх оҕо, эдэр ыччат баар буоларын туһугар». Кини этиитин биир дойдулаахтара өйөөтүлэр, сөпсөһөллөрүн биллэрдилэр.
Көрсүһүү уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.

Хампалар нэһилиэк иһинэн ааһар өрөспүүбүлүкэ суолталаах суолу атын уулуссаҕа көһөрөрү туруорсаллар

Хампаҕа отчуоту истээри саҥа кулуупка олохтоохтор толору мустубуттар. Сергей Александрович отчуотун түмүктээбитин кэннэ, элбэх киһи ыйытыылары биэрдилэр. Ол курдук сылгылары трассаҕа түҥнэри көтүү быһылааннара тахсаллара олохтоохтору олус хомоторун, долгутарын биллэрдилэр. Оҕо уһуйаанын дьиэтэ эргэрбитин эттилэр. Оттуур сирдэр ууга баралларын туһунан этиннилэр.

1904 сыллаахха тутуллубут интернат дьиэтэ эргэрэн, оҕолор олороллоругар сөбө суоҕун иһин саҥа интернат тутулларын баҕаралларын биллэрдилэр. Бу ыйытыылары, этиилэри боротокуолга киллэрэн, тустаах үлэһиттэргэ тиэрдиэхпит диэн бөлөх салайааччыта эттэ. Хампалар «Саҥа кулууппутугар киинэ көстөрө буоллар» диэн баҕа санаа баарын иһитиннэрдилэр. «Бу кыаллар боппуруос, «Экстра Синема» диэн бырайыак тыа сиригэр киинэ саалаларын арыйыытынан үлэлиир, ону кытта билсэн кулуупкутугар кинотеатр арыйыаххытын сөп» диэн үөртүлэр.
Олохтоохтор саамай сырыылаах, оҕолор, элбэх дьон сылдьар уулуссатынан ааһар өрөспүүбүлүкэ суолталаах суол долгутарын биллэрдилэр. Бу суолу атын сиргэ көһөрүөххэ наада диэтилэр. Олохтоохтор этиилэрин истэн, боротокуолга киллэрдилэр, «тустаах министиэрстибэлэри кытта үлэлэһиэхпит, кинилэргэ тиэрдиэхпит» диэн бөлөх салайааччыта Сергей Александрович иһитиннэрдэ.
Мустубут дьон үлэлиир бөлөххө отчуоттарын, эппиэттэрин иһин истиҥник махтаналлар.

Салгыы СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө атын нэһилиэктэргэ үлэлиэҕэ, куорат олохтоохторун кытта көрсүһүөхтэрэ.

Василина Татаринова.

Читайте дальше