Бүлүү улууһун тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара халаан уутуттан эмсэҕэлээбит, ынах сүөһүлэрэ, сылгылара ууга былдьаммыт Нам улууһун хаһаайыстыбаларыгар күттүөннээх көмөнү оҥороллор.
Нам улууһун ынах сүөһү, сылгы ииттэр элбэх хаһаайыстыбалара быйылгы халаан уутун содулуттан киһи үөйбэтэх-ахтыбатах улахан хоромньутун көрүстүлэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уу дохсуннук уонна түргэнник тоҕо анньан халааннаан киирэн, сорох хаһаайыстыба сылгылара, ынах сүөһүлэрэ ууга былдьаннылар. Урут хаһан да халаан уута киирбэтэх Хатырык уонна Маймаҕа нэһилиэктэригэр ордук элбэх сүөһү ууга былдьанна.
Саха сиригэр регионнааҕы суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата таһымнаах суһал ыстаап тэрилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, бааһынай хаһаайыстыбаларын ассоциациялара, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ Нам улууһун хаһаайыстыбаларыгар көмө оҥорорго ыҥырыы таһаарбыттарыгар, бүгүн Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын салаатын тэрээһиннээх тэрилтэлэрэ төһө кыалларынан көмөнү оҥороллор, илиилэрин ууналлар.
Бүлүү улууһун тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара төһө кэриҥнээх көмөнү оҥорбуттарын Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Павел Иннокентьев билиһиннэрдэ:
— Ууга барбыт улуустарга, ордук, элбэх хоромньуну көрсүбүт Нам улууһугар көмө оҥорорго Бүлүү улууһун 11 улахан тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларын: «Бөтүҥ», «Тыымпы», «Мастаах», «Кыргыдай», «Хаҕын», «Халбаакы», «I Күүлэт» производственнай кэпэрэтииптэрин, «Ампаардаах» хаһаайыстыбатын, «Кырбасова А.В.», «Харлампьев А.К.», «Ионов С.И.»хаһаайыстыбаларын салалталарын кытта сүбэлэһэн баран, Нам улууһун пуондатыгар 800 тахса тыһ. солк.ыыттыбыт. «Тыымпы» кэпэрэтиип 1 ыанар ынах, ньирэй уонна убаһа биэрэрин биллэрдэ.
Ити курдук, Бүлүү улууһун кэпэрэтииптэрэ, бааһынай хаһаайыстыбалара ууттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун хаһаайыстыбалара ыарахан кэмнэригэр илиилэрин уунан улахан өйөбүл оҥордулар.
Николай Куприянов.