Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха туһаайыытын Бүлүү дьаһалтата уонна депутаттар Сэбиэттэрэ коллективынан олус болҕойон, долгуйан иһиттибит. Чахчы да ураты, олус дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ хабааннаах туһаайыы буолла. Бэрэсидьиэн 2030 сылга диэри биһиги дойдубут хайдах тиэмпэнэн сайдыахтааҕын, туох хайысхаҕа үлэлиэхтээҕин ыйда. Бу сырыыга хаһааҥҥытааҕар да элбэх национальнай бырайыак этилиннэ. “Дьиэ кэргэн”, “Россия ыччата”, “Уһун уонна чэгиэн олох”, “Кадрдар” уонна “Дааннайдар экономикалара” диэн нацбырайыактары ааттаата.
Бэйэм социальнай хайысханан дьарыктанар буоламмын ити 5 нацбырайыактан 4 социальнай хабааннаах буоларын бэлиэтии көрдүм. Биһигини элбэх үлэ күүтэр дии санаатым. Бу үлэ чахчы дьоммут-сэргэбит дьоһун олохтоох буолалларыгар төһүү күүс буолуо диэн бигэ эрэллээхпин. Судаарыстыба өттүттэн өйөбүл улаханын дьон өйдүүр.
Уонна мин биир сүрүн үлэм – СВО кыттыылаахтарыгар улуустан көмө оҥоһулларыгар эппиэтинэстээхпин. Владимир Владимирович дьоҥҥо судургутук, олус тиийимтиэтик эттэ: “Урут уруккуттан дьон элита диэн олигархтары, бэйэлэрин хармааннарын хаҥатыммыт дьону этэр. Ол гынан баран дьиҥ элита — дойдуларыгар бэриниилээхтэрин дьыаланан дакаастаабыт дьон буолар. Бастатан туран, анал байыаннай дьайыыга сылдьаруолаттарбыт”. Кинилэргэ судаарыстыбаттан көмө, өйөбүл олус улахан буолуо диэн бигэргэттэ. Байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр үөрэххэ да, үлэҕэ да киириилэригэр, дьиэ кэргэттэригэр да болҕомто ураты буолуо диэн эттэ. Кулун тутартан «Геройдар кэмнэрэ» диэн кадровай бырагыраама үлэлиэҕэ диэн чопчулаата. “Биһиги бу сэриини саҕалаабатахпыт, ол гынан баран кыайыыны ситиһэн, бу сэриини тохтотор биһиги ытык иэспит буолар”, — диэн Владимир Владимирович этиитин олус күүстээхтик түмүктээбитэ.