Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан 2022 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр Бүлүү куорат Чапаев уулуссатын 20 Б нүөмэригэр турар В.О. Каратаев аатынан Олоҥхо дьиэтигэр тэриллибит Бүлүү улууһун көмө оҥорор пууна бэйэтин үлэтин тохтоппокко үлэлэтэр.
Билиҥҥи уустук балаһыанньаны сөптөөхтүк өйдөөн, саамай кэмигэр олус наадалаах, туһалаах өйөбүл диэн санаанан салайтаран Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрэ быстах байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөбүтүн быспакка оҥорорбут сылтан орто.
Ол курдук уопускаҕа кэлэ сылдьар анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт, бэйэлэрин баҕа өттүнэн сулууспалыы барар биир дойдулаахтарбыт көмө оҥорор пуунтан кэлэн, улууспут уопсастыбаннай түмсүүлэрин амарах ийэлэрэ илиилэрин сылааһынан тикпит байыаннай көстүүмнэрин, сылаас сэлиэнчиктэри, кэтиинчэлэри, ардахтан харыстанар пончалары, плащевай көстүүмнэри, плащевай кууркалары, балаклавалары, аптечкалары, сииктэн, тымныыттан харыстыыр олбохтору, саа уоһугар кэтэрдиллэр чехоллары, маҥан повязкалары, сылгы сиэлиттэн оҥоһуллубут угунньулары, блиндажнай чүмэчилэри, харысхаллары, маскировочнай сеткалары уонна маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт тактическай көстүүмнэри, термо бельелары, флис көстүүмнэри, толстовкалары, ис таҥаһы, чараас, халыҥ наскылары, баайыы бэргэһэлэри, перчаткалары, влажнай салфеткалары, «Сыа Бүлүү» спонсордаабыт эт кэнсиэрбэтин, утары туттуллар малы-салы иннэтигэр сабыгар тиийэ бэйэбит тикпит вещмешокпутугар уган биэрэн ыыталыыбыт. Сайын, күһүн кэлэн барбыт уолаттар таҥастарын кээмэйдэнэ ылан баран устубакка сразу кэтэн барааччылар. Маннык көмө оҥорор пуун баара наһаа үчүгэй, бу таҥастары барытын бэйэҕит тигэҕит дуо, бачча элбэх малы, таҥаһы тигэргитигэр, атыылаһаргытыгар хантан харчы ылаҕытый диэн элбэх уолаттар ыйыталлар. Улууска СВО-ҕа сылдьар дьоннорго уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорор штаб үлэлиир, онно таҥас тигэр материал, фурнитура ыларбытыгар харчы көрүллэн счетунан миэтэрэлээх таҥаһы атыылыыр маҕаһыыннарга ыытыллан атыылаһабыт уонна улуус уопсатыбаннай түмсүүлэрэ бэйэбит харчы кыттыһаммыт Дьокуускайтан тигэр матырыйаалларбытын, готовай таҥастары, бу утары туттуллар маллары барытын атыылаһан кэлэбит. Кэллибит да түмсүү салайааччылара нэһилиэктэртэн киирэннэр материаллары ылан тахсаллар уонна бу таҥастары тигэн, ону таһынан маскировочнай сеткалары харысхаллары, сиэлтэн угунньулары иҥин бэйэлэрин материалларыттан оҥорон киллэрэллэр диэн кэпсиибин, уолаттар махтанан өссө да тиһигин быспакка көмөлөһө туруҥ, туох наада буоларын биһиги эмиэ этиэхпит диэн барааччылар. Бу күннэргэ ахсынньы 16 күнүгэр уопускаҕа кэлэ сылдьар икки уол кэлэн бэйэлэрэ наадыйар таҥастарын, малларын ылан үөрэн, махтанан бардылар.
Үрүҥ көмүс волонтердар
Бу иннинээҕи ыстатыйаларбар суруйбутум курдук, көмө оҥорор пууммут мобилизация саҕаланыаҕыттан Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин “Үрүҥ көмүс” волонтердарын көмөлөрүнэн күүстээхтик үлэлээн кэллэ. Түмсүүлэр анал байыаннай дьайыыга анаан мобилизация саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улууспутугар ыытыллар элбэх акцияларга уонна быйыл ыытыллыбыт олунньу 23, 6 маайга, атырдьах ыйын 4, 11 күннэригэр, алтынньы 18 күнүгэр благотворительнай кэнсиэртэргэ кытынныбыт, “Тепло солдату”, “Тепло из дома”, “Мы-вместе”, “От мам Якутии с любовью”, “Теплая осень”, бу акцияларга кыттан бэйэбит тикпит ичигэс байыаннай таҥастарбытын, балаклавалары, флис толстовкалары, универсальнай олбохтору, аптечкалары, тактическай көстүүмнэри, рюкзактары,араас ичигэс таҥастары, утары туттуллар малы-салы атыылаһан улууспут салалтата массыына биэрэн Дьокуускай куоракка Орджоникидзе уулуссатын 10 №-дээх көмө оҥорор пуунугар хаста да илдьэн туттарбыппыт.
Киэҥ хабааннаах көмө тиһигин быспакка ыытылла турар
Мобилизация саҕаланыаҕыттан психоневрологическай диспансер коллектива, салайааччы Надежда Ильинична Макарова СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарыгар ый аайы көмө оҥоро тураллар, ол курдук көмө оҥорор пууҥҥа ичигэс таҥас ыларга, тигэргэ, ону таһынан СВО-ҕа сылдьар уолаттарга тус бэйэлэригэр харчынан көмөнү ыыталлар. Бу кэнники ыытыллыбыт харчынан флис толстовкалары, термобельелары, термонаскылары, тактическай перчаткалары мин Москваттан атыылаһан кэлбитим.Тааһаҕар нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтэ, нэһилиэктэригэр СВО-ҕа сылдьар дьоннорбутугар көмөлөһүөҕүҥ диэн ыҥырыы таһаараннар харчы хомуйан, таҥас атыылаһаннар олохтоохтору кытары 5 маскировочнай сетка, 10 устуука кээнчэ 15 сылаас сэлиэнчик тигэн, харысхаллаах буоллуннар диэн 30 харысхал оҥорон, 15 устуука сылаас ыстааннары атыылаһан салайааччы Акулина Кирилловна Поскачина, уонна түмсүү “Үрүҥ көмүс” волонтердара киллэрэн туттардылар. Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн “Сүрэҕим баҕатынан” түмсүү 96 устуука сиэлтэн угунньу оҥорон, “Илии сылааһа” акция тэрийэн, тус гигиенаҕа туттуллар мал-сал хомуйан ыыттылар.
Оскуола оҕолоро анал дьайыыга сылдьар убайдарыгар, аҕаларыгар ис сүрэхтэн тахсар баҕа санааларын “Письмо солдату” суруйан кыттыстылар. Салгыы блиндажнай чүмэчи уонна маскировочнай сетка оҥорор былааннаахтарын эттилэр. Н.А.Алексеев аатынан 2-с Күүлэт орто оскуолатын үлэһиттэрэ, оҕолоро байыаннай дьайыыга кытта сылдьар хорсун саллааттарга санааларын көтөҕөр, күүстэригэр күүс эбэр ис дууһаларыттан суруйбут баҕа санааларын араас уруһуйунан киэргэтэн, эйэлээх олоҕу уруйдаан, хас биирдии оҕо сүрэҕин сылааһын ууран суруйбут суруктарын уонна Саҥа дьылынан эҕэрдэлээн “Посылка солдату” диэн минньигэс астаах баһыылка оҥорбуттарын оскуола дириэктэрэ Мария Павловна Васильева киллэрэн туттарда. Хаҕынтан “Аҕам саас” түмсүү 30 сиэлтэн оҥоһуллубут угунньулары, уолаттарбыт харысхаллаах буоллуннар диэн 100 харысхалы оҥорбуттарын салайааччы Оксана Христофоровна Еремеева киллэрэн туттарда.
Ити курдук биһиги улууспут уопсастыбаннай түмсүүлэрин “Үрүҥ көмүс” волонтердарын, үтүө санаалаах дьоннорун, оскуола оҕолорун суруктарын, илиилэрин сылааһынан тигиллибит, оҥоһуллубут, атыылаһыллыбыт таҥастарын, минньигэс астаах баһыылкаларын ыыппыттарын анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ахсынньы 24 күнүгэр ыыттыбыт. Ыыппыт таһаҕаспыт Дьокуускай куорат Орджоникидзе уулуссатын 10 №-дээх көмө оҥорор пуунугар ахсынньы 25 күнүгэр тиийэн бу күннэргэ тустаах сирдэригэр ыытыахтаахтар.
Улуус дьаһалтатын дьыалаларын салайааччы Клара Валериановна Гаврильеваҕа анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ыытар таһаҕаспытын Дьокуускайга илдьэрбитигэр куруук массынанан көмөлөһөргөр,
Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин “Үрүҥ көмүс” волонтердарыгар, түмсүүлэр салайааччыларыгар, көмө оҥорор пууҥҥа түүннэри-күнүстэри үлэлэһэ сылдьар Екатерина Герасимовна Алексееваҕа, Тааһаҕар, Баппаҕаайы нэһилиэгин олохтоохторугар, “Сыа Бүлүү” дириэктэригэр Алексей Алексеевич Кондратьевка, психоневрологическай диспансер коллективыгар, салайааччы Надежда Ильинична Макароваҕа анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар куруук күүс-көмө буола сылдьаргытыгар улахан махталбын тириэрдэбин.
Түгэнинэн туһанан
Ыарахан күннэрбитигэр, эмтэнэр эрэллээх, үтүөрэргэ дьулуурдаах эргиллэн кэлбиппитигэр, күүс-көмө буолбут, үбүнэн уонна санаа күүһүгэр күүс эппит үтүө санаалаах күндү доҕотторбутугар, дьоннорбутугар махтал бастыҥын тиэрдэбит.
Эһигини бука барыгытын кэлэн иһэр 2024 сылынан итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибин, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэттэргитигэр иллээх олоҕу, хаһан да ыарыы ылласпатын, доруобай дьоллоох-саргылаах буолуҥ.
«Хаһан да сахалыы сайаҕас, аһыныгас санааҕыт самныбатын»,- диэн алҕаатаҕым буоллун!
Мария Томская.