Кэлиҥҥи сылларга дойду үрдүнэн агротуризмы сайыннарарга улахан болҕомто ууруллан эрэрин, тыа хаһаайыстыбатын араас көрүҥнээх бородууксуйатын оҥорор пиэрмэрдэргэ грант ситиминэн ботуччу үбүлээһин көрүллэр буолбутун бэлиэтиэххэ сөп. Итини сэргэ, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрэр, сүөһүнү-көтөрү иитэр, үүнээйинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар тыа сирин туризмынан дьарыктаналлара эмиэ сайдан эрэр. Итинник сонун тэрээһиннэр Бүлүү улууһугар кэлэр сылларга төһө сайдар чинчилээхтэрий?
Баар диэххэ сөп. Биһиэхэ хаһаайыстыбаларыгар туристары сөп сыанаҕа сырытыннарар, олохтоох аһы-үөлү амсатар, бэйэлэрин ынахтарын, сылгыларын, араас көтөрдөрүн, үүнээйилэрин көрдөрөр кыахтаах хаһаайыстыбалар суох буолбатахтар. Барыта тэрээһинтэн, баҕа санааттан тутулуктаах. Дьэ, онтон хаһаайыстыбалар «Агротуризм» бырайыак араас суумалаах граннарыгар холонон көрүөхтэрин сөп.
Дьөккөҥҥө Ионовтар хаһаайыстыбалара атыттарга агротуризмы сайыннарыыга үтүө холобур буолуон сөп. Саха сиригэр биллэр хаһаайыстыба бастаан тыа сирин туризмынан дьарыктаммыта, онтон улууска бастакынан «Агротуризм» федеральнай гранын үбүн ылан, муус устар 7 күнүгэр Дьөккөн Лүксүгүнүгэр саҥа туристическай сезоннарын үөрүүлээхтик арыйдылар.
Хаһаайыстыбаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 102 ыанар ынаҕы, 60 кыра сүөһүнү, сылгыны, сибиинньэни, көтөрдөрү, козалары уонна мүөттээх ыҥырыалары туталлар. Элбэх тиэхиньикэлээх, үрүҥ аһы астыыр, бэйэ ынах, убаһа, сибиинньэ эттэриттэн кэнсиэрбэ оҥорор сыахтардаах, минньигэс мүөтү сүүрдэргэ толору тэрилинэн хааччыллыылаах дьиэлээх-уоттаах, пасекалаах атаҕар турбут бөдөҥ хаһаайыстыба буолар.
Итини сэргэ, дьөккөннөр улууска ат спордун сайыннарыытынан утумнаахтык дьарыктаналларын, 8 сүүрүк аты туталларын, кэлиҥҥи сылларга улууска иннилэрин биэрбэт буолбуттарын бэлиэтиэххэ сөп. Былырыын күһүн Дьокуускайга аттарын бэрт ситиһиилээхтик сүүрдүбүттэрэ.
Тыа хаһаайыстыбатын урбаанньыта Сидор Ионович Ионов тэрээһиннээх хаһаайыстыбаны салайар, Иван Ионович үлэни сүрүннүүр, улуус баһылыгын солбуйааччытынан, нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит эдьиийдэрэ Альбина Ионовна сүбэ-ама, күүс-көмө буолар.
…Аҕыйах сыллааҕыта Кыһыл Сыырга ЯТЭК олохтоох туризмы сайыннарар сүбэ мунньаҕар Альбина Ионовна хаһаайыстыба үлэһиттэрэ Лүксүгүҥҥэ эко-пиэримэ тэрийиэхтэрин, агротуризмы сайыннарыахтарын баҕаралларын этиммитэ улуус хаһыатыгар тахсыбыта. Ааспыт сайын Татарстантан сиринэн мүөттээх ыҥырыа 100 уйатын аҕалтарбыттарын көрө тахса сырыттахпытына, кини Лүксүгүн сайылыгар кэлин биһирэбили ылан эрэр тыа сирин туризмын курдук хайысха сайдан эрэрин, былырыын харчы төлөөн туран, сайылык үлэтин билсэ 500 киһи сылдьыбытын, хаһаайыстыба «Агротуризм» Арассыыйатааҕы куонкурсугар бырайыагын ыытан кытта сылдьарын билиһиннэрбитэ.
Улахан куонкуруска кыайыылаах тахсыбыт хаһаайыстыба салайааччыта Сидор Ионов хайдах кыттыбыттарын маннык билиһиннэрдэ:
— Былырыын бастаан өрөспүүбүлүкэ куонкурсугар, онтон 4 буолан Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыбыппыт. Саха сириттэн икки хаһаайыстыба кыайдыбыт. 10 мөл. солк суумалаах грант сотору түһүөхтээх. Итинтэн 2,5 мөл. солк. бэйэбит киэнэ, 7,5 мөл. солк. РФ ТХМ үбэ буолар. Агротуризмҥа былаан быһыытынан түөрт түһүмэхтээх үлэ барыахтаах.
Хаһаайыстыбаны 2015 сыллаахха «Агростартап» үбүнэн Лүксүгүҥҥэ тэриммитим, 2019 сыллаахха «Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» грант үбүнэн 4 квартиралаах олорор дьиэ тутан, сүөһү ылан, сибиинньэ элбэтэн барбыппыт. Былырыын күһүн кыстыкка мүөттээх ыҥырыа 67 уйаларын киллэрбиппит, үчүгэйдик кыстаан таҕыстылар.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев агротуризм сайдар кэскилин кэпсээтэ:
— Кытыы сиргэ олорон сүөһү, коза, көтөр ииттэр хаһаайыстыба элбэх. Бары да кэриэтэ тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин көрдөрөр дьон буолаллар. Агротуризм диэн федеральнай граҥҥа 3 сылбытын кыттабыт. Бастакы сыл Элгээйиттэн Николаевтар ааспыттара, 2023 сылга Горнайтан Чемезовтар, Дьөккөнтөн Ионовтар грант ыллылар.
Ионовтар, уопсайынан дьөккөннөр уруккуттан үлэһит дьон буолалларын бэлиэтиэм этэ.
Саҥа сезону үөрүүлээх арыйыыга, семинарга элбэх киһи кыттыбытын, ол иһигэр туризмынан дьарыктанар урбаанньыттар, хаһаайыстыбалаах пиэрмэрдэр, нэһилиэктэр баһылыктара билсэ-көрсө кытыннылар.
Биллэн турар, тыа сирин туризмынан дьарыктанарга суоллаах-истээх, элбэх киһи харчы төлөөн сылдьар кыахтаах, дьон көрүөн-истиэн баҕалаах уратылардаах сирдээх нэһилиэктэр, хаһаайыстыбалар, урбаанньыттар балаһыанньалара ордуга биллэр.
Холобура, Кыадаҥдаҕа клубника үүннэрэр, көтөрдөрү иитэр хаһаайыстыбалар туристары сырытыннарар кыахтаахтар. 5-6 сыллааҕыта Д.Г.Макаров аатынан «Зеленый пояс Вилюя» экология пуондата туристическай ыллык тэрийбитэ күүс-көмө буолуо. Олохтоох туризм сайыннаҕына, онно тирэҕирбит хаһаайыстыбалар, урбаанньыттар араас куонкурустарга киирсиэхтэрин сөп.
Уопсайынан, «Туризмы сайыннарыы» федеральнай бырагырааманан 2024-26 сылларга 52 млрд. солк. көрүлүннэ. Ити бырагыраама 2030 сылга диэри өссө сайдыахтаах. Онтон 3-10 мөл. солк. суумалаах граннарынан үбүлүүр «Агротуризм» федеральнай куонкурус быйылгы суумата 700 мөл. солк. диэри тиийдэ.
Николай Куприянов.