Олох ханна баар да, онно поэзия баар.
Моисей Ефимов.
Көмүс сэбирдэхтэрин тэлимнэтэн кэлбит күһүҥҥү күн, балаҕан ыйын 5 күнүгэр, киин библиотекаҕа Сахабыт сирин араас улуустарыттан кэлбит айар куттаах ыалдьыттары кытары истиҥ көрсүһүү буолла.
Уран тылы умсугуйар Бүлүү ааҕааччыларын биллэр суруналыыс, поэт, публицист, Иван иколаев- Уйбаан Уххан, Нам улууһуттан Арассыыйа суруналыыстарын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Анатолий Софронов-Онтуон, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойуустарын чилиэннэрэ Уус Алдантан мелодист Василий Пестряков-Курбуһах Уола, Николай Бурнашев-Куола Уола, Тааттаттан Петр Неустроев- Айаанньа Уус, Валентина Пинигина-Арылы, Хаҥаластан Татьяна Петрова -Мойуу Кыыһа, Чурапчыттан Римма Корякина-Хотууна, Ньурбаттан Альбина Аммосова-Күндээдинскэйэ, Үөһээ Бүлүүттэн Валерий Никифоров- Суор Уола, эдэр суруйааччылар- Чурапчыттан Сардаана Корякина, Кэбээйиттэн Сюзанна Кондакова тус бэйэлэринэн кэлэн көрүстүлэр.
Атын –атын улуустарга олорор, араас идэлээх эрээри айар үлэ тула бииргэ түмсүбүт көхтөөх дьон, дойдуларыгар үлэлиир түмсүүлэр уонна бэйэлэрин тустарынан сэргэхтик кэпсээтилэр. Айар, суруйар иэйии киһиэхэ хаһан баҕарар, хайа да сааска ситэн кэлиэн, уһуктуон сөбүн тус бэйэлэрин холобурдарынан тиэртилэр. Саҥа саҕалааччыларга сүбэ-соргу биэрэн, дьоҥҥо аһаҕас буоларга, саһа, бүгэ сыппаттарыгар баҕардылар.
Бүлүү куоратыттан СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Бүлүү саһарҕалара» түмсүү салайааччыта Николай Иванов, «Сарыал» литературнай түмсүүттэн салайааччы Анна Чиркова-Вилюйчанна уонна Николай Осипов бу кэпсэтиигэ санааларын үллэстэн тыл эттилэр.
Биир идэлээхтэр түһүлгэлэрин үөрүүлээх чааһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Константин Харлампьев «Эһиэхэ эрэ анаан» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Константин Романович 1955 сыллаахха атырдьах ыйын 27 күнүгэр Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ. Идэтинэн суоппар, механик. Уопсайа 40-тан тахса сыл араас техникаҕа үлэлээбитэ. Айар үлэнэн 1988 сылтан умсугуйан дьарыктаммыта. Хоһоонноро бастаан «Олох суола» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. Салгыы, хоннохтоохтук дьарыктанан, 2018 сылтан 4 хомуурунньугу бэчээттэтэн таһаарда: «Күн кыырпаҕын ыспахтаан»(2018с.), «Көҥүлгэ көппүт иэйиилэрим» (2021с.) «Хоһооннорум хонуутуттан»» (2022с.) «Санаа саҕахтара»( 2023 с.)
Бэһис кинигэтэ «Дани-Алмас» компанияҕа бэчээттэммит. Манна олоҕу туойар хоһооннор 3 түһүмэххэ аттарыллан киирбиттэр. Ааптар «Бүлүүбүт уруйдан», «Ыраахтан улаатан мэндэйэн көстөҕүн» хоһоонноро үбүлүөйдээх куораппыт олохтоохторугар бэртээхэй бэлэх буолла.
Саҥа кинигэ тула кэпсэтии бэрт көхтөөхтүк, сэргэхтик ааста, элбэх хоһоон ааҕылынна. Ааптар Константин Романовичка биир дойдулаахтара, айар-суруйар доҕотторо эйэҕэс эҕэрдэлэрин, бастыҥ баҕа санааларын анаатылар.
Түмүктүүр чааска ыраахтан кэлбит иэйэр куттаах ыалдьыттар бэйэлэрин кинигэлэрин, сурунаалларын библиотекаҕа бэлэх ууннулар. Хардатын, Бүлүү дьонун истиҥ махталын, улуус, куорат баһылыктарын эҕэрдэлэрин туттулар.
Ити курдук, олох бары көстүүтүн эккэ-хааҥҥа иҥэрэн, сурукка тиһэн дьоҥҥо тиэрдэр ураты дьарыктаах, биир эйгэлээх дьон көрсүһүүтэ Бүлүү куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар умнуллубат бэлиэ түгэнинэн буолла. Үбүлүөйдээх үтүө күн айар талаан айхалланна, дьоһун дьоҕур уруйданна!
Луиза Кононова, киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара.