Киһи сайдыыта, киһи буолан тахсыыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Киһи-аймах сыаннастара, култуурата, көлүөнэлэр солбуһуулара барыта дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, онтон Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. От ыйын 8 күнүгэр М.Н.Жирков аатынан култуура Дыбарыаһыгар Бүтүн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр аналлаах тэрээһин улуус дьонун-сэргэтин түмэ тарта.
Үөрүүлээх тэрээһин саамай долгутуулаах түгэнинэн саҥа ыалы регистрациялааһын буолла. Ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быраабыыталыстыбатын иһинэн гражданскай турук акталарын суруйар Управление Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта Марина Иванова эдэр ыалларга Марк Егоровка уонна Алена Тумусоваҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга дастабырыанньаны туттарда, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабылы уонна тапталы, уһун дьоллоох олоҕу баҕарда.
Бүлүү улууһугар ыал буолан, уһун сылларга өйдөһөн-өйөһөн, эйэ-дэмнээхтик олох устун бииргэ хааман кэлбит, Ийэ, Аҕа аналын чиэстээхтик сүгэр, амарах Эбээ, Эһээ үрдүк аатын ылар, тус олохторунан холобур буолар, үлэлэринэн-хамнастарынан ытыктанар дьоһун-мааны ытык ыалларбыт аҕыйаҕа суохтар. Марина Иванова ытык-мааны дьиэ кэргэттэри – Николай Семенович, Тамара Семеновна Николаевтары уонна Егор Маркович, Антонина Дмитриевна Даниловтары 50 сылларынан, кыһыл көмүс сыбаайбаларынан улуус дьиэ кэргэттэрин Кыһыл көмүс кинигэтигэр киллэрдэ, сибэкки дьөрбөтүн, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.
50-тан элбэх сыл бииргэ олорбут дьиэ кэргэттэр Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүн чэрчитинэн “Таптал уонна бэриниилээх буолуу иһин” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Бүлүү куоратын ыала, 54-үс сылларын бииргэ олорор Надежда Николаевна уонна Николай Иванович Ивановтарга, Тааһаҕар нэһилиэгин ытык – мааны ыала, 52 сылларын бииргэ олорор Мария Егоровна уонна Павел Михайлович Харлампьевтарга, Бүлүү куоратын ыала, 51-с сылларын бииргэ олорор Маргарита Ивановна уонна Иван Иванович Захаровтарга, Тааһаҕар нэһилиэгин ытык – мааны ыала, 51 сылларын бииргэ олорор Наталия Алексеевна уонна Ким Васильевич Семеновтарга Бүлүү улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Иван Иванович Евсеев мэтээллэри туттарда.
Маны сэргэ «Бүлүү улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон баһылыгын эҕэрдэ суруктара өр сылларга бииргэ олорор, убаастанар дьиэ кэргэттэргэ Нина Егоровна уонна Анатолий Егорович Петровтарга, Зоя Афанасьевна уонна Михаил Прокопьевич Павловтарга. 15-ис сылларын бииргэ олорор Наталья Владимировна уонна Антон Сергеевич Поповтарга туттарылыннылар.
Мантан салгыы култуура Дыбарыаһын сыанатыгар «Дьиэ кэргэн — олох төрдө» күрэх кыттыылаахтара ыҥырылыннылар. Улуустааҕы «Дьиэ кэргэн — олох төрдө» күрэх 10 араас түһүмэххэ наарданан сыл устата ыытыылла турар. Маҥнайгы түһүмэх «Ытык Бүлүү алгыстаах ыһыаҕын» чэрчитинэн «Бүлүү сайдам ыалын бастыҥ түһүлгэтэ» көрүү буолбута. Күрэххэ улуус нэһилиэктэриттэн уонна Бүлүү куоратыттан уопсайа 20 ыал кыттыыны ылаллар. «Күрэх уопсай түмүгүнэн кыайыылаах дьиэ кэргэн дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка путевканан наҕараадаланыахтара. Салҕыы буолар түһүмэхтэргэ кыттааччыларга ситиһиини баҕарыаххайыҥ!» — диэн Бүлүү улууһун дьаһалтатын социальнай уонна эдэр ыччат политикатын отделын салайааччыта Елена Николаевна Федорова эттэ, күрэх кыттыылаахтарыгар улуус дьаһалтатын аатыттан бэлэхтэри туттарда.
Үөрүүлээх тэрээһин уоттаах-күөстээх кэнсиэринэн түмүктэннэ.
Биһиги улууспут бары дьиэ кэргэттэрин Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэлээн туран, сүүс сүүскүтүттэн өйөнсөн, эйэҕитин холбоон, уһуннук олоруҥ, чугас дьоҥҥут куруутун эһигини үөрдэ-көтүтэ, дьоллуу турдуннар диэн баҕара хаалабыт.
Василий Николаев,
Изольда Загитова.