Бүлүү улууһугар туризм сайдыытыгар олук уурулунна

Муус устар 8 күнүгэр Дьөккөн нэһилиэгэр Лүксүгүн учаастагар Бүлүү улууһугар туристическай сезону арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна.

Бастаан өр сылларга үлэлии турар Лүксүгүн учаастагын билиһиннэрии кэнниттэн норуот эмчитэ, нэһилиэк олохтооҕо, аймахпыт Федот Петрович Иванов-эмчит Сөдүөт алгыс түһэрэн мустубут дьону, оҕолору, агротуристары алҕаата. Ол кэнниттэн павильоннарынан сылдьан, саха ынаҕын Сахаайаны, саха оҕуһун Дарханы, симментал боруода ХанХазрет Лири Сулейман оҕуһу, Мариаш уонна Күүлэкээн Козалары, шендленскэй боруода Заколка уонна Завиток Пони аттары, улахан маҥан сибиинньэни,  Эрэл диэн ааттаах саха сылгытын, сүүрүк сылгылары уонна үүт-эт астыыр, кэнсиэрбэлиир сыаҕы мустубут дьон көрдүлэр.

Онтон үрдүк сыанаҕа мустан, хаһаайын Сидор Ионович Ионов, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Акулина Васильевна Данилова уонна «Мой бизнес» Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта Саргылана Титовна Иванова «Лүксүгүн» экоферма туристическай сезону арыйдылар. Дьэ, ол кэннэ «Мас кэрэ тойуга» диэн ааттаах нэһилиэкпит мас уустарыгаар ыытыллыбыт күрэҕи түмүктээтитибит. Бастакы үрдэли «Лэҥкэ» композиция Алексей Капитонов уолунаан, иккис үрдэл Василий Петров Валерий Ивановтуун, үһүс үрдэл Мичил Дьяконов Карл Даниловтуун буоллулар. Кыттыбыт мас уустарыгар-хамаандаларга хаһаайыстыба 10 тыһыынча солк. уу харчынан биэрдэ уонна оройуон дьаһалтата 35, 25, 15,10 тыһыынчалыы суумалаах сертификат туттарда. Мас уустара олус кэрэ композициялары оҥорбуттар. Фермер скверэ оҥоһуллуохтаах, онно бастакы экспонаттар буолуохтара. Мантан салгыы пони аттарга уонна быйыл ылыллыбыт бураҥҥа соһуллар БАНАН диэн тэрилгэ хатааһылааһын тэрилиннэ. Оҕо-аймах уонна мустубут дьон күйгүөрүнэн-үөрүүтүнэн Лүксүгүн учаастага туола түстэ.

Хатааһылааһын кэнниттэн  мустубут дьону диэн аны дьиэҕэ «Фермер эбиэтэ» минньигэс эбиэт күүппүтэ. Син сааһылаһан олоруу кэнниттэн дьэ, минньигэс эт уонна ис мииннэрэ, араас салааттар, кырбаммыт эт нарезкалара, бурдук астара, фрукталар, утахтар, биир тылынан эттэххэ, минньигэс эбиэти Николай Айдаман салайааччылаах «Сулус суһума» ыллыыр бөлөх олус тупсаран биэрдэ. Эбиэт бириэмэтигэр бэйэбит айбыт «Мүөттээх ырай» диэн мүөттэн, кедровай эриэхэттэн уонна ыт тиҥилэҕиттэн оҥоһуллубут анал таас иһиттэргэ кутуллубут бэйэбит фирменнэй  бүлүүдэтинэн ыалдьыттарбытын күндүлээтибит.

2 чаастан тэрээһин дьыалабыай чааһыгар киирдибит. Манна эрдэттэн бэлэмнэниллибит конференц-саалаҕа мунньах ыытылынна. Мунньахха улууспут баһылыга Сергей Николаевич Винокуров, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Степанович Афанасьев уонна туризмҥа сыһыаннаах интэриэһиргиир предпринимателлэр, нэһилиэктэр баһылыктара кыттыыны ыллылар. Мунньахха маны таһынан Сунтаар улууһуттан Гаврил Леонидович Яковлев, Хаҥалас улууһуттан Марианна Матвеевна, Петр Николаевич Андреевтар кыттыыны ылан, мустубут дьоҥҥо бэйэлэрин уопуттарын, үлэлэрин кэпсээтилэр, кылгас видеолары көрдөрдүлэр.

Миниистир солбуйааччыта Николай Степанович Афанасьев өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатыгар ыытылла турар үлэлэри, ол иһигэр агротуризм уонна ыччаты кытта утум-ситим-тэтим биир ситиминэн барыахтааҕар санаатын үллэһиннэ. Улууспут баһылыга Сергей Николаевич Винокуров улууска ыытылла турар үлэлэри, Москва куоракка командировкаҕа сырыытын,  туризм хайысхатыгар программа  наадатын уонна бу үлэҕэ араас сонун хайысхалары, кэпсэтиилэри ситимин быспакка киллэрэ турарбытыгар санаатын эттэ.

Хаҥаластан ыалдьыттарбыт Марианна Матвеевна, Петр Николаевич Андреевтар бэйэлэрин уопуттарын, гостиницаны тэрийэри, туристары хайдах көрсөрү, аралдьытары, угуйары уонна олус интэриэһинэй быйылгыттан саҕаламмыт Олоҥхо гастротеатр туһунан кэпсээн мустубут дьону сөхтөрдүлэр. Онтон Сунтаартан ыалдьыппыт Гаврил Яковлев «Подкова на счастье» диэн ааттаах Элгээйигэр баар базатыгар туристары көрсөр үлэтин билиһиннэрдэ, тыа сиригэр хайдах тэриммитин, туох ыарахаттары көрсүбүтүн, үлэтин кэпсээтэ, боппуруостарга эппиэттээтэ.

Салгыы Василий Николаевич Мандаров «Махатта» бырайыагын билиһиннэрдэ. Бу бырайыак Бүлүүбүт улууһун Халбаакы нэһилиэгэр баар сир-уот, күөллэр, тукулааннар тустарынан буолан дьону интэриэһиргэттэ. Нэһилиэк баһылыктарыттан Петр Александрович Догоюсов улахан делегациялаах кэлэн барытын көрдө-иһиттэ, маннык тэриниэххэ сөп диэн санаатын үллэһиннэ. Чахчы туруу үлэһит дьоннордоох Чочу нэһилиэгэр туризмы сайыннарарга кыах-күүс, эбийиэктэр, музейдар, онорон таһаарыы баар.

Чинэкэ нэһилиэгин баһылыга Антон Сергеевич  Амбросьев эмиэ туризмы интэриэһиргиир биир эдэр баһылык быһыытынан көрдүм. Көрдө-иһиттэ, бэлиэтэннэ. Нэһилиэгэр киллэриэ диэн эрэниэххэ. Чинэкэ дьоно-сэргэтэ көхтөөҕүнэн, кыахтааҕынан улууска биир бастыҥ нэһилиэк. Манна эмиэ кыах толору баар. Музейы, социальнай тэрилтэлэри уонна “Сэттэбиннээх” ферманы, производствоны холбоотоххо, олус үчүгэй бырайыак тахсыан сөп. Салгыы министиэристибэ үлэһитэ тыа сирин кэлимник сайыннарар (КРСТ) отдел салайааччыта Валерий Валерьевич бу хайысхаҕа хайдах үлэни тэрийии туһунан, ыччаттары тардыы-үөрэттэрии, олорор дьиэлэри туттарыы, сайыҥҥы кэмҥэ оҕолору үлэҕэ тардыы, хамнастарын төлөөһүн уонна возмещение боппуруостарыгар олус интэриэһинэй информацияны мустубут дьоҥҥо тириэртэ.

«Мой бизнес» Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта Саргылана Титовна Иванова туризм боппуруостарыгар санаатын этиннэ. Ол курдук программа уонна үлэни сүрүннүүр турагент наадата, бу үлэни нэһилиэк  баһылыктара сүрүннүүллэрэ, ылсаллара буоллун туристическай поток элбиэх этэ диэн олус интэриэһинэй иһитиннэрии оҥордо.

Бүлүү улууһун социальнай харалтатын управлениетын начальнигын солбуйааччы Александр Игоревич Комаров БЭЙЭ дьыалатын арынарга, ол иһигэр туризмы хайдах сайыннарыахха, ханнык көмөлөр, уопуттар, кимнээх көмө ылбыттарын, баалларын кэпсээбитин мустубут дьон сэҥээрэн иһиттэ, боппуруостары биэрдэ.

Аһаҕас микрофон үлэлээн дьон санаатын хото этиннэ. Ол курдук Михаил Семенович Томскай, Софья Акимова, Анатолий Егорович Петров уо. д.а. бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.

Бу кэнниттэн алта өрүттээх бииргэ үлэлээһиҥҥэ Сөбүлэһиигэ илии баттанна. Ол курдук «Бүлүү улууһа (оройуона)», үөрэх управлениета, социальнай харысхал управлениета, култуура улуустааҕы управлениета, тыа хаһаайыстыбатын департамена уонна Дьөккөн нэһилиэгин Лүксүгүн экоферма хаһаайына Сидор Ионов илии баттаатылар.

Дьэ, ити курдук биир үтүө күн туризм сайдыытыгар Бүлүү улууһугар биир олук уурулунна диэн этиэххэ сөп.

Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, тэрийсибит биир дойдулаахтарбар уонна ыалдьыттарга барҕа махталбын тириэрдэбин. Кытаанах доруобуйаны, ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.

Альбина Ионова,

Дьөккөн.

Читайте дальше